Харысхал айымньыларыгар бэлиэтээһиннэр

Бөлөххө киир:

Биллэр суруйааччы, драматург В.Е.Васильев—Харысхал аата-суола айар эйгэҕэ, норуокка 1970 сыллар ортолоруттан биллибитэ.

edersaas.ru

Суруйааччы “Тураҕааскы”, “Туу-хаах”, “Эһэм эһэтэ”, “Аҕаа!” диэн кэпсээннэрин ааҕааччы тута ылыммыта, сөбүлээбитэ. Кини айымньыларын сүрүн ис номоҕо – төрөөбүт дойдуга таптал, тулалыыр эйгэҕэ, кыылга-харамайга, чугас дьоҥҥор харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга өй угар, толкуйдатар. Хас биирдии киһи омугуттан тутулуга суох тирэх сыаннастары билиэхтээх, онно дьулуһуохтаах.

Василий Егорович кэпсээннэрэ ааҕааччыны сүрүн сыаннастарга: төрөөбүт дойдуну таптыырга, ийэни-аҕаны ытыктыырга, айылҕаны харыстыырга, бэйэ бодотун тардынарга иитэллэр, үөрэтэллэр.

Төрөөбүт дойду тиэмэтэ суруйааччы айар үлэтигэр биир сүрүнүнэн буолар. Төрөөбүт дойду ураты кэрэтин, төрөөбүт буор сыттыын- сымардыын, салгынныын уратытын ааптар үгүс кэпсээннэригэр ааҕааччыга тиийэр гына  итэҕэтиилээхтик суруйар. Холобур, ”Тураҕааскы” диэн кэпсээнигэр төрөөбүт дойду ахтылҕанын күүһүн киһи эрэ буолбакка, икки атахтаах саамай бастыҥ доҕоро дьөһөгөй оҕото эмиэ билэрин, суохтуурун суруйааччы маннык тылларынан тиэрдэр: “Дойдутуттан тэйээтин Тураҕааскыны урут хаһан да билбэтэх санаа ыарыыта буулаабыта. Ол ыарыы төрөөбүт алаас ахтылҕана буоларын онно эрэ билбитэ”.

Суруйааччы  төрөөбүт дойдутун историятын, Амма биллэр дьоннорун олохторун утумнаахтык үөрэтэр, чинчийэр. Быыс буллар эрэ Амма дьонун, ыччаттарын кытта көрсүһэр, биир дойдулаахтарыгар төһө кыалларынан көмөлөһөр.

Улуус патриота

Василий Егорович  Амма улууһун дьиҥнээх патриота. Кини суруналыыс Саргылаана Данилованы кытары кэпсэтиитигэр Амма улууһун историятын, инники кэскилин туһунан санаатын аһаҕастык эппитин холобур быһыытынан аҕалыахха сөп: «Аан бастаан суруйарым, үлэһит буоларым саҕана аммалары наһаа сэнииллэр этэ. Онтон дьэ кэнники историяны хасыһан өйдөөтүм. Ол иһин, бастакы айымньыларбыттан дойдум дьонун үөһээ таһаарыахха, кинилэр тустарынан сахалар, омук сирин дьоно билэллэрин курдук айымньыбын суруйуохтаахпын диэн санаа бигэтик киирбитэ. Туох баар сүрүн айымньыларым дьоруойдарынан аммалар буолбуттара. Бастакы айымньым Амма туһунан, пьесам аата “Аммаҕа саас этэ”».

Василий Егорович ааҕааччылары кытта үгүс сылларга иһигэр иитиэхтээн сылдьыбыт бүччүм санааларын кимтэн да кистээбэккэ аһаҕастык этэриттэн да көрдөххө, киһи быһыытынан биир сүрүннээҕэ, кырдьыксыта тута биллэр.

Харысхал  айымньыларыгар Амма хатыламмат кэрэ айылҕатын, ытык сирдэрин  ааҕааччы дууһатын таарыйар курдук суруйар, үйэтитэр. Кэпсээннэрин ааҕа олорон Амма кэрэ айылҕатын санаан, ахтан кэлэҕин. Кэпсээннэрэ айылҕа баайын, кэрэтин сыаналыырга, харыстыырга эдэр ааҕааччыны үөрэтэр, иитэр-такайар ис номохтоохтор.

«Аҕаа!» кэпсээнэ

Баһылай Харысхал “Аҕаа!” кэпсээнигэр төрөөбүт дойду киһи өйүгэр-санаатыгар олус күндүтүн, ыҥырар-угуйар күүһүн аахпыт эрэ киһини итэҕэтэрдии, ылыннарыылаахтык суруйар. “Аҕаа” кэпсээн сүрүн проблемата төрөөбүт дойдуга таптал. Ааптар бу дьоҕус кэпсээнигэр киһи психологиятын, саха киһитин майгытын уратытын таба арыйар дьоҕурдааҕын көрдөрөр.

Кэпсээн сүрүн дьоруойа — төрөөбүт дойдутуттан ыраах үрдүк үөрэххэ үөрэнэр эдэр уол. Уол аҕатын туһунан “Мин оҕонньорум туһугар эмиэ саха аймахха өтөрүнэн хатыламмат киһи” диэн быһаарарыттан сэрэйдэххэ, кинилэр дьиэ кэргэннэригэр аҕа оруола, аҕа тыла ыйааһыннааҕын ааҕааччы тута өйдүүр. Аҕа кимин-тугун, оҕотугар сыһыанын уол бэйэтин тылыттан билэбит. Аҕа ис мэтириэтэ ааҕааччы маҥнайгы ылыныытыгар тыйыс, кытаанах курдук, ол эрээри, аҕа ис дьиҥэр олус уйаҕас, чараас дууһалааҕын кини суругуттан билэбит. Өр сылларга санаа ыарыыта гынан илдьэ сылдьыбыт дууһатын кистэлэҥин оҕотугар эрэ арыйар.

Аҕа суруга саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри төрөөбүт дойдуга таптал, ахтылҕан тыынынан илгийэр.Ааптар Амма суорба таас хайаларын, харыйа арыытын, араҕас кумах хаймыылаах Амма эбэни ойуулааһына биһиги дойдубут хатыламмат көстүүтүн толору арыйар, төрөөбүт дойдунан киэн туттар өйү-санааны саҕар, уһугуннарар.

“Аҕаа!” кэпсээҥҥэ төрөппүт уонна оҕо сыһыана ааҕааччыны толкуйдатар, тус бэйэҕин, чугас дьоҥҥор сыһыаҥҥын ырытаргар, сыаналанаргар төрүөт буолар. Кэпсээн Ылдьаа монологунан түмүктэнэр. Уол аҕатыгар хаһан да эппэтэх истиҥ тылларын этэргэ ыксыыр. Кини аҕата кырдьан мөлтөөбүтүн, иитиллибит иэһин төлүүр кэмэ кэлбитин өйүнэн-санаатынан таайар, сэрэйэр. Кэпсээн түмүгэ аһаҕас да буоллар, ааҕааччы Ылдьаа аҕатын баҕа санаатын толорорго дьулуһан, өйүн-санаатын тутан олоххо эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыа диэн сэрэйэр.

Суруйааччы  Баһылай Харысхал бу кэпсээнигэр саха суруйааччыларын үгэстэрин салҕаан, эр киһи, уол оҕо проблематын  көтөҕөр. Саха норуота өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит биир сүрүн өйдөбүлэ – уол оҕо аҕа олоҕун салгыахтаах, сирдээх-уоттаах буолуохтаах диэн.

«Сүтэрсибит сүрэхтэр»

”Сүтэрсибит сүрэхтэр” сэһэҥҥэ киһи төрөөбүт дойдутун кытта быстыспат ситимин дириҥник ойуулаан көрдөрөр.

Харысхал бу сэһэнин Амма биир саамай кэрэ айылҕалаах Лээги нэһилиэгин ыччаттарыгар аныыр. Сэһэн саҕаланыыта тута ааҕааччы интэриэһин тардар, дьоруойдар дьылҕаларын билээри айымньы событиетын батыһан, биир тыынынан ааҕаҕын.

”Сүтэрсибит сүрэхтэр” сэһэҥҥэ суруйааччы дьон уустук сыһыанын, сэбиэскэй былаас политикатын, уларыта тутуу сылларын саас сааһынан итэҕэтиилээхтик суруйар. Василий Егорович бу ааттаныллыбыт айымньыларын болҕойон аахтахха, элбэх майгыннаһар өрүттээхтэр диэн түмүккэ кэлэҕин.

Бастатан туран, биир нэһилиэк айылҕатын, сирин-уотун, историятын, географическай уратытын кырдьыктаахтык ойуулуур.

Иккиһинэн, киһи психологиятын, дьоруойдар ис туруктарын ойуулааһына ураты күүстээх.

Үсүһүнэн, айымньылар көтөҕөр проблемалара, сүрүн ис номохторо биир ситимнээхтэр.

Харысхал Лээги кэрэ айылҕатын, историятын кырдьыктаахтык суруйбута биһиэхэ, эдэр ааҕааччыларга, сонун уонна интэриэһинэй.

Сардаана РОМАНОВА, Саха сирэ” хаһыат,  edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0