Чурапчыга ыытыллыбыт “Тыл – омук тыына” өрөспүүбүлүкэтээҕи пуорумҥа Анкара (Турция) Хаджеттепе университетын аныгы түүр тылын кафедратын дассыана, билим хандьыдаата Хасан Хайырсевер анаан-минээн кэлэн кыттан барда.
Семен Новгородов дойдутугар
— Хасан, икки күн устата пуорумҥа сырыттыҥ. Тус бэйэҥ хайдах сыаналыыгын?
— Сахалыы маассабай алпаабыты оҥорбут Семен Новгородов туһунан мин 10 сыл анараа өттүгэр кинигэттэн билбитим. Кини төрөөбүт сиригэр үктэнэр күннээх эбиппин диэн үөрэн турабын. Биһиги Анкараҕа былырыын саха тылыгар аналлаах норуоттар икки ардыларынааҕы улахан кэмпириэнсийэни тэрийбиппит. Ол кэмпириэнсийэҕэ Саха сириттэн биэс киһи тиийэн кыттыбыта. Атын да дойдулартан учуонайдар бааллара.
Чурапчы — саха бастакы линвист-учуонайа Семен Новгородов төрөөбүт сирэ, онон пуорум Чурапчыга ыытыллыбыта дириҥ суолталаах. Тэрээһин сыалын-соругун ситтэ. Дьон санааларын тиэртилэр, араас хайысхаҕа кэпсэтии таҕыста. Тылга болҕомто баар буоллаҕына, ол тыл сүтэн-симэлийэн биэриэ суоҕа дии саныыбын. Бу бастакы хардыы буолар, өссө сайдан иһиэхпит турдаҕа.
Биһиги, саха тыла баҕар суох буолуо диэн куттанабыт гынан баран, тыл, култуура туһугар үлэлиир, “ыалдьар” дьон элбэх. Онтон астынным.
Саха тылын туруга
— Билигин саха тылын туруга хайдаҕый?
— Саха сиригэр, Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга сүтэр кутталлаах тыллар бааллар. Үүнэр ыччат тылы үөрэппэтэҕинэ, тыл булгуччу сүтэр.
Тыл икки көрүҥнээх: ийэ тыл уонна иккис тыл (сороҕор үһүс тыл эбиллиэн сөп). Холобур, оҕо маҥнай атын омук тылын үөрэттэҕинэ, ол кэнниттэн бэйэтин төрөөбүт тылын үөрэттэҕинэ, кини бэйэтин тыла ийэ тыл буолбат, иккис тылыгар кубулуйар. Кини атын омук тылынан толкуйдуур буолар.
Оччотугар тугу дьаһанабыт? Биһиги интэриниэт үйэтигэр олоробут. Онно биир суолунан оҕолорго аналлаах мультиктар ахсааннарын элбэтэр ирдэнэр. Соторутааҕыта “Саха” НКИХ “Иза уонна Лиза” диэн сэрийээли көрбүтүм. Олус үчүгэй. Тоҕо диэтэххэ, ыччакка аналлаах. Бу курдук оҕо, ыччат интэриэһин, болҕомтотун тардыахха наада.
Сорох оҕолор саха тылын билэллэр гынан баран, үчүгэйдик саҥарбаттар. Ол оҕолору сэмэлиир сыыһа, ол оннугар интэриэстэрин күүһүрдэр ирдэнэр. Уонна ийэ тылларын билбэт оҕолорго анаан лааҕыр тэрийиэххэ сөп дии саныыбын.
Саха тылын ардыгар “эбээ тыла” диэн ааттыыбын. Сорох оҕолор нууччалыы олох ыраастык саҥараллар. Ону хайдах маннык саҥараҕын диэн ыйыттахпына: “Мин ийэ тылым – нуучча тыла диир”. Оччоҕо саха тылын ханна баһылаатыҥ диэн ыйыттахпына “ээ, миигин тыаҕа ыыппыттара, эбээм мөҕө-мөҕө үөрэппитэ” диир. Ол иһин эбээ-эһээ суолтата улахан.
Төрөппүттэргэ махтанабын
Былырыын куоракка кэлэ сылдьан санаам дэлби түһэн барбытым. Оҕолортон сахалыы билэҕин дуо, диэн ыйыттахпына “ээ, мээнэ” эбэтэр “нет” диэн кэбиһэллэр. Манна Чурапчыга кэлэн санаам көтөҕүлүннэ. Оҕолор бары сахалыы саҥараллар, тус бэйэм ааппыттан төрөппүттэргэ махтанабын.
Дьиҥэр, саха тылыгар куттал саҥа үөскээбэтэ. Өссө
1950-с сылларга Семен Данилов күннүгэр: “Саха интэлигиэнсийэтэ саха тылын билбэт. Билэр да буоллаҕына, билбэт курдук туттара-хаптара тугу этэрий? Тугу этэрий диибин эбээт?! Алааска сүүс чыычаах ыллыыра олус кэрэ. Арай, ол чыычаахтар ырыаларыттан биирэ-иккитэ сүтэн хааллаҕына, туох да сүппэт дии саныыбыт дуо?” диэн суруйан турардаах. Ол эрээри, билигин балаһыанньа уларыйдаҕа дии.
Сахалыы оҥоһуктар
— Пуорумҥа чопчу тугу биһирии көрдүҥ?
— “Уол оҕо – омук кэскилэ” диэн түһүлгэни көрдүм. Саха култууратыгар уол оҕо миэстэтин туһунан кэпсэттибит. Мин кылгастык олоҥхону кытта ситимнээн биэрдим. “Уол оҕо төрөөтөҕүнэ оннооҕор суор үөрэр”, “Оннооҕор от атах уол иччилээх” диэн саха өс хоһоонноро бааллар. Ол курдук, уол оҕо саха култууратыгар үрдүк таһымҥа турар. Олоҥхоҕо эмиэ оннук. Холобура, “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону ылан көрдөххө, уол оҕо дурда-хахха буолар аналлаах.
Иккис күн сахалыы оҥоһуктары бэлиэтии көрдүм. Мастан араас оонньуурдары оҥорбуттар. Баҕар, былыр-былыргыттан да баар оонньуурдар буолуохтарын, билигин да сөргүтүллүбүт буолуохтарын сөп. Бу сахалыы оонньуурдары киэҥник тарҕатыахха сөп этэ.
Маны түмүк тэрээһиҥҥэ эмиэ бэлиэтээтилэр. Итини таһынан, оҕолорго аналлаах араас сорудахтаах бырагыраама оҥорбуттар. Чахчы туһалаах буолсу.
— Кырдьыгын эттэххэ, сороҕор, холобур, түүлээх оонньуурдары санитарнай ирдэбилгэ эппиэттээбэт диэн хааччахтыахтарын сөп.
— Биһирээбитим диэн, бу барыта мас оҥоһуктар. Кытайтан ханнык матырыйаалтан оҥоһуллубута биллибэт оонньуурдары атыылаһабыт эбээт. Онтон ыарыы да үөскүөн сөп. Оттон балар – бары мастан.
Олоҥхоттон элбэххэ үөрэнэбин
— Олоҥхо ис хоһоонун бэркэ билэҕин эбит. Төһө элбэх олоҥхону аахпыккыный?
— Олоҥхону сөбүлүүбүн. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” уонна “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхолору аахпытым. Былырыын Саха тыйаатырыгар “Дьырыбына Дьырылыатта” диэн испэктээги көрбүтүм. Олоҥхо — саха култууратын энциклопедията. Олоҥхону сахалар үөрэххэ даҕаны туһаныахтарын, киинэ да устуохтарын сөп. Дэлэҕэ, ЮНЕСКО аан дойду шедеврдэрин испииһэгэр киириэ дуо?! Ол иһин олоҥхону тарҕатыахха наада. Биллэн турар, билигин үлэ барар, ону өссө күүһүрдэр ирдэнэр дии саныыбын.
Бу тэрээһиҥҥэ оҕолорго аналлаах олоҥхо түгэннэрэ ойуулаах кинигэни оҥорбуттарын бэлиэтии көрдүм. Суруга суох, ол эрээри, оҕо көрдө да тута өйдүүр кыахтаах.
— Ол аата олоҥхо тылынан оҕо тылын баайын сайыннарыахха сөп диэн этэҕин…
— Оҕо эрэ буолбатах, ханнык баҕарар киһи тылын саппааһа байар. Чэ, мин олоҥхону тоҕо ааҕабыный? Бастатан туран, астынабын. Сорох тылын өйдөөбөтөрбүн да, тылдьыттар көмөлөрүнэн ааҕабын. “Былыргы былдьаһыктаах дьыллар быдан мындааларыгар…”, эбэтэр “күн диэки көрдөххө күнү көхсүнэн бүөлүүр, ый диэки көрдөххө ыйы ытыһынан сабардыыр…” диэн бүппэккэ бэйэ-бэйэтиттэн ситимнэнэн уус-уран ойуулуур тыллар тахсан иһэллэр, киһи астынар. Иккиһинэн, саҥа тыллары үөрэтэбин, кэпсэтэргэ улахан туһалаах.
Людмила ПОПОВА, edersaas.ru