Оҕолргутугар анаан харысхалла оҥоруҥ
Биир быыстапкаҕа сылдьан, интэриэһинэй оҥоһуктарга хараҕым хатаммыта. Бу оҥоһуктар аҥардас ураннык оҥоһуллубут туттар мал буолбатах этилэр. Киэҥ, дириҥ суолталаах уонна умнуллубуту сөргүтэн, күннээҕи олоххо туттуллар, күүстээх дьайыылаах оҥоһуктар этэ.
Онон, харысхаллары оҥоруунан дьарыктанар норуот маастара Ульяна Михайлованы-Маай кыыһын кытары билсибитим. Кини Амма улууһун Болугуругар “Колосок” уһуйааҥҥа иитээччинэн үлэлиир. Урут оҕуруонан синньэлиир (быысыбайдыыр) эбит. Оҕуруо киэргэллээх сиэдэрэй маллаах иһиттэри, паннолары оҥортуур.
2008 сыллаахха “Симэх” галерея ырыаһыт Анастасия Варламова 60 сааһыгар аналлаах “Биһик – дьиэ кэргэн дьоло” диэн биһик ырыатыгар, харысхаллары оҥорууга күрэс тэрийбитэ. Ульяна Майродовна интэриэһиргээн, аан бастаан манна кыттарга санаммыта. Арай өйдөөбүтэ – аныгы олоххо сахалыы харысхаллар өйдөбүллэрэ умнулла быһыытыйбыттар, туттуллубат буолбуттар. Онон, бастатан туран, хасыһан үөрэппитинэн киирэн барбыт. Аныгы олоххо бу харысхаллары хайдах сөп түбэһиннэриэххэ уонна салгыы сайыннарыахха сөбүн туһунан элбэхтик толкуйдаабыт.
Бу күрэскэ кини “Оҕо ымыыта” диэн харысхалынан бастаабыт. Онтон эр ылан, салгыы сайыннаран киирэн барбыт. Оҕото кытта интэриэһиргээн, чинчийэн, Казань куоракка “Инникигэ хардыы” форумҥа баран ситиһиилээхтик кыттан кэлбит.
Харысхал суолтата
—Мин ийэ буоларым быһыытынан уонна оҕону иитии эйгэтигэр үлэлиирбинэн, идэм хайысхатынан «Оҕо саас харыстабыла» диэн өйдөбүлү кураанах тыл быһыытынан ылыммаппын, — диэн кэпсиир кини. — Оҕо диэн ыал дьоло, ымыыта, норуот эрэлэ, инники кэскилэ. Оҕоттон ураты орто дойдуга сүрэҕи сылаанньытар минньигэс, сүргэни көтөҕөр үрдүк дьол суох.
Сахаҕа харыстабыл култуурата Айыы киһитин майгытынан бэриллэр. Ол да иһин «Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас» диэн этэн эрдэхтэрэ. Саха – олус оҕомсох омук. Былыр да, аны да оҕолонууну үрдүк дьолунан, кэрээбэт кэскилинэн ааҕаллара. Саха саныырынан, элбэх ыччат – таҥара маанылаабыт күндү бэлэҕэ. Ол иһинбылыр-былыргыттан кэнчээри ыччатын харыстаан Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэр аналлаах, алгыс тылын күүһүрдэр, дьайы үргүтэр, куһаҕан тыынтан сэрэтэр, араҥаччылыыр харысхал бэлиэлэри, ымыылары туһанара (дьайаалар, тыатааҕы баппаҕайа, саһыл тумса, кыыл-көтөр тыҥыраҕа уо.д.а.)
Ульяна Майродовна оҕо ымыыларын, харысхалларын сүрүннээн айылҕа матырыйаалларыттан, оҕуруонан тиһэн оҥорон барбыт. Саха ойуута-оhуора – алгыс тыыннаах, харыстыыр, араҥаччылыыр сэhэннээх-кэпсээннээх диэн санааттан оҕолоругар, аймахтарын сиэннэригэр анаан харысхал суолталаан туттар малы-тэрили, таҥаhы-сабы айан-тутан оҥорор, иистэнэр буолбут.
Кини этэринэн, оҕо иитиитигэр ымыылары, харысхал бэлиэлэрин, өйдөбүллэрин киэҥник туттуохпутун наада. Тоҕо?
—Билиҥҥи глобализация үйэтигэр омук быһыытынан суураллар, симэлийэр куттал баар. Тылбытын, ураты култуурабытын, фольклорбутун харахпыт харатын курдук харыстыахтаахпыт. Хас биирдии ыалга саха философиятыгар, норуот педагогикатыгар олоҕурбут төрүт өйдөбүллэр киириэхтэрин наада, ол иһигэр ымыы, харысхал бэлиэлэрбит эмиэ. Бастатан туран, бэйэбит киэнэ. Элбэх ыалы, киһини хаба сатыахтаахпыт.
Оччоҕуна оҕо “төрөппүттэрим миигин таптыыллар, харыстыыллар” диэн билинэ, тапталга, үтүө сыһыаҥҥа сууланан улаатар. Өбүгэ үгэһин, сиэрин-туомун кыра сааһыттан иҥэринэр.
Иккис суолтата — итэҕэли, санааны күүһүрдүү. Өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас, олохторо-дьаһахтара айылҕаттан тутулуктаах буолан, итэҕэллэрэ күүстээх этэ. Айыыларга, иччилэргэ итэҕэйэн, кинилэргэ сүгүрүйэн, көрдөһөн-ааттаһан санааларын бөҕөргөтөллөрө, этэҥҥэ олороллоро.
Билиҥҥи киһи итэҕэйдин-итэҕэйбэтин – биллибэт күүстэр, атын, чараас эйгэ син биир баар. Биһиги – итэҕэлэ суох иитиллибит көлүөнэбит. Киһи итэҕэлгэ араас суолунан кэлэр. Кыһалҕаҕа ыктаран, барар сирэ баҕана үүтэ буолан… Эбэтэр итэҕэли киһи элбэҕи ааҕан, хасыһан иҥэриниэн эмиэ сөп. Ол эрээри, итэҕэл оҕо эрдэхтэн, ийэ үүтүн кытта иҥэриллэрэ ордук. Кимиэхэ, туохха эрэ итэҕэйэн, эрэнэн эрэ эн үтүөнү ыралыыгын, бэйэҕэр тардаҕын. Оҕом харысхаллаах диэн санааҕын күүһүрдэҕин, бөҕөргөтөҕүн. Ол санааҥ оҕоҕор бэриллэр.
Сахаҕа ойуу-мандар, оһуор суолтата олус киэҥ. Кини аҥардас киэргэл эрэ буолбакка, омукпут өйүн-санаатын, философиятын бүтүннүү илдьэ сылдьар култуурабыт биир сүрүн көрүҥэ буолар. Ойууга-бичиккэ биһиги өбүгэлэрбит кэнэҕэски ыччаттарын алҕаабыт эбиттэр: кэхтибэт кэскиллээх, кэтит олохтоох кэрэ дьон буолуҥ, үүнэ-сайда туруҥ, төрөөҥ-ууһааҥ, иллээхтик олоруҥ диэн.
Ульяна Майродовна этэринэн, төрөппүт оҕотугар анаан, үтүөнү санаан тикпитэ-уһаммыта барыта араҥаччылыыр, алгыстаах, суолталаах буолар. Ол оҥоһуга сахалыы ойуулаах-оһуордаах буоллаҕына, ис хоһооно дириҥиир, харыстыыр дьайыыта күүһүрэр, ымыыга кубулуйар. Онон норуот маастара оҕоҕутугар анаан бэйэҕит харысхалы оҥороргутугар ыҥырар. Кини оҥоһуктарын үтүктэллэрин утарбат – төһөнөн элбэх киһи туһанар да, соччонон үчүгэй. “Мин ылбыт билиибин баттаан сыппакка, дьоҥҥо тарҕатыахтаахпын”, — диир кини.
Харысхаллар көрүҥнэрэ:
Алаадьы курдук хаптаҕай тааһы булан, оҕо биһигэр угаллара. Оҕо кута чараас, туохтан эрэ соһуйан кута ыстамматын диэн оннук дьаһаналлара.
Үүттээх таас – бу хамсаабат харах. Атын омуктарга эмиэ бу өйдөбүл баар. Дойдутугар өр сылдьыбатах киһи үүттээх тааһы илдьэ барыахтаах. Ынах эмиийэ бааһырдаҕына, маннык таас дьөлөҕөһүнэн тыктаран ыатахха, үтүөрэр.
Биэс харах — Үрүҥ Айыы Тойон оҕотун орто туруу дойду айанын суолугар оһол-моһол манаабатын, кэлэр суолугар кэтээбэтин, бу ийэ ууһун уһун олоҕун куһаҕан тыын буулаабатын, уоттаах харах уоран көрбөтүн диэн «биэс харахтаах» харысхал ойууну анньаллар.
Сыахай — таҥас сыыһыттан, өрбөхтөн оҕолор сыахай (куукула) оҥостон оонньууллара. Нуучча норуотугар «кукла-оберег» диэн оҕо ымыыта баар. Бу өрбөх куукулаларга сирэйдэрэ уруһуйдаммат, оччоҕо оонньууртан харысхалга кубулуйар. Маннык сыахайы оҕо биһигэр ыйыыллара, куһаҕан тыыны үтэйэр.
Оҕуруоттан оҥоһуллар ымыылар — былыр оҕуруону күүстээх харысхал быһыытынан ылыналлара. Киһи кута оҕуруо дьөлөҕөһүгэр киирэн саһыан сөп диэн саныыллара. Сахалар оҕуруону таҥаска тигэн, харыстыыр оһуордары тиһэн, суолтатын дириҥэтэллэрэ. Ону тэҥэ симэх тыаһа эмиэ ыраастыыр, арчылыыр суолталааҕа.
Күбэйэ – сымыыт (төрөөһүн), сүрэх (таптал), хааппыла (уу – олох төрдө), ураһа (алаһа дьиэ) бэлиэлэрдээх. Үөскэх тапталга сууланан улаатыахтаах диэн өйдөбүллээх.
Ангелина ВАСИЛЬЕВА