Хатаннар Цой «Звезда по имени Солнце» ырыатын толордулар (ВИДЕО)

Бөлөххө киир:

Хатаннар  НТВ-га сахалыы ыллаатылар

Бэҕэһээ «НТВ» ханаалга норуоттар икки ардыларынааҕы “Ты — супер” бырайыак биир улахан суолталаах түһүмэҕэ буолла. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ бары күөх уоту баттаабыттарын үрдүнэн, 8 бастыҥтан биһиги оҕолорбут түөрт иһигэр киирбэтилэр, күрэхтэн туораатылар. Ол да буоллар, “Хатан” ансаамбыл Кириэмилгэ финалистар гала-кэнсиэртэригэр кыттарга путевка тутта.

Ансаамбыл бу сырыыга Виктор Цой репертуарыттан ыллаата. Онуоха, “Машина времени” бөлөх чилиэнэ тахсан олус хайҕаабыт: “Биһиги эдэрбитин санаттыгыт. Ол эрээри эһиги сааскытыгар биһиги быдан мөлтөх этибит. Эһиги олус маладьыастаргыт!”, — диэтэ.

Ыытааччы көрдөспүтүгэр солист Владимир Климовскай аны сахалыы ыллаан дуораһытта. Көрөөччүлэр, жюри чилиэннэр олус сэргээтилэр. Салгыы Госдуума дьокутаата Федот Тумусов биир дойдулаахтарын сыанаҕа тахсан эҕэрдэлээтэ.  Видеону манна көр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0