Ил Дархан Ил Түмэн дьокутаатарыгар уонна уопсастыбаннаска иһитиннэрбит Анал этиитин ким хайдах сыаналыырый?
Александр Ким-Кимэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституционнай суутун бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн дьокутаата:
– Ил Дархан Анал этиитэ өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕор улахан суолталаах. Егор Афанасьевич туруорбут соруктара баҕар, ким эрэ көрүүтүгэр ыарахан курдук буолуохтара, ол гынан баран кинилэр толоруллар кыахтаахтар. Толоруллуохтара –биһиги олоххо көрүүбүт саҥалыы, тустаах үлэбитигэр сөптөөх сыһыаннаах, тулалыыр эйгэбитигэр, айылҕабытыгар харыстабыллаах буоллахпытына. Өрөспүүбүлүкэ толоруулаах былааһын уорганнара, судаарыстыбаннай мунньах дьону-норуоту, уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытары күүспүтүн холбоон бииргэ үлэлиэхтээхпит, оччотугар өрөспүүбүлүкэбит 100 сылын дьоһуннук көрсүөхпүт. Сонуну тарҕатар маассабай сириэстибэлэр тустарынан этиллибитин эмиэ биһирии иһиттим. Чахчы, бэчээт уорганнара аһаҕас уонна түргэн буолуохтарын наада.
Раиса Сибирякова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.