Кулун тутар 24 күнүгэр Саха тыйаатырын Алампа саалатыгар Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун Эдэр литератордарын сүбэтин бырайыагынан, эдэр бэйиэт Николай Васильев-Харыйалаах Уолун бастакы кинигэтин сүрэхтээһин буолан ааста. Айар киэһэни бэйиэт, Саха сирин Суруйааччыларын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Гаврил Андросов иилээн-саҕалаан ыытта.
Харыйалаах Уола – бу литератураны сэҥээрээччилэргэ биллэн эрэр аат. Хас да ырыа буолбут хоһооннордоох. Ону туоһулаан, эстрада артыыстара Саарын, Сахамин уонна Розалина Файрушина бэйэлэрин репертуардарыттан кини хоһоонноругар ырыаларын ыллаан, дьоро киэһэни киэргэттилэр.
Былырыын ыытыллыбыт Эдэр суруйааччылар XXII сүбэ-мунньахтарын поэзия секциятыгар бастыҥ кыттааччы аатын ылбыта, Н.Д. Неустроев аатынан эдэр суруйааччылар өрөспүүбүлүкэтээҕи бириэмийэлэрин лауреата.
Култуура министиэристибэтиттэн Сардаана Брызгалова миниистир Махтал суругун, Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатыттан Спиридон Борбуев кинигэ таһаартарарга сэртипикээти, “Офсет” кыһаттан дьоҕус кинигэ таһаарарга сэртипикээти туттардылар. Ону тэҥэ, бииргэ үөрэммит доҕотторо, “Айар аартык аргыстара” түмсүү чилиэннэрэ, учууталлара, Үөһээ Бүлүүттэн “Чэчир” литературнай түмсүүлэр кэлэн эҕэрдэлээтилэр.
Николай Васильев-Харыйалаах Уола Үөһээ Бүлүү Кэнтигиттэн төрүттээх. Биэс эдьиийдээх, ыал кыра оҕото, соҕотох уола. Кыра эрдэҕиттэн кинигэни ааҕарын сөбүлүүрэ. Үрдүкү кылааска сылдьан хоһоон суруйан саҕалаабыта. Онон хоһоонун хонуутунан хаампыта сүүрбэччэ сыл буолбут эбит.
Аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, төрөөбүт дойду ахтылҕана тардан, хас да хоһоон суруйан баран, учууталыгар ыыппыта. Өр-өтөр буолбакка, “Саллаат суруга” диэн төбөлөөх, кини хоһоонноро бэчээттэммит улуус хаһыата кэмбиэртэн түһэн кэлбитэ. Бу бастакы бэчээттэниитэ этэ. Уол ис санаата дьоҥҥо тахсыбытыттан кыбыстыбыта да, биир өттүнэн үөрүүлээх, долгутуулаах курдуга.
Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарыгар кыттыыта айар үлэтигэр улахан хамсааһыны таһаарбыта. Кини аан бастаан 2018 сыллаахха буолбут сүбэ-мунньах арыйыытынан ааттаммыта. Литература суолтатын өйдүүргэ, онно бэйэ миэстэтин, суолун буларга көмөлөспүтэ, кыах биэрбитэ, кымньыылаабыта да диэххэ сөп. Бу кэнниттэн илиитин араарбакка суруйарга кыһаллар.
Кини Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүгэр олорор, онно күтүөт буолан кэлэн олохсуйбута уонтан тахса сыл буолла. Кэргэннээх, үс оҕолоох.
— Хоһоон диэн – кырдьык, — диэн этэр кини. — Хоһоон сымыйа буолуо суохтаах. Олоххо баар кырдьыгы, билиҥҥи кэми, күннээҕи олоҕу бэйиэт хайдах ылынарын, туохтан үөрэрин-хомойорун кэпсиэхтээх. Хоһоон диэн көннөрү тыллары наардааһын буолбатах, бэйэтэ туспа тыыннаах, иэйиилээх.
Сэмэн Тумат, норуодунай бэйиэт:
— Бу үйэ быыһыгар саха норуота улахан сүүйтэриини сүүйтэрээри олоробут. Айылҕа гааһа кэллэ, урукку көмүлүөгү умнубуппут курдук, маһынан оттор диэн умнуохпут. Оҕолорбут мас оттуллан тыһыргыыр тыаһын, хаарга сыарҕа хаачыргыырын билиэхтэрэ суоҕа. Кэнники ол туһунан суруйбат да буоллулар. Онон күннээҕи олоххо элбэҕи сүтэрээри олоробут.
Мин Харыйалаах Уолун поэзиятыгар бу тыа сирин дьонун сүрэҕэр-быарыгар чугас тыастары истэбин. Хоһоонноргор саха төрүт өйдөбүллэрин тыаһата сылдьарыҥ үчүгэй. Онон быыһык үйэҕэ, наадалаах кэмҥэ кэлбит бэйиэт диэн көрөбүн.
Наталья Харлампьева, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ:
— Бэҕэһээ бырабылыанньаҕа ыҥыран, Харыйалаах Уолун айар отчуотун иһиттибит. Түргэнник, суол баарына тэрийдибит. Кинини харахпыт далыгар ылбыппыт ыраатта, этэргэ дылы, уу кутан, үүннэрэ сылдьабыт. Дьиҥинэн, литератураны быстахха, сонуҥҥа эрэ дьарык оҥостор дьону өтө көрөбүт. Тыыппалаах диэбит дьоммутун сайын сэминээргэ ыҥыран, айымньыларын ырытабыт. Онно кириитикэ да ханна барыай? Ол дьиҥнээх оскуола, ону барытын ааһан, нэмин булан, чахчы олоҕун суолугар литератураны талбытын дакаастаата дии саныыбын.
“Кыһын кыыс хаар халадаайдаах…” — бу хайдахтаах тэҥнэбилий? Бу кини дьиҥ поэттыы дууһалааҕын көрдөрөр.
Хара Лааҥкы, бэйиэт:
— “Балыксыт балыксыты ыраахтан булан көрөр” дииллэринии, мин кинини “Тобуруокап көмүс күһүнүгэр” булан көрбүтүм. Олох солбуллуохтаах, баран иһиэхтээх. Саха поэзията баай, ол эрээри, тэпсэҥнээһин, үтүктүһүү да баар курдуга. Кэнники кэмҥэ саҥа тыын, саҥа ситим үөскээн эрэр дуу диэн көрөбүн. Бу Ньукулайдаах көлүөнэлэрэ ону ситиэ, ситэриэ буоллаҕа.
Онон эдэр бэйиэт бастакы сүрэхтэниитэ истиҥ эйгэҕэ ааста, ырыа да ылланна, хоһоон да ааҕылынна, суруйааччылар алгыс тылларын анаатылар. Харыйалаах Уола мантан кынаттанан, өссө элбэҕи айыа-тутуо, саха литературатыгар аатын хаалларыа диэн эрэнэбит.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Г.Андросов.