Харысхал оҥоробут (Маастар-кылаас)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Сааскы маҥнайгы бырааһынньык – Аан дойду дьахталларын күнэ чугаһаабытынан, бүгүн биһиги бэйэбит илиибитинэн күндү дьоммутугар, кэрэ аҥаардарбытыгар бэлэх оҥорорго үөрэниэхпит. Харысхаллаах хартыынаны киэргэтэн, ойуулаан таһаарыахпыт.

Варвара Попова, edersaas.ru, “Саха сирэ” хаһыат

Биһиэхэ наада: фоторамка, өстүөкүлэҕэ, керамикаҕа аналлаах контурнай кырааскалар, харысхал ойуулаах «А4» кумааҕы трафарет (эбэтэр бэйэ баҕатынан ханнык баҕарар ойуу, хартыына буолуон сөп), испииртээх убаҕас (биһиги аптекаҕа атыыланар испииртээх салфетканы туһанныбыт), өҥнөөх кумааҕы, киэргэтэргэ анаан араас стразалар, оҕуруолар.

1) Бастаан фоторамкабытын үлэлииргэ сөптөөх гына бэлэмниибит. Испииртээх салпыакканан сыатын-арыытын, быылын сотобут. Итиэннэ трафареппытын фоторамкабыт иһигэр угабыт.


2) Ойуубутун түһэрэрбитигэр контурнай кырааскаларбытыттан биир сүрүн өҥү талабыт, ону кытта дьүөрэлээн икки-үс дьүһүнү ылабыт.


3) Контурбутун трафареппыт үрдүнэн көнөтүк тутан, сэрэнэн ыган кыра төкүнүктэри түһэртиибит. Төкүнүктэрбит кээмэйдэрэ контурбутун хайдах ыгарбытыттан тутулуктаах.


4) Ити курдук төкүнүктэри биирдии-биирдии түһэрэн баран иһэбит. Манна даҕатан эттэххэ, контурнай кырааскаларбыт таҥаска уонна өстүөкүлэҕэ аналлаах диэн арахсаллар. Өстүөкүлэ контура таҥас контурунааҕар хойуу буолар. Ол эрээри, өстүөкүлэҕэ уруһуйдуурга иккиэн барсаллар.



5) Уруһуйдуу олорон алҕас марайдыыр түгэммитигэр ватнай палочканан ыраастыыбыт.

6) Ойуубутун стразанан эбэтэр оҕуруоларынан киэргэтэн биэриэххэ сөп.

7) Ойуубутун түһэрэн, кырааскабыт кууран, харысхалбыт бэлэм буолбутун кэннэ, бэйэ сөбүлүүрүнэн өҥнөөх кумааҕынан фоннаан биэрэбит. Сааскы бырааһынньыгынан күндү дьоммутугар бэлэхпит бэлэм. Кэлэн иһэр Аан дойду дьахталларын күнүнэн!


«Дьиэ кэргэн» — ыалы бөҕөргөтүү харысхала


«Саһыл тумса» — баай-дуол, ситиһии харысхала

Маастар-кылаас СӨ Ыччат уонна дьиэ кэргэн министиэристибэтин иһинэн үлэлиир Дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччакка социальнай-психологическай өйөбүл оҥорор киин исписэлииһэ Зинаида Попова “Преображение” диэн дьахталларга аналлаах бырайыагын чэрчитинэн бэлэмнэннэ.
Варвара Попова, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0