Хат дьахтарга босуобуйа кээмэйэ төһөнүй?

Бөлөххө киир:

От ыйын 1 күнүттэн учуокка эрдэ турбут хат дьахталларга ый аайы бэриллэр босуобуйа олохтонор. 6-с нэдиэлэтиттэн саҕалаан, 12-с нэдиэлэҕэ диэри мэдиссиинэ тэрилтэтигэр баран учуокка турбут хат дьахтар бу босуобуйаны ылар кыахтаах, өскөтүн дьиэ кэргэн орто дохуота тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн тахсыбат буоллаҕына. Ол эбэтэр дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, дохуот тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буолуохтаах.

Босуобуйаны 6-с нэдиэлэтиттэн саҕалаан, дьахтар төрүөр диэри Биэнсийэ пуондата биэрэр. Ханнык эрэ биричиинэнэн хат буолуу тохтотулуннаҕына, босуобуйа ол кэмҥэ диэри төлөнөр. Учуокка туран баран, дьахтар 30 күн иһинэн Биэнсийэ пуондатыгар сайабылыанньа суруйуохтаах.

Босуобуйа кээмэйэ – эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарыгар тэҥнэһэр. Саха сирин киин улуустарыгар бу кэмҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу кээмэйэ (үлэһит дьоҥҥо) – 19 041 солкуобай, ол эбэтэр босуобуйа кээмэйэ – 9 520 солкуобай диэн СӨ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Хоту улуустарга бу кээмэй өссө үрдүүр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: mintrud.sakha.gov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0