Харыстанар маасканы мээнэ быраҕымаҥ

Ааптар: 
02.05.2020
Бөлөххө киир:

Туһаммыт харыстанар сириэстибэлэргитин тутатына бөх биэдэрэтигэр быраҕымаҥ. Маны хайдах дьаһайар туһунан Арассыыйа ЫБММ Бүтүн Арассыыйатааҕы Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга кыһалҕаларыгар НЧИ-гар кэпсээтилэр.

edersaas.ru

Мэдиссиинэ мааскалара кэккэ түгэннэргэ кутталлаахтар. Институт исписэлиистэрин сүбэтинэн, таһырдьаттан дьиэҕитигэр киирэн баран мааскаҕытын уонна бэрчээккини сэрэнэн устуҥ уонна салапаан бакыакка угуҥ.
Бу бакыаты баайан баран, оҕо тыыппат сиригэр тэйиччи эбэтэр бөх биэдэрэтигэр эбэтэр болкуоҥҥа үс хонук тутуҥ. Мааскаҕа уонна бэрчээккигэ вирус баар буоллаҕына, ити хонук устата өлүөҕэ. Өскөтүн мааскаҕытын устаат да бөх биэдэрэтигэр таах быраҕан баран, биэдэрэлээх бөххүтүн таһырдьа тоҕо таҕыстаххытына, вирус эһиэхэ сыстар кутталлаах. Ону ааһан эн аттыгынан ааһан иһэр киһиэхэ эмиэ кутталы үөскэтэр.
Онон уулуссаттан кэллигит даҕаны туһаммыт көмүскэнэр-харыстанар сириэстибэлэргитин туспа салапаан бакыакка угаргыт булгуччулаах, — диэтилэр биэдэмистибэ үлэһиттэрэ.

Тимофей Борисов, “Российская газета” хаһыат
Бэлэмнээтэ Женни СТРЮКОВА
Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0