Киин куорат хонноҕор сытар Хатас нэһилиэгэр сахалар түөлбэлээн олороллор. Бөһүөлэк олохсуйбут түөлбэтэ син сэнэх, сэргэх көстүүлээх буоллаҕына, сэбиэскэй былаас эстиэҕиттэн өлө-өлө тиллэр тэрээһиннээх хаһаайыстыба турар сирэ сэрии буолан ааспыт хонуутун санатар.
Төгүрүччү, эргиччи – урусхалламмыт тутуу сэмнэҕэ, бөх, балбаах. Уонунан гектары тайаан сытар сиргэ харах ыларын тухары эргэ мас хотоннор баҕаналара, атахтара чороһон тураллар, олор аттыларыгар сууллан эрэр таас хотон, суол биир өттүгэр умайбыт хоспох, хочуолунай, мастарыскыай, гараж, тэпилииссэ элээмэлэрэ.
Бу айылаах бөх-сыыс, сыт-сымар тулатыгар ыаллар дьиэ-уот туттан, дьэ тулуйан-тэһийэн олороохтууллар. Манна ким хаһаайыный? Билэрдии, хаһаайыстыба эдэр салайааччытын үрдүгэр түстүм. Былырыыҥҥыттан Дьокуускай куорат дьаһалтатын дьаһалыгар киирбит, урукку «Хатас» агрофирма оннугар тэриллибит «Баҕарах» ХЭУо дириэктэрэ Станислав Сивцев чыпчылыйбакка даҕаны: «Бу сир (суол уҥуоргу өттүн ыйа-ыйа) куорат бас билиитигэр баар», – диэтэ итиэннэ кэлэр сылга, кыалыннаҕына, хаһаайыстыбатын аатыгар ылан докумуоннатар санаалаах сылдьарын эттэ.
Оччоҕуна ити суол уҥуор соҕотоҕун ойуччу турар таас хотону өрөмүөннэтиэхтээх үһү. Хотон ферматын тимир атахтарын кимнээх эрэ биирдиини көтө-көтө бысталаан ылбыттар, ол иһин хаар кэдэриччи баттаан, самнарыйан, сууллаары турар көрүҥнээх диэн быһаарда. Сэбиэскэй саҕанааҕы салайааччы Прасковья Федорова уурайыаҕыттан төһөлөөх элбэх киһи хаһаайыстыба салалтатыгар кэлэн ааста. Оҕуруктаах өттүлэрэ хаһаайыстыба сорох эргэ тутууларын чааһынайдарыгар ылбыттара пааматынньык буолан, «ааттарын ааттата» тураахтыыллар.
«Сири ыллахпытына, бөҕү-сыыһы тыраахтарынан астаран, ыраастаан, тиэйэн кэбиһиэхпит буоллаҕа», – диир дириэктэр. Этэргэ кэбэҕэһин иһин, онуоха диэри өссө хас сыл хаара ууллуо биллибэт ээ. Манна сыһыаран эттэххэ, Станислав Иннокентьевич – куорат дьокутаата, иккис сылын өрөспүүбүлүкэ уонна куорат бүддьүөттэриттэн үгүөрү соҕустук үбүлэтэн, таас хотоннорго өрөмүөн үлэтин салгыы ыыттара уонна саҥа гараж туттара сылдьар. Бу күннэргэ куорат дьокутааттарын таһааран, эбийиэктэрин көрдөрдө. Испэр, үп-харчы үөһэттэн ардах курдук түһэ турар буолан, харса суох санаалаах оҕо диэн көрдүм.
Быйыл күһүөрү сайын Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччытынан анаммыт Николай Афанасьев: «Бу хотоннор икки ардыларыгар киһи кыайан хаампат иик-саах, бөх-сах сыппытын бэйэҥ билэҕин. Онон, тиэргэнин даҕаны ыраастаппыта хайҕаллаах», – диэн миигин утары саҥардыбата. Оттон куорат уола, эдэр салайааччы Хатас олохтоохторун бэйэлэрин буруйдуурдуу тыллаһар. «Бу барыта ыаллар бөхтөрө», – диэн булгунньах курдук онно-манна өрөлөнөн сытар сыбаалка диэки ыйда. Кырдьык, манна эрдэ Хатас сэлиэнньэтэ бүтүннүү бөҕүн кутар-сүөкүүр сыбаалката олохсуйа сылдьыбыттаах. Ону тохтоппуттара эрээри, сорохтор атахтара үөрэммиччэ кэлэн тоҕоллор быһыылаах.
Сахалар барахсаттар өбүгэлэрбитигэр махтаныах кэриҥнээхпит: өскөтүн аҕыс ый кыһыннаах тоҥ-тымныы дойдуга кэлэн олохсуйбатахтара буоллар, бөхпүтүгэр-сыыспытыгар көмүллэн, кирбитигэр-хохпутугар чачайан, сытыйан-ымыйан ыал аатыттан ааспыт буолуох этибит. Сотору хаар түһэн, үллүктээн, бөхпүтүн-сахпытын бүрүйдэҕинэ санаабытыгар эмиэ чэбдигирэ, ырааһыра, тупса түһүөхпүт турдаҕа. Дьиҥэр, Тупсарыы сыла тумнубут бу Хатас Баҕараҕын курдук түөлбэ хас дэриэбинэ ахсын баар эбээт. Доҕоттор, сүрэ бэрт! Өрө тардыныахха, кэлтэйдии үөһэттэн түһэр мөлүйүөннээх көмөҕө сэлээннэнимиэххэ.
Василий НИКИФОРОВ.