Хас уһуйаан, оскуола олоҕурбут көрүҥүнэн үлэлиир?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Муус устар 2 күнүнээҕи туругунан, олоҕурбут көрүҥүнэн 799 уһуйаан үлэлиир. ОРВИ уонна кириип тарҕанар нуормата аһарыллыбытынан сибээстээн, Өлүөхүмэ улууһун Маача сэлиэнньэтин “Одуванчик”, Хоро сэлиэнньэтин 10-с нүөмэрдээх “Кэскил”, Сунтаар улууһун Күндэйэ сэлиэнньэтин “Күнчээн” уһуйааннара харантыыҥҥа сабыллан тураллар.

edersaas.ru

Быстах кэмҥэ 11 уһуйааҥҥа 13 бөлөх (Дьокуускай куоракка – 8, Уус Маайаҕа – 1, Уус Алдаҥҥа – 2, Өлүөхүмэҕэ – 2) сабыылаах.

Уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн 447 оскуола олоҕурбут көрүҥүнэн (очно), 114 очно-заочно, 7 ыраахтан олорон үлэлиир. 73 оскуола  сааскы сынньалаҥҥа олорор.

Быстах кэмҥэ 10 оскуолаҕа 11 кылаас сабыллан турар. Ол курдук, хамсык дьаҥа булуллубутунан 9 (Дьокуускайга – 7, Мэҥэ Хаҥаласка – 1, Нерюнгрига — 1), ОРВИ уонна кириип тарҕанар нуормата аһарыллыбытынан Чурапчыга 2 кылаас сабыылаах.

Онтон 47 эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ олоҕурбут, 71 буккаас (смешаннай), 59 ыраахтан олорон үлэлиир.

Орто анал үөрэх 1 тэрилтэтэ ыраахтан олорон, 27 очнай-заочнай (смешаннай), 14 олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэтэр.

СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0