Харыйалаах Уола: «Хоһоон кырдьыгы этиэхтээх…»

Ааптар: 
13.04.2021
Бөлөххө киир:

Үөһээ Бүлүү улууһун  Кэнтик нэһилиэгэр биэс кыыстаах Васильевтар дьиэ кэргэннэригэр күүтүүлээх-кэтэһиилээх уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Билигин Дүллүкү нэһилиэгэр олорор. Олохтоох оскуолаҕа оробуочайынан үлэлиир, тыа сирин олохтооҕун сиэринэн сүөһү, сылгы ииттэр. Кэргэннээх, үс оҕо тапталлаах аҕата. Николай илиитин араарбакка суруйар хомоҕой хоһоонньут. Саха сирин эдэр суруйааччыларын XXI уонна  ХXII сүбэ мунньахтарын кыттыылааҕа, Н.Д.Неустроев аатынан бириэмийэ лауреата. Ааспыт ыйга Былатыан  Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар айар киэһэтэ буолан ааспыта.

Николай, дьэ хаһааҥҥыттан хоһоон суруйуутунан дьарыктаммыккыный? Онно туох төрүөт буолбутай?

— Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар, ахсыс-тохсус кылааска быһыылааҕа, аан маҥнай кыыһы кытары доҕордоһуубуттан хоһоон суруйан саҕалаабытым. Доҕордонон баран үөрэҕин даҕаны, хомойоҕун даҕаны – санаа оонньуур буоллаҕа. Ол саҕана биир дэриэбинэҕэ чугас-чугас олорон кэпсэппэккэ көрсүбэккэ эрэ суруйсар үгэс баара. Сурук суруйан бооччойон баран суулаан, аадырыстаан кылааһым оҕотунан киниэхэ ыытабын. Оттон сурук хардатын кини бииргэ үөрэнэр оҕото аҕалан биэрэр.  Оннук суруйсан. Ол саҕанааҕы биллэр ырыалары истэҕин уонна ол ырыа тылларын сурунаҕын. Онтон сиэттэрэн кыралаан хоһоон суруйан киирэн барбытым. Бастаан проза кинигэлэрин ааҕар этим, онтон ахсыска-тохсуска поэзияны ордук интэриэһиргээн ааҕар буолбутум.  Улуу нуучча  классиктарын Пушкин, Есенин хоһооннорум умсугуйан ааҕарым. Онтон сыыйа саха литературатыгар киирбитим. Иван Арбита, Тимофей Сметанин хоһооннорун тартаран ааҕабын. Эргийэн кэлэ кэлэ өрүү ааҕар поэтым буолбута. 

Хайдах турукка сылдьарбынан – онуоха дьүөрэлии хоһоону сөбүлээн ааҕар эбиппин. Ким эмэ “Бу наһаа үчүгэй хоһоон” диэтэҕинэ, ааҕан баран хайдах эрэ сэҥээримиэхпин, өйдөөмүөхпүн сөп. Тоҕо диэтэргин ол хоһоон туруга миэхэ суох. Ханнык эрэ кэмҥэ ол хоһоону ааҕан баран “Тыый бэртээхэй хоһоон” диэн сэҥээриэхпин сөп.   

Саамай уһуннук сыл курдук тохтуу сылдьыбытым. Ол иннинэ тохтуу-тохтуу кыра кыралаан хоһоон суруйарга холонон суруйа сылдьар кэмим этэ. 2002 с оскуоланы бүтэрэн баран, Мииринэй куоракка омук тылын салаатыгар туттарсан киирбитим. Онно бастакы кууруска үөрэнэ сылдьан үөрэхпин бырахпытым. Ол сыл уон аҕыспын туолан аҕа дойдубар ытык иэспин төлүү армия кэккэтигэр сулууспалыы Тиксиигэ барабын. Ол саҕана сулууспа икки сыллаах этэ, дедовщина ыарахан тыына биллэрэ. Дьиэтиттэн уһуннук тэлэһийбэтэх оҕо дойдубун, дьоммун ахтарым ханна барыай?

Оҕо эрдэхпиттэн өрүү көмүскэтэр, суолбун арыйан биэрэр киһилээх сырыттаҕым. Мииринэйгэ тиийбиппэр бииргэ төрөөбүт эдьиийим көрөр-истэр этэ. Армияҕа кими да билбэппин. Тиийэн баран уйадыйаҕын даҕаны, кимиэхэ үҥсэргиэххиний? Сурук уонна хоһоон суруйарым. Аны бэйэлэрэ ахтан сөп буола сылдьар дьоммор үҥсэргээн, быыһааҥ-абырааҥ диэбэт буоллаҕым. Букатын иэдэйэр буоллахтара.

Саҥа тиийэн бирисээгэбин ааҕа да иликпинэ  аҕам барахсан суох буолбута. Онно туман буурҕа мэһэйдээн дойдубар кыайан барбатаҕым. Хоһоону онтон ыла тохтообокко күн бүгүнүгэр диэри суруйабын. Суруйууларым хоһоон эрэ буолбакка, сороҕор санааларбын эмиэ сурукка тиһэбин. Оннук суруйа сылдьабын уонна кимиэхэ даҕаны көрдөрбөппүн, наар кистиибин.  Чугас доҕотторум эрэ хоһоон суруйарбын билэллэрэ. Аахтардахпына ким эрэ хайгыыр, ким эрэ сүөргүлүүр. 

Эдэр суруйааччылар сүбэ мунньахтарыгар икки төгүл кытынныҥ. Мунньах туһунан тус санааҥ, айар үлэҕэр  тугу биэрдэ?

— 2017 с “Вконтакте” ситимҥэ Диана Сутакова диэн кыыс “Айар аартык аргыстара” диэн хоһоон суруйар ыччат бөлөҕүн тэрийбит этэ. Ол бөлөххө баар айар ыччаты кытары билсэн «Вконтакте» хоһооннорбун суруйан угабын. Сүүрбэ биирис сүбэ мунньах туһунан онно аахпытым. Хоһооннорбун чөкөтөн, мунньан баран “Дьээбэҕэ ыытан көрүөххэ” диэн биэс хоһоону ыытан кэбиспитим. Балаһыанньа быһыытынан биэс хоһоону ыыппытыҥ кэннэ кыттааччылары сүүмэрдииллэр. Сүүмэрдээһини ааһан баран “хоһооннорбун ааҕаллар эбит” диэн үөрэ санаабытым. Ол курдук Эдэр суруйааччылар сүүрбэ биирис сүбэ мунньахтарыгар кытта Дьокуускайга кэллим. Хаһан даҕаны литература эйгэтигэр сылдьыбатах киһи буоллаҕым. Кинигэлэрин, айымньыларын ааҕан эрэ билэр, бу иннинэ харахтаан көрбөтөх суруйааччыларбын кытары алтыһарбар сөҕөрүм, толлорум кэмнээх буолуо дуо?! 

Поэзия секциятыгар ырытыы бөҕө буолла, кыттааччылар ойон тураллар, ким эрэ ханна эрэ үөрэнэр, ким эрэ тугу эрэ бүтэрбит – бары үөрэхтээхтэр. Мин тоҕо сүрэй дии саныыбын. Кими эрэ хайгыыллар,кими эрэ мөҕөллөр, кириитикэлииллэр. Көр, бэл үөрэхтээх дьону мөҕөллөр. Ол аайы мин үһүс сылбын тырахтарыыстыы сылдьар киһи алҕас кэлбиппин дуу, хайдах дуу диэн сүрбүн баттатабын. Хата семинар бастакы күнүгэр ырытыллыбатым. Киэһэ дьиэбэр сытан эрэ санаа бөҕөҕө түһэбин, арааһы толкуйдуубун. Уопсайынан тугу гына кэлбиппиний диэн ыйытыы үүйэ-хаайа тутар. Ол быыһыгар “Кинилэр кэм үөрэхтээх дьон буоллахтара, оттон мин анал үөрэҕэ суохпун” диэн эмиэ да уоскутуна, эмиэ да намтатына саныыбын. “Бачча кэлэн баран кыттыбакка төннөр хайдах эрэ буолсу, чэ мөҕөр буоллахтарына мөхтүннэр, туох буолуой, мөҕүллүөм буоллаҕа” диэн кытаанах санаанан иккис күммүн ырытыыга кэллим. Ырытан барбыттарыгар били хорсун санаам дэлби үрэллэн эмиэ тостон бардым. Саҥата суох истэ олордохпуна   Гаврил Андросов: “Үөһээ Бүлүүттэн Коля Васильев диэн баара, бааргын дуо? таҕыс” диэтэ. Тэҥнэһиэм дуо таҕыстым уонна “Васильев Коля диэммин, Үөһээ Бүлүүбүн, тырахтарыыспын” диэн арааһа тута бэйэбин көмүскэнним быһыылаах. Соһуйуом иһин хоһооннорбун  сүрдээҕин сэҥээрдилэр, мөҕүллүбэтим, испэр “Тоҕо мөхпөтүлэр, арааһа тырахтарыыс диэн аһыннылар быһыылаах” дии санаатым. Ол сүбэ мунньах түмүгүнэн  поэзияҕа “Сыл арыйыыта”  буолбутум. Ити ырытыы кэнниттэн уруккум курдук түбэһиэх кинигэни буолбакка, хоһоон быраабылаларын  хасыһан билэ, ааҕа сатыыр буолбутум. Холобура 

Аллитерция, силлабика диэн тугун үөрэтэбин, ырытыы иннинэ истибэтэх тылларым буоллаҕа. Бэйэм эрэ ырытыыбын буолбакка , бу сүбэ мунньахха атын кыттааччылары кириитикэлээбиттэрин, хайҕаабыттарын барытын болҕойон, кинилэр айымньыларын тутан олорон “тоҕо итинник” диэбиттэрин өйдүү, үөрэтэ сатыыбын. Онтон үөрэнэн маннык суруйуохха сөп эбит диэн үөрэнэн барбытым. Ити кэмҥэ хоһоону хойуутук суруйа сылдьыбытым. 

Сүбэ мунньах кэнниттэн нөҥүө сылыгар Суоттуга семинарга ыҥырдылар. Онно тиийэн үөрэнэн олус элбэҕи иҥэриммитим. Бастатан туран кыттааччы ахсаана аҕыйах этэ, иккиһинэн бэйэни кытары күүстээх үлэ буолбута. ити иннинэ суруйдум даҕаны хоһоон диэн ыытан иһэрим. Суоттуга барыам иннинэ Зинаида Архиповалааҕы кытары үлэлэһэн кинигэ таһаарбытым. Гаврилга редакциялаппытым. Ол иннинэ 2015 с.  Мииринэйгэ оскуолам үбүлүөйүгэр анаан отучча хоһоонноох кинигэбин таһаартарбытым. Ким даҕаны көннөрбөккө, хайдах суруйбуппунан оннук таһаартаран, учууталларбар бэлэхтээбитим. Кинигэ таһаарар диэн судургу баҕайы курдук санаабытым. Кэнники тахсыбыт кинигэм улахан үлэ кэнниттэн бэчээттэнэн тахсыбыта. Дьонтон ыйыталаһан, сүбэлэтэн, Гаврил Андросовы көрдөһөн эрэдээксийэлэтэн, элбэх үлэни көрсөн таһаарбыппыт, элбэх эппиэтинэһи эрэйэрэ. 

Суоттуга барарбар бэлэмнээбит хоһоонум хомуурунньугун илдьэ барбытым. Онно суруйааччылар элбэх сүбэни биэрбиттэрэ. Онно этиллибит бэлиэтээһиннэри кытары билигин даҕаны үлэлиибин. Ол кэннэ бу былырыын ыытыллыбыт сүүрбэ иккис сүбэ мунньахха кыттан, “Саха поэзиятын бастыҥа” буоллум. Саха поэзиятын семинарыгар ордук күүстээх кыттааччылар кэлбиттэрин бэлиэтээбитим: Ольга Янцен, Мария Андреева, Василий Тимофеев – бары ураты күүстээх хоһооннордоох ааптардар. Уопсайынан кинилэргэ -хоһоон суруйа, айа тута сылдьар дьоҥҥо сүгүрүйэбин. 

Ханнык суруйааччылар кинигэлэри ааҕаҕын?

— Классик биири аахтым уонна аах да аах буолабын. Умнубут буоллаҕына онтон билигин Николай Якутскай  “Араҥ уонна таптал” ааҕабын, Амма Аччыгыйын “Сааскы кэм” романын уонна Иван Гоголев –“Хара Кыталыгын” ордук сөбүлүүбүн.   “Араҥ уонна таптал” кинигэтин кэргэммэр аахтара сатыыбын. Наһаа аахтарыахпын наада. Оҕонньордоох. Кындыл “Хара Кыталык” романын прототиптара Хабырыыс-Хобороос уонна Хобороос Хабырыыс Дүллүкүгэ көмүллэ сыталлар.  Ол киһи уҥуоҕун тааһыгар Гаврил  диэн суруктаах, оттон Бэттиэмэ диэн алаас ромаҥҥа баар Бүөр алааска ойуулааһынынан майгынныыр. Кэнники бэйэм көлүөнэм суруйааччыларын ааҕабын. Араас дьону ааҕабын. Мин санаабар хоһоон – диэн олох бэлиэтээһинэ буолар.  Хоһоон нөҥүө кини олоҕу хайдах көрөрүн, кинини туох тулалыырын, олоҕу хайдах ылынарын үөрэтэ сатыыбын. Холобура: Мария Андреева олох атын буочардаах. Эрчиллэ таарыйа Мария курдук суруйа сатыыбын – сатаммат. Тоҕо диэтэргин кини эрэ итинник суруйар. Саргылаана Сандаар “Күн Күлүгэ” диэн кинигэтин хаста даҕаны аахпытым, билиҥҥи кэм Арбитатын курдук көрөбүн. 

Рустам Каженкин, Василий Тимофеев,  Елизавета Мигалкина, Зинаида Архипова хоһооннорун сөбүлээн ааҕабын. Гаврил Андросов хоһооннорун хаста да аахтахпына өйдүүбүн, ханна эрэ ыраах илдьэр курдуктар. Билигин хайдах кэмҥэ олорорбун билэ сатыыбын. Урут хоһоон суруйар хамнастаах үлэ буолуо дии саныырым. Хоһоонньут диэн – дьиҥинэн, ыарахан, хамнаһа суох үлэ буоллаҕа. Ол иһин хоһоонтон үбү-харчыны эрэйиэ суохтааххын.

Дьиэбэр биирдэ эмэ кэргэммин кытары киҥир-хаҥыр саҥарыстахпытына “хоһоон суруйбатаҕыҥ ырааппыт быһыылаах, бар суруй” диир. 

Проза суруйарга холоноҕун дуо?

—  Оҕо сылдьан күлүүлээх тэттик кэпсээннэри суруйууга холонон көрбүтүм — сатамматаҕа. Билигин даҕаны биирдэ эмэ проза суруйан боруобаланан көрөөччүбүн. Сатаммат — хоһоону ылан кэпсээнинэн суруйбут курдук тахсан кэлэр. Хайдах да суруйа сатаатарбын, этиилэрим хоһоонунан тахса тураллар. Кинигэни ааҕан баран эбэтэр бэйэм олохпор буолбуту “маннык суруйуохпун сөп эбит” диибин,  уһуннук төбөбөр илдьэ сылдьабын, кэпсээним хайдах саҕаланарын, туох буолуохтааҕын барытын былаанныыбын. Толкуйдаабытым ситэн илиискэ түһэрээри гыннахпына,  син биир хоһоон буола турар, онон аккаастанан аны холоммоппун даҕаны.

Хоһоон суруйар иэйии баар. Күн аайы суруй да суруй буолбаппын эрээри, син сотору-сотору суруйабын. Кимиэхэ эрэ тиийэн тугум эрэ кыаллыбыта диэн ытана-соҥоно эбэтэр төттөрүтүн үөрүүбүн ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат буоллаҕым. Ол кэриэтэ ол турукпар хоһоон суруйабын. Санаа тууйуллуута, сүрэх үөрүүтэ син биир тугунан эрэ тахсыан наада – хоһоонунан тахсара ордук.

— Хоһоон айар иэйии ордук ханнык иэйииттэн уһуктарый? 

— Армияҕа сылдьан хоһоон чахчы  ахтылҕантан, тууйуллууттан тахсара. Билигин ол саҕанааҕы суруктарбын, хоһооннорбун булан аахтахпына – барыта санаа түһүүлээх били биир рыаҕа этиллэринии “ барыта хомойуу,барыта кэлэйии” курдук. Хоһоон тууйуллууттан, үөрүүттэн – иккиэннэриттэн тахсар айымньы буоллаҕа.  Билигин хоһооммор турукпун, санаабын, буола турары суруйан хааллара сатыыбын. Хойутун хойут биир эмэ оҕом, сиэним ааҕан баран аҕам, эһэм мантан үөрбүт, онтон хомойбут диэхтэрэ. Уонна биир сорукпунан  хоһооммунан оҕолорбун, дьоммун-сэргэбин – уопсайынан ааҕааччыбын туох эрэ сырдыкка, үтүөҕэ үөрэппит киһи диэн. Онон кэлин сырдык, ыраас хоһооннору суруйа сатыыбын.  

Урукку өттүгэр ыра санааны, туолбаты суруйар эбиппин. Хайдах эрэ “Кэллим, бардым, таптаатым” диэн суруйа сылдьыбытым. Билигин тугу билбиппин суруйа сатыыбын, холобура тыа олоҕо хайдаҕый? Куорат тыа киһитин хараҕынан хайдаҕын, санаа тоҕо түһэрин, бэйэм билигин тугу сөбүлүүрбүн, тугу сүөргүлүүрбүн кэпсиибин. Билигин манна мин тугу көрөбүнүй, тугу сөбүлүүбүнүй диэн ыйытыкка хардаран бэйэм санаабын тиэрдэбин. Ким эмэ хаһан эрэ  ааҕыа дии.

Бастаан утаа кэргэним поэзияттан тэйиччи этэ. Дьиҥинэн кинигэни ааҕар эрээри кэпсээннэри ордорор. Биирдэ эмэ уруккуну санаан кыыс туһунан суруйдахпына мөҕүллээччибин “Баһылаайап кимиэхэ анаан суруйдуҥ?” диэн буолааччы. Ол бэйэтэ кэнники үс сылга өйдүүр уонна өйүүр буолла. Литератураҕа сыһыаннаах тэрээһиннэргэ барарбын сэҥээрбэт этэ, билигин санаата уларыйан төттөрүтүн ыыта, кытыннара сатыыр буолбута. Үөһээ Бүлүүгэ дойдубар Кэнтиккэ суруйарбын билэр буоланнара өрүү араас көрсүһүүлэргэ, бэлиэ күннэргэ ыҥырааччылар.  

Кылааһым салайааччыта нуучча тылын уонна литературатын учуутала Игнатьева Розалия Семеновна, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кини бэһистэн уон биириһи бүтэриэхпэр диэри үөрэппитэ. Кылааска саамай мэник үөрэнээччитэ эбитим буолуо, үөрэхпэр даҕаны  сыанам токур үс уонна арыт икки буолааччы. Арай литератураҕа тоҕо эрэ үчүгэйдик үөрэнэрим, ордук нойосуус хоһооннорго үөрэрим, тоҕо диэтэр нойосууска биэһи эбэтэр иккини ылааччыбын, онтон атын сыананы ылааччым суох. Биэрбит хоһоонун үчүгэй дии санаатахпына үөрэтэн ис сүрэхпиттэн ааҕарым, сөбүлээбэтэхпинэ отой үөрэтээччим суох. Армияҕа сылдьан учууталбар кимнээҕэр даҕаны саамай элбэхтэ сурук суруйбутум туһунан өрүү ахтааччы. Учууталым миэхэ наһаа чугас буоларын сулууспалыы сылдьан билбитим.  

Ийэбэр сатаан суруйбатахпын, эппэтэхпин киниэхэ суруйарым.  Армия диэн ыарахан эбит, ону мин билбэтэхпин, эрээри, бу тулуйа сылдьабын диэн тугу саныырбын, туох буолбутун хайдах баарынан суруйабын. Оскуолабын, учууталларбын ахтарым туһунан хоһооннору суруйан ыытабын. Арай биирдэ дьоммуттан сурук кэлбит, онно Үөһээ Бүлүү хаһыата сылдьар. Болҕойон көрбүтүм “Саллаат суруга” анныгар эссе диэн суруктаах, аахпытым – мин суругум эбит. Учууталым Үөһээ Бүлүү хаһыатын редакциятыгар илдьибитин таһаарбыттар этэ. Онно биир өттүнэн олус үөрбүтүм, мин суругум хаһыакка тахсыбыт диэн, иккис өттүнэн наһаа кыбыстыбытым – хайдах бу мин киниэхэ суруйбуппун барыларыгар таһаарбытый диэн. Ол эрээри син биир үөрүүм баһыйбыта. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ – хаһыат, кинигэ диэн улахан суолталаахтара, суолталаахтар даҕаны. Аҕам идэтинэн тырахтарыыс этэ уонна кинигэни олус сөбүлээн ааҕара. Ол саҕанааҕы Кэнтик библиотекара Александра наар этээччи “Баһылайга өйдөбүнньүк туруорар сөп буолла, библиотекабытыгар аахпатах кинигэтэ суох” диэн.  Аҕам грейдерист этэ, суол оҥоруутугар сылдьара уонна өрүү кинигэлээх буолара.  Аҕам  аахпыт кинигэтин олох бэйэтэ онно сылдьыбытын курдук умсугута кэпсээччи. 

Бастаан хаһыат кэллэҕинэ алта оҕо “Эдэр саас” уонна “Кэскил” хаһыаттары былдьаһабыт, онтон дьиэбит иһиллээбит курдук уу чуумпу буола түһэрэ, бары хаһыат ааҕарбыт. 

Мииринэйгэ үөрэнэ сылдьан эдьиийбин кытары тыл таайса оонньуур этибит. Синонимнары, омонимнары оскуоланы бүтэриэхпэр диэри таайсарбыт. Хоһоонньут буолан, тылы наардыырбар ол эмиэ олук уурбута буолуо. 

 Биирдэ дьиэм иһиттэн тэтэрээт булан ылан арыйталаан көрбүтүм иһигэр хоһооннор бааллар эбит. Биир эдьиийим буочара. Ээ бу кыыс хоһоон суруйар эбит дии санаатым, онно биир таптал диэн акростих баара. Ол хоһоон  “ паартабар олорон эйигин саныыбын” диэн строкатын өйдөөн хаалбыппын. Арай биирдэ хаһыакка  “Эдэр саас” хаһыакка  “Сүрэх кистэлэҥэ” диэн рубрикаҕа эдьиийим суруйбутун  ааҕаат тута биллим. «Бу эн суруйбутуҥ дуо?» диэн ыйыппыппар кубарыччы мэлдьэһэн кэбиспитэ эрээри кэнники кини суруйбутун билиммитэ. Мин эдьиийим хаһыакка тахсыбытыттан наһаа үөрбүтүм уонна киэн туттубутум. 

Оҕом былырыын убайын төлөпүөнүн көрдөрбүтэ арай хоһоон суруйбут этэ. Онно манна күрэхтэһии буоларыгар кытыннара сатааччыбын эрээри, суруй диэччим суох.Кылгас гына хоһоон суруйбут этэ. Арай биир суруйааччы буочарыгар наһаа маарыннаттым. Санаабар атын киһини үтүктэн уорбут курдук, испэр кыыһырдым. Онтон толкуйдаан баран ааҕар буолан үтүгүннэҕэ дии санаатым. Суруй да суруй диэн күһэйбэппин, кэлин барыта көстөн иһиэ буоллаҕа. Ол эрээри кинигэ ааҕалларын ирдиибин. Аныгы үйэҕэ Ватсап суруга тыллары дэлби кылгатан кэбиһэр, тыллары сыыһа суруйаллар. Кинигэни ааҕыҥ, бэйэҕитигэр үчүгэй буолуо, кинигэ курдук эһигини таба суруйарга ким даҕаны, туох даҕаны үөрэтиэ суоҕа диибин. 

— Ааспыт сылга Н.Д.Неустроев аатынан бириэмийэ лауреатын аатын сүкпүтүҥ. Ол туһунан кэпсээ эрэ

— Бириэмийэ лауреатын аата наһаа үрдүк. Бу бириэмийэни суруйааччы 125 сааһыгар анаан Саха суруйааччыларын ассоцияцията Сүбэ мунньах түмүгүнэн туттарбыта. Мин эрэ ылыам дии санаабатаҕым. 

Дойдубар кулууп дириэктэрин солбуйа сылдьар доҕорум 31 чыыһылаҕа сарсыарда эрийэн: “Саҥа дьылга оҕолору эҕэрдэлииргэ Моруос оҕонньор буол эрэ, баһаалыста абыраа” диэн көрдөстө. “Чэ, буоллун” диэн Моруос буоларга сөбүлэстим. Аны бэйэм кыра уолбун эмиэ эҕэрдэлиэхпин наада эбит, онон кулуупка таҥнан-симэнэн баран ыалы кэрийэн оҕолору эҕэрдэлии сырыттым.  Арай Дьокуускайтан Гаврил Андросов эрийдэ уонна “Коля эҕэрдэлиибин!” диэтэ, онуоха мин Саҥа дьылынан эҕэрдэлиир диэн утары эҕэрдэлиибин. Онуоха “Неустроев аатынан бириэмийэ лауреата буоллуҥ” диэбитигэр соһуйан охто сыстым. Оҕо Саҥа дьылга туох эрэ дьиктини, кэрэни кэтэһэрэ туоларын курдук соһуйдум даҕаны, үөрдүм даҕаны. Билигин улаатан да баран Саҥа дьылтан туох эрэ соһуччу бэлэҕи тутуохха сөп эбит. Дьиэбэр киирээппин кытары Сидоров эрийбитэ – Саҥа дьылым бэйэтэ остуоруйа курдук саҕаламмыта. Ол эрээри бу үөрүүм кынаттаабыта, биир өттүнэн “Хайдах буоллуҥ бэйэҕин наһаа билинээри гынныҥ дуо?” диэн кымньыылаабыта да диэххэ сөп. Тоҕо диэтэр бу миигиттэн элбэҕи эрэйэр бириэмийэ, ону түһэн биэриэ суохтаахпын, өссө тугу эрэ айарга-суруйарга кынаттаныахтаахпын диэн эппиэтинэстиир.  

Харыйалаах Уола диэн ааты хайдах ылыммыккын кэпсээ эрэ.

— Хоһоон суруйан Ватсапка ыытабын. Ону билэр дьон ааккын тоҕо суруйбаккын хоһоону уораллар ээ игин дииллэр. «Уордуннар»  диибин. Хоһоонум анныгар ВНВ диэн араспаанньам, аатым, аҕам аатын бастакы буукубаларын суруйабын. Хоһоон суруйааччылар бөлөхтөрүгэр ыытабын. Биир бириэмэҕэ суруйааччылар ааттарын интэриэһиргии, сэҥээрэ сылдьыбытым. Суруйааччылар тоҕо маннык псевдонимнары ылбыттарый? Тоҕо Далан диэн буолбутуй? Тоҕо Дмитрий Таас диэний? Күннүк Уурастыырап диэн туох суолталааҕый? диэн төбөбөр эргийэр ыйытыыларга хоруй көрдөөн үлүһүйэ сылдьыбыттааҕым. Аҕабынан эһэм Кыһыл диэн хос ааттааҕа. Кыһыл эрдэҕиттэн Тулаайах буолан Киргиэлэй- кыһыл оҕо диэн ааттыыллар эбит. Ол курдук аҕам — Киргиэлэй уола Кыһыл Баһылай диэн, оччоҕуна мин Кыһыл Баһылай уола Кыһыл Ньукулай диэн эбиппин, оччотугар Кыһылбай диэн буолбаппын дуо? дии санаабытым. Онтукам баара билигин олорор нэһилиэкпэр оруобуна Кыһыл Баһылай диэн киһи баар. Онон сатамньыта суох буолан тахсыбыта. 

 Кэнтиккэ Харыйалаах күөл үрдүгэр олорбуппут. Уонна бу Эбэ үрдүгэр мин саамай элбэх хоһоонум суруллубута. Армия саҕаттан Кэнтиги санаатым да Харыйалаах күөлэ эрэ харахпар көстөр. Билигин олорор сирбиттэн күөл тэйиччи. Ааккын уларытыаххын наада, от-мас аатынан ааттанан диэччилэр да көстөөччүлэр. Харыйалаах уола диэн  Өлөөҥҥүн дуо? диэччилэр эмиэ бааллара.

Хоһоон диэн хайдах буолуохтааҕый?

—  Варвара Потапова, Арбита хоһоонорунан үлүһүйэ сылдьар кэммэр, кинилэр поэзиялара күүскэ дьайар эбит. Турукпун ойуулуур хоһоону аахтахпына, чахчы ытыах санаам кэлэр. Хайдах эрэ кини миигин суруйбут курдук буолар. Өтө көрбүт хоһоонноро кинилэр эн салгыы маннык буолбуккун кытта ойуулуур курдуктар. Сорох хоһооннор эмиэ судургу эрээри киһини өрүһүйэр курдук гыналлар. Биир хоһооҥҥо элбэх этиллэр. Киһи дууһатын арыйар, барыта дьиҥнээх буолуохтаах. Мин хоһоонум хайаан да үчүгэй буолуохтаах атын буолуо суохтаах, миэнэ эрэ бастыҥ диэччилэри өйдөөбөппүн. Кырдьыгын барыта искиттэн тахсыахтаах. Хоһоон оҥоһуу буолуо суохтаах. Сорох хоһоон эҥин араас сиэдэрэй дьикти баай тыллаах уонна форма эрэ эккирэтиитэ буолар. Тыына суох, хоһоону эрэ үчүгэй гына сатааһын, баҕар эдэр дьон сыыһаллара буолуо. Миэхэ да оннук урут буолан ааспыта да буолуо. Хоһоон ааҕааччылаах буолуохтаах, ааҕааччыта суох хоһоон — хоһоон буолбатах. Баҕа санаам ааҕааччыланыахпын баҕарабын. Поэма суруйбут киһи дии саныыбын. Билигин кыайа иликпин. Баҕарарбын уруһуйдаан суруйа сатыыбын, санаабынан уус-ураннаан көрдөрүөхпүн баҕарабын. Тыл өттүгэр болҕойо сатыыбын даҕаны ону кыайа иликпин. Чахчы киһи бэйэтин хаһан да сиппэт эбит. “Мин хоһоону үчүгэйдик суруйабын, ситтим-хоттум” диир дьон баар буолаллар. Киһи бэйэтин хаһан даҕаны сиппэт, ааҕааччыны ситиэн сөп, оттон суруйааччы бэйэтин сиппэт. 

Хоһоону тута суруйан кэбиһэрим уонна көннөрө сатаабатым итэҕэһим буолуо. Тоҕо диэтэр хоһоон хаста даҕаны көннөрүллүөхтээх дииллэр. Суруйдум да уларыта сатыыбын уонна уларыйан хаалар. Ол хоһоон миэнэ буолбатах курдук буолан хаалар. ол турукпар төннөбүн. Ол кэм ол турук көстөр. Ону кыайа иликипинэ наброски быраҕабын,былаан курдук. Киирбэтэҕинэ төбөбөр сылдьар онно майгынныыр турук. Үчүгэйэ диэн төлөпүөҥҥэ суруйан кэбиһэҕин, тэтэрээт илдьэ сылдьардааҕар табыгастаах. Аны иэйии тиийэн кэллэ даҕаны ыксатар курдук буолааччы “чэ кытаат, суруй-суруй, ыксаа-ыксаа” диир. Сиргэ сылдьан, үксүгэр кус кэмигэр соҕотох сылдьан хоһооннорбун суруйабын. Чуумпуга айылҕалыын алтыһыыга араас санаа барыта киирэр. Ону суруйабын. Онон хоһоон суруйарбар бириэмэм суох диир дьону өйдөөбөппүн, киһи баҕардаҕына хоһоон син биир тахсар дии саныыбын. 

Хоһооҥҥун ырыталларын, кириитикэлииллэрин хайдах ылынаҕын?

-Мин аан бастаан сүүрбэ биириис сүбэ мунньахха ырытыллыбытым.Уопсайынан куруук төбөттөн имэриллибэккэ сөбүгэр «тырыта тыытыллыахха»наада эбит. Оҕо мөҕүллүөхтээх, мөҕүллэр оҕо көннөрүнэр. Оҕолору,  кэргэммин кытта мөккүстэхпинэ «Кыыһырарбар үөрүөхтээх этигит, туох эрэ иһин мөҕүллэр буоллаххыт. Үчүгэйи баҕарар киһилэрин мөҕөллөр, туох да тахсыбат киһитин мөхпөттөр диибин.

 Дойдубут айар -суруйар дьоҕурдаах ыччатын кытары эдэр литератордар “Москва –Владивосток” форумнарыгар кыттыбытыҥ. Бу туһунан кэпсээ эрэ.

-“Москва-Владивосток» диэн Бүтүн Россиятааҕы айар-суруйар форумҥа кыттыыны ылбытым. Форум Интернет ситиминэн барбыта. Мин хоһооннорум туруору тылбааһынан кыттыбытым. Киин сир, киэҥ дойду ыччаттара сытыылар-хотуулар. Биир миигин кытары эт саастыы Петербургтан сылдьар уол мин хоһооннорум тылбаастарын ырыппыта. Көҥүллүүр буоллаххына, туруору тылбааһынан көрөн бэйэм хайдах өйдүүрбүнэн нууччалыы тылбаастыам диэбитэ. Уорар дии санаама, ис хоһоонун хайдах өйдөөбүппүн тылбаастыаҕым диир. Сыыйа итинник үлэлэһиэххэ наада эбит диэн санааҕа кэлбитим. Кинилэр тылбаастарын көмөтүнэн киин сир дьоно мин төрөөбүт дойдум, бултуур сирим-уотум, хотонум таһын көрүөхтэрэ турдаҕа. 

Инники былааныҥ

-Биир улахан баҕа санаам — Саха литературатын салаатыгар үөрэниэхпин баҕарабын. Саха литературатын оҕолорго үөрэтиэхпин баҕарабын. Оҕолору кытары алтыһыыттан бэйэбэр саҥаны арыйыам этэ, билиҥҥи кэм ыччатын туһунан элбэҕи билиэм этэ. 

Бэйэм физкультура учууталын идэтигэр үөрэнэн бүтэрбитим. Онон тохтоон хаалбакка саха литературатын дириҥник үөрэтиэхпин баҕарабын. 

Николай, сэһэниҥ иһин махтал. Инникитин  айар үлэҥ аартыга арыллан, үрдүктэн үрдүгү дабайан иһиэххин!

Харыйалаах уолун хоһоонноро

Орто дойду олоҕун
Омун соҕус кэмигэр,
Оҕо буолан кэлбитим
Оччугуй тыа сиригэр…

Олох буорбар, тулабар
Оҕо саастан ордоруум:
Оһох уоттаах, хотонноох
Олус дьоллоох олоруу.

Аҕабыттан үөрэнэн
Аал уоппун аһатарбар,
Айылҕалыын алтыһан
Аар тайҕаҕа хаамарбар,

Саха тыына, итэҕэл
Сайдар суолбун сирдиирэ,
Саха омук сиэринэн
Сарсыҥҥыбар сиэтэрэ.

Оҕом эмиэ ол курдук
Омук буолан ордуоҕа,
Саҥа үйэ үөһүгэр
Саха буолан сайдыаҕа.

****

Чуумпу

Чуумпу диэн тугун
Чуумпуран олорон,
Чуор кулгаахпынан
Чуҥнуу сатыыбын…

Чанчыкпар тэбиэлиир
Чыпчылҕан түгэни
Чэрдийбит сүрэҕим
Чуо-бааччы үтүктэр.

Чахчылар, кырдьыктар
Чыычаахтар буоланнар
Чуҥкутуох чуумпубун
Чуопчаара аймыыллар.

Чуумпуга туох бары
Чиҥ-чиҥник иһиллэр,
Чэгиэним, тыыннааҕым
Чахчыта тиһиллэр.

****

Айылҕа, мин үйэбэр кэлэҥҥин,
Айыыны тумнубут,
Аньыыны умнубут
Алдьатар адьынаттаах дьонуҥ
Адьырҕа быһыыларыттан
Аанай-туонай абара
Аймана тураргын көрөммүн,
Ийэ сирим, айылҕам
Ииппит-харайбыт
Инчэҕэй эттээх
Икки атахтааҕыҥ,
Иннинэн сирэйдээҕиҥ
Хаалбыт хаарыан бэйэҕин
Харыстыаҕын оннугар,
Хаана суох хайыһан
Харса суохтук айбардаан
Халыҥ харчы туһугар
Ханан-ханна халытарын
Харааста саныыбын…
Оо, ол эрэн
Ойон тахсар күннээх
Орто дойдум олоҕор
Оҕобуттан саҕалаан,
Ордуктук тутан
Огдолуйбут бэйэҕин
Оннугар түһэрэр
Оттомноох көлүөнэ
Ойон туруоҕун
Олуһун даа күүтэбин.
Оччоҕо бүгүҥҥү дьон
Олорбут олоҕун
Омугун туһугар
Олуччу уурбута диэн
Омуна суох ахтыа этилэр…

****

Утум

Аҕам баарына, сарсыарда
Сылаас ороммор сытарым,
Оһохпут умайар тыаһын
Түүлүм быыһынан истэрим.

Аҕам баарына, хаһан да
Кыһалҕа диэни билбэтим,
Ас-таҥас хантан кэлэрин
Өйдүү да сатаабат этим.

Аҕам баарына, оҕо саас
Толору дьолун билбитим,
Сирдээҕи олох иэнигэр
Көҥүл көрүлээн испитим…

Аҕам барбыта, букатын
Орто дойдуттан арахсан…
Ииппит-иҥэрбит тапталын
Аны оҕобор аныыбын.

****

Сарсыарда эрэ көрсөбүн
Түүн тиһэх сөкүүндэтин,
Уһукта илик бөһүөлэк
Тыаһа суох, чуумпу түгэнин…

Баҕана уотун сырдыгар
Күлүмнүү оонньуур кыраһа,
Биир да тыла суох ырыабар
Сэргиирин булан кыттыһар.

Сотору ким эрэ уһуктан
Оһоҕо буруолуо унааран,
Күүннээҕи түбүгү санатан
Араарыа бу аптаах туруктан.

Оччоҕо сэмээр кэтэһиэм
Өссө биир түүн ааһыаҕын,
Бүтэйдии кистээн эрэниэм
Сүрэҕим хоһоон айыаҕын…

****

Эн алыптаах хараххар
Уоскулаҥмын булбутум,
Санаабынан аттыгар
Аргыстаһар буолбутум…

Кистээн, хоһоон тылынан,
Кэпсии сылдьыам кэрэҕин,
Онтон атын тугу да
Эрэйбэппин билэҕин.

Арай, бастыҥ баҕабар
(Туолбат ыра санаабар)
Күнү-ыйы барытын
Миэхэ эрэ аныыгын…

Бүгүн эмиэ хоһооммор
Уоскулаҥы булабын:
Мин Эйиигин санныбар
Ыга кууһан турабын…

Сүрэҕиҥ иһигэр кистэммит
Эппэтэх биир ыраҥ буоламмын,
Сирдээҕи олоххун киэргэтэр
Эн дьолуҥ туһунан туойдарбын.

Муҥутаан тыллыбыт сибэкки
Эйиэхэ тэҥнэһэр диэбэппин,
Аан дойду иэнигэр эргиччи
Куоһарыах ким баарын билбэппин.

Сир үрдүн кэрэтэ барыта
Соҕотох Эйиигин санатар,
Мин тулам, бу тыннаах айылҕа
Эн этэр тылгынан саҥарар.

Сүрэҕим иһигэр кистэммит
Эппэтэх биир ырам кэриэтэ,
Сирдээҕи олохпун киэргэтэр
Мин тыыннаах сибэкким — Эн эрэ.

Муза

Мин Эйиигин сөбүлүү көрөрүм
Мэһэйдээбэтин көҥүл көтөргүн.
Санаабын хоһооннорго өрөммүн
Салгыбаттан бэйэбин сөҕөбүн.

Мин үөрэбин, бу сиргэ бааргыттан,
Бар дьонтон ураты атыҥыттан,
Тыллыбыт сибэкки кэрэҕиттэн,
Эн миигин ситэри билбэккиттэн.

Бу курдук, хаһан да бэринимэ
Аҥардас мин этэрбин истимэ.
Бэйэҥ билэргинэн көҥүл көччүй
Кулут буолбут мин тойон сүрэхпэр.

Харыйалаах Уола

Илин саҕахтан быгаат
Күн Эйиигин санатар…
Арай, түүнүн ый сырдаан
Соҕотохтуу саататар…

Мин, Эйиигин санааммын,
Саҥата суох сылдьабын,
Кый ыраахтан ахтаммын
Чэгиэн бэйэм ыалдьабын…

Ол туһунан билигин
Эн аттыгар чыычаахтар
Тохтообокко ыллааннар
Кэпсии, этэ сатыыллар.

Сааскы күн сылааһыттан
Ыйаммыт муус чопчулар
Ахтылҕантан айманан
Таммахтарын тоҕоллор…

Ити курдук, мин бүгүн
Эн аттыгар сылдьабын,
Сааскы үөрүү үрдүгүн
Сүрэхпиттэн аныыбын.

****

Билбэт эрээри, билэр курдук
Ханнык эрэ дьикти турук,
Сэрэппэккэ миигин булан
Сиэтэн иһэн иилии кууһар…

Онтон Эн… атыҥҥын, ырааххын…
Уонна туохтан бары сырдыккын.
Аймаммаппын… ытаабаппын…
Арай, ааккын ааттаан ыллыыбын.

Билэр эрээри, билбэт курдук
Туттар-хаптар олус уустук…
Ардах кэннэ кустугу
Ситиэх санаам судургу…

Надежда Ильина, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0