Харыйалаах баһыылка (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
25.12.2017
Бөлөххө киир:

Саҥа дьыл оҕо аймахха эрэ буолбакка, кимиэхэ барытыгар алыптаах түгэннэри, аптаах түүннэри бэлэхтиир сандаархай  бырааһынньык.  Бэл, олоҕун орто омурҕаныгар тиийбит Анна Алексеевна   Саҥа дьыл тырымнас уоттаах күннэрин долгуйа күүтэр.  Кэтэһиинэн туолбут бырааһынньыктааҕы  киэһэлэр кэмниэ-кэнэҕэс  тиийэн кэллэллэр да,  кинини «сык» гыннарар түгэннэр тосхойботтор.  Улаатан ыал буолбут оҕолоро ийэлэрин кытары 12 чааска Кураан тыаһыгар кырылыы кыынньар  сампааннаах   бакаалы көтөхсөөт, өр буолбаттар, «сур» гынан хаалаллар.  Ол кэнниттэн Анна Алексеевна  бэйэтэ бэйэтигэр хаалан, аа-дьуо иһитин-хомуоһун хомуйар, курустаал лыҥкынас тыаһын иһиллиир. Дьэрэкээн оонньуурдарынан симэммит, дьикти кэрэ уоттарынан оонньуур тырымнас харыйатын таһыгар олорон, тэлэбиисэрин көрбүтүнэн барар. Бу олорон уруккуну-хойуккуну эргитэ саныырыттан кини  хаһан да хал буолбат. «Дьон бары үөрэр-көтөр бырааһынньыгар соҕотох сорсуйан олоробун» диэн курутуйан да ылбат. Төттөрүтүн, сүрэҕэр  ахтылҕан уйаланар түүнэ үүммүтүттэн астына саныыр. Бүгүн даҕаны Анна Алексеевна   ааспыт кэм аһыытын таайтарар харыйатын таһыгар олорон хаалла...

х х х

Билигин төһө да «Анна Алексеевна» диэн ытыктабыллаахтык ыҥырыллыбытын иһин, кини хаһан эрэ олоҕун суолугар муммут оҕочоос буола сылдьыбыттааҕа.

Оччолорго алын кылааска үөрэнэр кэмэ быһылааҕа. Аннушка ийэтиниин саҥа көһөн кэлбит дьиэлэрин таһынааҕы  маҕаһыыҥҥа киирдилэр.  Оо, остуоруйа дойдутун курдук маҕаһыын: ас-үөл дэлэйи-иин, эҥин бэйэлээх эгэлгэ оонньуурдар киһи хараҕын саататыах  кылабачыһа оонньууллар. Уой, оттон бу лаглайбыт  күөх харыйачааны санатар кырачаан елка  бэйэтэ бэйэтинэн турар.

– Ийээ, бу елканы ылыаххайы-ыый. Дьиэбитигэр елкабыт суох дии.

– Тугун эмиэ сымыйа дьуолкатай?! Киэһэ таһырдьа тахсан, мас соһон киллэриллиэ! – диэн баран, атын дьон көрө түһэллэрин кудук күлэн алларастаата.

Аннушка дьон бары кинилэр диэки сүөргүлээбиттии көрбүттэриттэн олус кыбыһынна. Үтүлүктэрин дуомун кум-хам туппахтыы тураахтаата. Ийэтэ кинини турбут сириттэн сиэтэн дьэллэритэн  илдьэн, арыгы арааһа анньыллан турар долбуурдарыгар кэллэ уонна   хап-хара өҥнөөх күлтэйбит бытыылкалары кырачаан киһиэхэ туттартаан кэбистэ.

– Хайа, оҕоҕор Саҥа дьылынан харыйачааны ылан биэриэххин кэрэйэҕин дуо? Бу пиибэлэриҥ оннугар оҕоҥ баҕатын толоруоххун. Туох буолбут ийэҕиний?! – атыыһыт кыыс  оҕо диэки аһыммыттыы көрдө.

– Ол бэйэм дьыалам! Бастаан бэйэҥ оҕолон-уруулан, ол эрэ кэнниттэн киһини үөрэт, – диэн ийэтэ аны атыыһыт кыыһы кыбыһыннарда.

Аннушка ытыан баҕарар да, ийэтиттэн куттанара бэрт. Автобус тохтобулугар  тиийиэх курдук буолан эрдэхтэринэ,   кэнниттэн  биир обургу уолчаан эккирэтэн тиийэн кэллэ уонна:

–  Мэ, баһаалыста бу елканы ыл, – диэтэ.

Кыысчаан кыбыстан тугу да саҥарбата. Хата, уол аатын ыйытан эрэ хаалла.

– Харыйабын, – диэн баран, уолчаан  төттөрү сүүрэн дөгдөрүйэ турда.

Кыысчаан: «Миигин күлүү гынар эбит, харыйа буолан», –  дии санаата. Автобуска киирэн олорон баран, маҕаһыыҥҥа ити уол ийэтиниин оонньуур арааһын тала туралларын санаан кэллэ.

 х х х

Хас да сыл ааспыта. Аннушка ийэтэ төрөппүт быраабыттан быһыллан, ханна эрэ ускул-тэскил сылдьара иһиллэн ааһара. Кыысчааны ийэтин эдьиийэ иитэ ылбыта. Били киниэхэ харыйа оонньууру бэлэхтээбит уол  үрдүкү кылааска үөрэнэрин билбитэ. Онтон Харыйа уһун суһуоҕун биир гына өрүнэр, куттаммыттыы көрөр-истэр кыыһы саҥата суох одуулуура, курустук мичээрдиирэ.

Саҥа дьыл бырааһынньыга чугаһаан эрэрэ. Сотору кэминэн Аннушка  халыҥ соҕус кэмбиэрдээх бакыаты туппута. «Бу дэриэбинэ иһигэр ким тугу ыыттаҕай?» – диэн муодарҕыы санаабыта. Хоһугар киирээт, арыйа баттаабыта  күп-күөх харыйачаан лабаата буолан соһуппута. Аннушка кимтэн кэлбитин билээри халыҥ кэмбиэри эргим-ургум туппута. «Кэрэ кыыска Харыйаттан»  диэн төп-төгүрүк буукубаларынан суруллубут саппыысканы булан ылбыта. Төһө да өр сыллар аасталлар, Аннушка били маҕаһыыҥҥа оҕолуу ымсыырбыт  харыйата уонна Харыйа  диэн ааттаммыт уол кини хараҕар көстөн ылбыттара. Сарсыныгар буолуохтаах оскуола биэчэригэр кыыс бу уолу көрсөргө санаммыта.  Елка умайар долгутуулаах киэһэтигэр Харыйаны көрсөн, соһуччу бэлэҕин иһин кыбыста-кыбыста махтаммыта.

Бу күнтэн ыла Анналаах Харыйа  бэйэ-бэйэлэригэр истиҥник мичээрдэһэр, харахтарынан кэпсэтэр буолбуттара. Кыыс сэттис кылааска үөрэнэрэ, онтон Харыйа оскуоланы бүтэрээри сылдьара. Эр киһилии быһыыланан-таһааланан эрэр уол  килбик кыыһы «наһаа оҕо» дии саныыра буолуо, салгыы доҕордоспотоҕо.

Харыйа аармыйаҕа барбытыгар Аннушка  тугун эрэ сүтэрбит курдук соҕотохсуйан хаалбыта. Эмиэ биир Саҥа дьыл тиийэн кэлбитэ.  «Кинини суохтуурбун таайтаран,  туох эрэ үчүгэй бэлэҕи оҥорбут киһи», – диэн толкуйга түспүтэ. Оскуола үөрэнээччитэ туох сыаналаах бэлэҕи ылыа баарай? Харыйаттан кэмбиэрдээх бэлэҕи тутан, оҕочоос сүрэҕэ толугуруу мөхсүбүтүн санаан, эмиэ күөх харыйачаан лабаатын ыытан көрөргө быһаарыммыта. Саллаат уол аадырыһын кини бииргэ үөрэммит кыргыттарыттан көрдөһөн булбута.

х х х

Харыйа кинини  кыһыннары-сайыннары күөҕүнэн чэлгийэр, ол эрээри олус хатыылаах маска маарыннатан ааттаабыттарын соччо өйдөөбөт этэ. Арай аҕата: «Күн-дьыл өксүөнүгэр бэриммэккэ, мэлдьи күөх турар, олоххо тардыһыылаах харыйа курдук, мин уолчааным олох ханнык да ыарахаттарыгар бэриммэтин»,  – диэн ааттаабытын кэпсиир буолара. Дьикти ааттаах уолу элбэхтик күлүү-элэк гыналлара. Арыый улааппытын кэннэ «харыйаны таҥнары соспут курдук хадаар» диэччилэр эмиэ бааллара.  Туох да диэбит иһин, Харыйа  аҕата киниэхэ биэрбит аатынан киэн тутта улааппыта.

Ордук аармыйаҕа сылдьан «күннээбитэ». Нууччалыы ааттаах биир дойдулаахтара  атыттар ортолоругар симэлийэр буоллахтарына, Харыйаны бары билэллэр. «Дьэ, кырдьык, омуктуу ааттаах, бэйэҥ ураты сирэйдээх-харахтаах эбиккин», —дии-дии илии тутустахтарына, Харыйа олус астынар.

Аны бу соһуччу үөрүү тосхойдо. Саха нарын кыыһа дойдутун санатар харыйачаан лабаатын бэлэх гынан ыыппыт. Харыйа да буоллар, бу түгэҥҥэ хаҥыл хаана хамсаабытын, тулаайахсыбыт кута туоххаһыйбытын биллэ. Кыраман кыраайтан дойдутун тыына биллэргэ, аар тайҕа суугуна иһиллэргэ дылы буолла. Тыйыс айылҕалаах Сахатын сиригэр Аннушка олорор эбээт.

 х х х

Ити кэмтэн ыла Аннушкалаах Харыйа ханна да тиийдэллэр, ыра санаа илдьитин – мэлдьи күөх харыйа лабаатын  бэлэхтэһэр буолбуттара. Тоҕо эбитэ буолла,  килбик тапталлара дириҥээбэтэҕэ. Харыйа аармыйа кэнниттэн атын кыыһы кэргэн ылан, хоту дойдуга барбыт сураҕа иһиллибитэ.

Ол эрэн, күлүм кыммыт дьол кыыма салгыы саҕыллан, Аннушка Саҥа дьыл аайы харыйа сыттаах баһыылканы аны ыраах хоту сиртэн тутар буолбута. Кэргэнэ бастаан күнүүлүүр, оҕолоро дьиктиргиир курдук этилэр да, кэлин үөрэммиттэрэ.

Күннэр-дьыллар хотоҕостуу субуллан ааспыттара. Аҕыйах сылтан бэттэх  ымыы чыычаах-баһыылкалар кэлбэт буолбуттара. «Харыйа туох эрэ буоллаҕа?»  диэн санаалар огдообо хаалбыт Анна Алексеевнаны үүйэ-хаайа туппуттара. Кини Харыйата  саҥа дьиэ маһа кэрдэ сылдьан, мас кэлэн түһэн, былаҕайга былдьаммытын билбитэ. Олох обургу амырыын кырдьыга айылҕа оҕотугар тыйыс да буолар эбит. Харыйа барахсан  сандаара оонньуур чүмэчилэрэ умайан бүттэхтэрэ….

Ол эрэн, Саҥа дьыл  аайы Анна Алексеевна таас дьиэтигэр туруорар дьиҥнээх харыйатын мүөттээх сыта маҥнайгы килбит  тапталын, Харыйаны санатар. Харыйа туһунан сылаас өйдөбүл дьахтар сүрэҕэр   куруук күөҕүнэн эрэ чэлгийэр.

Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ.

Хаартыскалар: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
1