Дьокуускайтан Солоҕонно, Горнай улууһугар көһөн тахсыбыппыт. Ийэбит почта отделениетын начальнигынан анаммыта. Ол иһин почта дьиэҕэ олохтообуттара. Аҥарыгар үлэлиирэ, аҥарыгар олорорго диэн.
Биһиги 4 кыра оҕолоох этибит. Оҕолор оонньуу сырыттахтарына, мин хоспор сытан хаһыат ааҕар этим, устунан арыый эрдэ утуйарым. Онтон ситэ утуйа иликпинэ хаптаһын быыс аанын кычыгыраччы aһaн орто уҥуохтаах, эдэрчи, кылгас таҥастаах киһи киирэн кэллэ. Мин соһуйан ыһыытаан баран ойон тураммын таһырдьаттан ыппын киллэрэбин. Ытым арҕаһын түүтүн туруоран атаҕын төбөтүнэн хаампахтаан мин оронум таһыгар төбөм туһунан сытынан кэбиһэр. Ол кэнниттэн туох да көстөөччүтэ суох. Онтон кэлин билбиппит, дэриэбинэҕэ ыалдьа сытар дьонтон ол түүн ким эмит өлөр эбит. Кэлин хас киһи өлөр түүнүгэр киэһэтин көстөр этэ. Ол иһин мин этэр буолтум: «Били муҥнаах бу түүн быстар буолбут, эмиэ көһүннэ», — диэн. Ол курдук өлөр киһини биири да көтүппэккэ, олорбуппут устатыгар көстүбүтэ. Аны туран ким да миигиттэн ураты көрбүт киһи суох этэ.
Кэлин билбиппит: биһиги кэлиэхпит иннигэр, почта начальнига ол дьиэҕэ оһолго өлбүт эбит. Ол иһин ол дьиэҕэ хас сырыы аайы көстөр эбит. Ол да үрдүнэн биһиги куттаммат этибит уонна олус үчүгэйдик үлэлээбиппит. Биир да ыалдьыы эҥин суоҕа. Солоҕон үтүөкэннээх дьонноох-сэргэлээх үтүө дойду. Солоҕонно олорбуппунан уонна ити үтүө дьоннуун бииргэ үлэлээбиппиттэн олус үөрэбин. Кинилэр үтүө сабыдыаллара мин олохпор көмөлөспүтэ саарбаҕа суох.
«Эдэр саас» хаһыаттан, 20.03.1996