Бэс ыйын 3 күнүгэр Ойуур национальнай форумун кыттыылаахтара ХИФУ КФЕН-игэр биэс былааһакканан үлэлээтилэр, баай хара тыаны туһаныы, харыстааһын, оҥорон таһаарар үлэни-хамнаһы тэрийии уо.д.а. тула киэҥ кэпсэтиини таһаардылар.
edersaas.ru
Ойуур туһунан федеральнай сокуон хайдах үлэлиирин ырытыыга анаммыт былаһаакканы Судаарыстыбаннай Дуума эрэгийиэн бэлиитикэтигэр итиэннэ Хотугу сир, Уһук Илин проблемаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Валентина Пивненко, РУДН Стратегическай чинчйиилэргэ, барыллааһыҥҥа институтун дириэктэрэ Дмитрий Егорченков салайдылар, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев эксперт буолла.
Тыл этиитигэр сүүрбэ киһи кытынна. Айылҕа ресурсатын уонна экология федеральнай министиэристибэтин Ойуур ресурсаларыгар судаарыстыбаннай бэлиитиктин департаменын дириэктэрин солбуйааччы Владимир Читоркин кэлин ылыллыбыт сокуоннар тупсаҕай ырычааҕы үөскэтэннэр көрдөрүү үрдээн иһэрин бэлиэтээтэ. Ойуур учаастактарын бастайааннай түүлэһээччилэр кэккэлэрэ үөскээн, мас соҕотуопката улааппыт. Дьоҕус уонна орто бизнес субъектарын хааччыйыы механизмыгар сыана ороскуот ыстатыйатыгар киллэриллибитэ эрэгийиэннэр бүддьүөттэригэр харчы киириитин биллэрдик улаатыннарбыт. Ойуур харыстабылыгар уонна маһы сокуоннайа суох кэрдиигэ аҕыс сокуон бырайыага оҥоһулла сылдьар эбит.
«Росохотрыболовсоюз» ассоциация бэрэсидьиэнэ Татьяна Арамилева ойуур, сир уонна булт туһунан сокуоннар бэйэ-бэйэлэрин утарсар өрүттэрэ элбэҕин бэлиэтээн, ону көннөрөргө уолдьаспытын эттэ. СӨ Бас билиигэ уонна сиргэ сыһыаннаһыыга миниистирэ Евгения Григорьева дьиэни-уоту, суолу-ииһи тутарга сир учаастагын (уһаайбаны) ылыыга ойуур пуондатын сирин нэһилиэнньэлээх пуун сиригэр көһөрүү ирдэнэрэ уустуктары үөскэтэр диэтэ. Сири биир категорияттан атыҥҥа көһөрүү федеральнай таһымынан быһаарыллар буолан, элбэх бириэмэни эрэйэрин түмүгэр, үс сылга түөрт эрэ учаастак сирэ көһөрүллүбүтүн, сүүһүнэн сайаапка саҥаттан оҥорорго төннөрүллүбүтүн холобурдаан, боппуруоһу судургутутарга эттэ. Экология уонна айылҕаны туһаныы миниистирин солбуйааччы Алексей Агеев ойуур баһаардарын умуруорууга федерацияттан үп көрүллүүтүн улаатыннарарга уонна баһаары умуруорууга сылдьар дьону босхо аһатыыны сокуонунан бигэргэтэргэ эттэ.
Бэһис былаһаакка үлэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр айылҕаны туһаныы уратыларыгар туһуланна. Модератордарынан Федерация Сэбиэтин федеративнай тутулга, эрэгийиэн бэлиитикэтигэр, олохтоох салайыныыга уонна Хотугу сир дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексанр Акимов итиэннэ РУДН Стратегическай чинчйиилэргэ, барыллааһыҥҥа институтун дириэктэрин солбуйааччы Никита Данюк, экспердинэн Судаарыстыбаннай Дуума бүддьүөккэ уонна нолуоктарга кэмитиэтин чилиэнэ Галина Данчикова үлэлээтилэр.
Учуонайдар Саха сирин айылҕатын уратытын, маһы кэрдии ирбэт тоҥҥо оҥорор сабыдыалын туһунан наука чинчийиилэригэр олоҕуран билиһиннэрдилэр. Арктиканы сайыннарыы уонна Хотугу омуктар дьыалаларын миниистирин солбуйааччы Михаил Погодаев төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар бырааптарын мэктиэлиир сокуон уонна Ойуур туһунан сокуон сөп түбэһиспэт өрүттэрин бэлиэтээтэ. Ону көннөрөр сыалтан ойуур пуондатыгар сылдьар таба мэччирэҥин туспа категорияҕа киллэрэр, Сибиир уонна Уһук Илин аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар общиналарыгар сир учаастактарын босхо, бултуурга көҥүлү аукциона суох биэрэр, ойууру туһаныыга “үгэс буолбут хотугу төрүт дьарыгы харыстыыр, сайыннарар үлэни-хамнаһы тэрийиигэ туһаныы” диэн саҥа көрүҥү киллэрэр уонна төрүт дьарыгы харыстыыр, сайыннарар үлэни-хамнаһы тэрийиигэ итиэннэ онно сыһыаннаах эбийиэктэри тутууга ойуур сирин пуондатыттан сир учаастагын биэрэри көҥүллүүр туһунан уларытыылары тустаах сокуоҥҥа киллэрэргэ туруоруста.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев учуонайдары кытары кыттыһан ыытыллыбыт чинчийии көрдөрөрүнэн, кур лаҥха буолбут сэтиэнэх оту уматан ыраастаатахха ходуһа үүнүүтэ икки төгүл үрдүүрэ дакаастаммытын уонна сүөһүнү-сылгыны иитэр саха омугар бу төрүт үгэс буоларын быһааран, өртөөһүнү ыытыыны көҥүллүүр туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонун федерация өйүүрүгэр эттэ. Өртөөһүнү ыытыыны сэттэ эрэгийиэн (Камчатка, Хабаровскай кыраай, Магадан, Мурманскай, Иркутскай уобаластар, Ямал-Ненец, Ханты-Манси аптаныамынай уокуруктар) өйүүллэрин санатта.
Форумҥа айылҕа уунар бэлэҕин туһаҕа таһаарыыга боччумнаах хардыы оҥоһулунна. Ил Дархан Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын стратегиятын туһунан ыйааҕар олохтоох бородууксуйаны оҥоруу таһымын үрдэтэргэ, ол иһигэр саамай хаалан иһэр салааны, сир аһын соҕотуопкатын, сөргүтэргэ эппитэ. Саха сиригэр сылга 2,5 мөлүйүөн туонна отон үүнэриттэн 150 туонната эрэ соҕотуопкаланарын учуотааннар, улуустардааҕы астыыр кэпэрэтииптэр бу салааҕа күүһү түмэн үлэлииргэ быһаарынан, 2019 сыл саҕаланыытыгар “Дикоросы Якутии” өрөспүүбүлүкэтээҕи потребительскэй кэпэрэтииби тэрийбиттэрэ, бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн Семен Иванову талбыттара. Сир аһын тутан, астаан бэйэни хааччынары таһынан атын эрэгийиэннэргэ тахсарга суоттанан, бииргэ үлэлиир партнердары көрдөөбүттэрэ. Ол түмүгэр, форум кэмигэр “Амма” ТХПК салайааччыта Айысыан Черноградскай 90 туонна отону батарарга Иркутскайдааҕы “Дикоросы” ассоциация бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Александр Деевы кытары сөбүлэҥ түһэристэ. Бу уобалас эрэстэрээннэрэ сылга 1 мөлүйүөн солкуобайдаах сир аһын дойду арҕааҥҥы уобаластарыттан уонна Кытайтан атыылаһаллар эбит, үп дойду таһыгар тахсарын кэрэйэннэр, ыаллыы эрэгийиэннэри, ол иһигэр Саха сирин кытары, бииргэ үлэлииргэ быһаарыммыттар, оттон “Дикоросы Якутии” кэпэрэтиип атаҕар турарыгар, Сибиир ырыынагар тахсарыгар тирэх наада.
ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” култуурунай киинигэр тэриллибит Ойуур национальнай форумун түмүктүүр мунньаҕар модератордар былаһааккалар үлэлэрин туһунан иһитиннэрдилэр. Ил Түмэн Бэрэсэдээтэлэ Петр Гоголев киирбит этиилэри барытын түмэн, ойуурга сыһыаннаах федеральнай сокуоннары тупсарыыга улахан этиини оҥордо. Ол иһигэр ойуур баһаардарын умуруорууга субвенция көрүллэр ырычааҕын оҥорорго эрэгийиэннэр уратыларын учуоттуур наадатын эттэ.
— Биллэн турар, итэҕэс-быһаҕас биир-икки күн иһигэр көннөрүллэ охсубата өйдөнөр, ол эрээри, киирбит бары этиилэр болҕомтоҕо ылылыннылар, — диэтэ Николай Николаев түмүк тылы этэригэр. — Бу форумҥа ойуур комплексыгар тыын суолталаах боппуруостар, чуолаан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эрэ буолбакка, Уһук Илин федеральнай уокурук үрдүнэн быһаарыыны эрэйэр кыһалҕалар дьүүллэһилиннилэр. Ону федеральнай таһымынан учуокка ылар олус наада, тоҕо диэтэххэ, биһиги Судаарыстыбаннай Дуумаҕа ылар сокуоннарбыт дьон туһугар үлэлиэхтээхтэр, дьоҥҥо туһалыахтаахтар. Сокуону оҥорор уорганнар толоруулаах былаас уорганнарын уопсастыбаннай хамсааһыны кытары атах тэпсэн олорон кэскиллээҕи кэпсэтэрбит, үлэни-хамнаһы ырытыһарбыт сокуону оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтэр, парламент хонтуруолун тупсарар сыаллаахтар.
Форум түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур комплексын салгыы сайыннарыыга тирэх буолар резолюция ылынылынна.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru