«Хатан» бөлөх туһунан сымыйа сурахха итэҕэйимэҥ!

Ааптар: 
11.03.2017
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүүтээҕи детдом “Хатан”  вокальнай-инструментальнай ансаамбыла Арассыыйа НТВ ханаалын «Ты супер!» бырайыагар олунньу 11 күнүгэр ситиһиилээхтик кыттыбытын тэлэбииһэринэн бары көрбүппүт. Уолаттар аатырбыт «Звери» бөлөх «Районы-кварталы» ырыатын олус интэриэһинэйдик толороннор, сүүмэрдиир түһүмэҕи ааһаннар, биир дойдулаахтарын үөрдүбүттэрэ.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

«Хатан» салгыы иккис түһүмэххэ кыттаары, билигин даҕаны Москваҕа баар. Кулун тутар бүтүөр диэри бэлэмнэнэллэр. Биллэн турар, үс ый кэриэтэ дойдуларыттан тэйэн сылдьыылара оҕолорго сылаалаах, ол гынан баран, ким даҕаны санаатын түһэрбэт.

Соторутааҕыта батсаабынан ВИА салайааччыта Роман Кысылбаиков маннык ис хоһоонноох суруга тарҕанна: «Оҕолор соҕуруу соччото суох усулуобуйаҕа сылдьаллар, харчылара бүтэн эрэр» диэн — сымыйа сурах, НТВ ханаал уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтин көмөлөрүнэн биһиги туохпут барыта баар, көмөҕө наадыйбаппыт. Куоластааҥҥыт эрэ өйөөҥ,» — диэн.

Бу сураҕы истээт, тута Үөһээ Бүлүүгэ баар И.И. Седалищев аатынан Тулаайах уонна төрөппүттэрин көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго көмөлөһөр киин дириэктэрин Петр Бубякины кытары төлөпүөнүнэн сибээстэстибит:
— Москваҕа тиийэн уһаан хааллылар, барбыттара номнуо үһүс ыйыгар барда эрээри, оҕолор этэҥҥэ сылдьаллар. Олорор сирдэрэ, аһыыр астара босхо — барыта үчүгэй. Бассейнҥа сылдьаллар, куонкурустарыгар бэлэмнэнэллэр. Москва таһыгар олороллор, куоракка киирэн, мусуойдарга, циркэҕэ, океанариумҥа, катокка, киинэҕэ, араас экскурсияларга сылдьаллар. Онно, биллэн турар, харчы наада буоллаҕа. Билигин барыта этэҥҥэ. Биһигини Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтэ, «Фонд будущих поколений» өйүүллэр. Иллэрээ күн оҕолорбут Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччы Юрий Куприяновы кытта көрсүбүттэрэ. Биһиги эмиэ күннэтэ видео-сибээһинэн кэпсэтэбит. Онон, соруктарын толоруохтара диэн эрэнэбит. Сахам дьоно, «Хатаннарга» куоластааҥ диэн ыҥырабын.

Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0