Бу тугуй, оптуобуска киирдим дуу, биитэр ханнык эрэ түһээтэхтээҕи галактикаттан көтөн кэлбит БКЭ (биллибэт көтөр эбийиэк) иһигэр баар буолан хааллым дуу?.. Наадыйдахпына, биэнсийэбин устаары, ырыынакка бородуукталаһа диэн даачабыттан куоракка олорсон киирэр оптуобуһум курдук этэ дии…
Олбохторго, санаабар сирдээҕи олохтон таһыччы атын, туспа үөрүйэхтээх уол-кыыс бөҕө, бары биирдик умса нөрүһэн сымарпуоннарыгар, былансыаттарыгар хам хатанан баран олороллор. Тулалыыр эйгэттэн атын, сир дьонун дьүһүннэрин-бодолорун ылыммыт, кубулуммут гуманоидтар бэйэлэрин галактикаларыгар сибээскэ тахсан кэпсииллэр-ипсииллэр, ыйыы-кэрдии ылаллар быһыылаах.
Иннибэр соодьоллон тураахтыыр эмээхсин тулуйар аатыттан тахсан: “Кыысчаан, миэстэҕин туран биэриий”, – диэхтээбитин халыҥ таас ачыкы нөҥүө мэкчиргэ курдук көрбүт харах иччитэ кыыс тугу диэбитэ биллибэт, ыҥыранан, дьигиһийэн кэбиһэн баран, олбоҕор эмэһэтинэн өссө хам сыстан “килиэйдэнэн” кэбистэ. Бүттэхпит.
Кыыс курдук үүннэриммит кыл баттаҕын төбөтүн оройугар хомунан болточчу эриммит, ыры-ырҕаччы уойбут дьоппуон сумоиһын курдук багдаллыбыт уолу: “Эн тур, аны мин олоруум”, – санныттан таптайбыппар: “Дед, хомуньууһум кэмэ ааспыта. Пиэнньэр буолбатахпын. Харчыбар атыыласпыт миэстэбэр олорумунабын, тоҕо туруохтаахпыный”, – “сумоиһым” аны сүгүллэн туран, иһинэн түҥнэри көтүө диэн сэрэхэдийэн дьон быыһынан тэйэн биэрдим. Көр, ити тухары биир да “гуманоид” сымарпуонуттан арахсан төбөтүн өндөтөн көрбөтө, интэриэһиргээбэтэ. “Тоҕо итинник саҥараҕын, сыыһа гынаҕын” диэн самычаанньалаабата, миэстэтин да туран биэрбэтэ. Интэриниэт, сымарпуон, социальнай ситим радиациялаах дьайыылара мэйиилэрин, өйдөрүн-санааларын, сирдээҕи олох үөрүйэхтэрин, өйдөбүллэрин быһа сиэбит саха омук “гуманоид” көлүөнэлэрэ иитиллэн тахсан истэхтэрэ.
Дьэ, кырдьан, сааһыран эҥин-эҥин олоххо, сайдыыга кэлэн эрдэхпит. Оччо сайынныбыт, бачча байдыбыт, духуобуна барҕардыбыт дэһээхтиибит ээ, уонна…