Хат дьахталларга босуобуйа

22.12.2021
Бөлөххө киир:

2021 сыл от ыйын 1 күнүттэн хат дьахталлар ый аайы босуобуйа ылар кыахтаммыттара. Усулуобуйата: 12 нэдиэлэлэрэ туолуон иннинэ бырааска учуокка туруохтаахтар уонна дьиэ кэргэн дохуота ыйдааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына.

Бу 12 нэдиэлэттэн хойутаан учуокка турдахха, босуобуйа анаммат. Ону тэҥэ, хат дьахтар 10-14, 18-22, 30-32 нэдиэлэлэригэр учуокка турбут балыыһатыгар, бырааска сылдьан, көрдөрүнүөхтээх. Балыыһаттан бырааска сылдьыбатаҕын туһунан иһитиннэрии кэллэҕинэ, босуобуйа ол ыйтан тохтотуллар.

Учуокка тураат да, сайабылыанньа биэриэххэ сөп (6-с нэдиэлэттэн саҕалаан): “Госуслуги” портал нөҥүө, эбэтэр Биэнсийэ пуондатын салаатыгар тиийэн. Дьэ, бу кэнниттэн төрүөххэ диэри ый аайы босуобуйаны ылыахха сөп. Босуобуйа кээмэйэ – эрэгийиэҥҥэ олохтоммут, үлэлиир нэһилиэнньэҕэ анаммыт тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥаарыгар тэҥнэһэр (Саха сиригэр – 9521 солкуобай).

Дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, орто дохуотун хайдах ааҕалларый? Биир сыллааҕы уопсай дохуот ааҕыллар, ол эрээри сайабылыанньа бэриллибититтэн 4 ый иннинээҕи буолуохтаах. Холобур, 2021 сыл от ыйыгар сайабылыанньа бэриллибит буоллаҕына, 2020 сыл кулун тутартан саҕалаан, 2021 ый олунньутугар диэри дохуот ааҕыллар.

Дьиэ кэргэн састаабыгар киирэллэр: хат дьахтар, кэргэнэ, сокуоннай саастарын туола илик оҕолоро уонна 23 саастарын туола илик оҕолоро (күнүскү үөрэххэ үөрэнэр уонна кэргэнэ суох буоллахтарына). Манна хамнас, босуобуйа, алимент, стипендия, о.д.а. барыта дохуокка киирсэр. Уопсай дохуоту суумалаан баран, дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнин ахсаанынан түҥэтэллэр. Бу тахсыбыт суума тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн (прожиточный минимум) намыһах буолуохтаах.

Аны туран, улахан дьон убаастанар биричиинэтэ суох үлэлээбэккэ олороллоро эмиэ учуоттанар эбит. Олох “нуул дохуоттаах” буоллахха, босуобуйа бэриллибэт. Холобур: оҕо көрөн олорор ийэ (оҕо 3 сааһыгар диэри); үлэтэ суохтар учуоттарыгар турбут киһи (6 ыйга диэри); 18-гар диэри саастаах инбэлиит оҕону, эбэтэр 1-кы группалаах инбэлиити, 80 сааһын ааспыт кырдьаҕаһы көрөн олорор киһи; 3 ыйтан ордук кэмҥэ эмтэммит; аармыйаҕа сулууспалаабыт (демобилизация кэннэ 3 ый); хаайыыга сыппыт (босхоломмутуун кэннэ 3 ый); 18 сааһын туола илик оҕону иитэр аҥаардас төрөппүт; сайабылыанньаны биэрээччи элбэх оҕолоох ыал чилиэнэ буоллаҕына – бу убаастанар биричиинэлэр.

Дьиэ кэргэн судаарыстыаннай көмөҕө наадыйар эрэ буоллаҕына, босуобуйа бэриллэр. Ол курдук, үрдүк дохуоттаах, киэҥ-куоҥ дьиэлээх-уоттаах, элбэх массыыналаах буоллаҕына, көмө оҥоһуллубат. Онон дьиэ кэргэн баайын-дуолун эмиэ көрөллөр. Холобур, дьиэ кэргэн биир кыбартыыралаах, биир дьиэлээх буоллаҕына, босуобуйаны ылар кыахтаах. Оттон ыал икки кыбартыыралаах уонна онтулара хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн, 24 кв.миэтэрэттэн улахан иэннээх буоллаҕына, бэриллибэт. Социальнай өйөбүл көмөтүнэн ылыллыбыт дьиэ баай-дуол испииһэгэр киирбэт, ол эбэтэр, ааҕыллыбат.

Баай-дуол туһунан сибидиэнньэлэр ГИБДД, “Росреестр”, Нолуок сулууспатын, о.д.а. тэрилтэлэр докумуоннарынан бэрэбиэркэлэнэллэр.

Госуслуги” порталга бигэргэммит учуот суруга (учетная запись) баар буолуохтаах. Сайабылыанньаны толорорго кэргэннии буолуу, оҕолор тустарынан, дьахтар ханнык балыыһаҕа учуокка турбутун, устудьуон оҕо баарын, дохуот баарын-суоҕун уонна дьиэ-уот туһунан сибидиэнньэлэр ирдэнэллэр. “Госуслуги” портал “Тус кэбиниэтигэр” сайабылыанньа ханнык кэрдиискэ тиийбитин, туох уларыйыы баарын көрө сылдьыахха сөп.

Бастакы босуобуйа хат буолуу 12-с нэдиэлэтиттэн дьахтар аатыгар арыллыбыт “МИР” каартаҕа түһэр. Буостанан да, атын да ньыманан харчы түспэт.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат», edersaas.ru

Хаартыска: sakhagov.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0