Хат дьахталларга быһыыны туруоруу

Бөлөххө киир:

Саха сиригэр, эмиэ атын эрэгийиэннэргэ курдук, хат дьахталлар коронавируснай инфекциянан ыалдьаллара эбиллэ турар. Хат дьахталлар салгынынан сыстар инфекционнай ыарыыларга ордук сыстаҕастар уонна кинилэргэ бу ыарыы ордук ыараханнык ааһар.

Өссө улахан ыйааһыннаах, сүрэх-тымыр, быар-бүөр ыарыылаах, диабеттаах буоллахтарына, ордук кутталлаах. “Ковидтаабыт” хат дьахтар болдьоҕун иннинэ эрдэ төрүөн, хаана барыан, оҕото түһүөн, сайдыыта тохтоон хаалыан, о.д.а. сөп.

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 6 хат дьахтар коронавирустан өлбүтэ биллэр. Ол иһин, оннукка тиэрдибэт сыалтан, 22-с нэдиэлэттэн саҕалаан, коронавируһу утары быһыыны ылыахтарын сөп. Ийэ буоларга бэлэмнэнэр кыргыттар, дьахталлар хат буола иликтэриттэн быһыыны ылан кэбиһэллэрэ ордук.

Гамалея аатынан научнай киин оҥорбут “Спутник V” быһыыны хат дьахталларга биэрэргэ 2021 сыл бэс ыйыттан көҥүллээбиттэрэ. Урут атын быһыыны ыларга күүстээх аллергиялаах, быһыыны тулуйбат дьон уонна тумуулуу сылдьар, олоҕурбут ыарыылара бэргээбит дьон быһыыны ылбаттар. Үтүөрбүттэрин, ама буолбуттарны кэннэ ылаллара көҥүллэнэр.

Быһыыны ылан баран, 2 нэдиэлэ устата харыстанар миэрэлэри тутуһуллуохтаах, тоҕо диэтэр, иммуннай эппиэт үөскүү илик буолар, хабан ылыахха сөп. Онон хат дьахталлар бу кэмҥэ тэйиччиттэн үлэҕэ, дьиэҕэ олорон үлэлииллэрэ ордук.

Уһун өрөбүл күннэригэр бары балыыһалар, поликлиникалар, быһыыны биэрэр пууннар үлэлииллэр.

Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0