Хас оскуола олоҕурбут көрүҥүнэн үлэлиирий?

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 14 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ олоҕурбут көрүҥүнэн 801 оскуола иннинээҕи үөрэх тэрилтэтэ үлэлиир.

edersaas.ru

ОРВИнан сибээстээн, Бүлүү улууһун Хампа сэлиэнньэтин “Кэскил” уһуйаана сабыллан турар.

Быстах кэмҥэ үс уһуйааҥҥа үс бөлөх (Дьокуускайга – 1, Чурапчыга – 1, Тааттаҕа — 1) сабыылаах.

Онтон 342 оскуола олоҕурбут көрүҥүнэн (очно), 118 – очно-заочно, 181 – ыраахтан олорон (дистанционно) үлэлиир.

ОРВИнан сибээстээн Өлүөхүмэ улууһугар биир кылаас быстах кэмҥэ сабыллан турар.

Эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэриттэн олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) 36, буккаас көрүҥүнэн (смешанная форма) 58, ыраахтан олорон (дистанционно) 88 тэрилтэ үлэлиир.

Орто анал үөрэхтэн 14 тэрилтэ ыраахтан олорон (дистанционно), 27 тэрилтэ буккаас көрүҥүнэн (смешанная форма), 1 тэрилтэ олоҕурбут көрүҥүнэн (очно) үлэлиир.

СӨ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0