ХАРАҤА ХОС: суорума суолламмыт «айанньыттар»

Ааптар:  Эдэр саас
Бөлөххө киир:
Хаартыска: куйаар аһаҕас ситимиттэн

Ардах ыаҕастаах уунан кута турар киэһэтэ. Массыынаҕа толору таһаҕаһы тиэнэн, дойдум диэки уһун унньуктаах айан. Онуоха суолга биир киһи тохтотон, «чугастааҕы дэриэбинэҕэ бырах эрэ» диэн буолла. Хата киһим кэпсээннээх-ипсээннэх буолан, бэрт сэргэхтик суолбутун ортолотон айаннаан иһэбит.

 Арай эмискэ киһим «билигин суолга дьахтардаах эр киһи тахсан кэлиэхтэрэ. Кинилэргэ олох тохтоойоҕун. Гаастыы тураар» диэтэ. Мин бастаан утаа тугу этэрин ситэ өйдөөбөтүм. Онтон, доҕоо-ор, дьэ, илэ харахпынан көрдүм ээ!

Киһим эппит тылын дорҕооно сүтэ да илигинэ, суолга икки киһи «барыс» гынан тахсан кэллилэр. Мин хайдах буоларбын билбэккэ, арыт суол диэки, арыт киһим диэки көрөн олорбутум. Арааһа, харахпын симэн баран айаннаабытым быһыылааҕа. Онтон «һуу, аһардыбыт» диэн саҥа иһиллибитэ. Ол түүн сап-салыбырас, ип-илибирэс буоламмын, хайдах дьиэбин булбуппун күн бүгүҥҥэ диэри өйдөөбөппүн.

Онтум баара, маннык эбит. Бу айан суолугар урукку сылларга хааннаах-сииннээх, тыын быстыылаах алдьархайдаах оһоллор буолан ааспыттар үһү. Быһылаан кэмигэр суорума суолламмыт «айанньыттар» туох эмэ алдьархай буолаары гыннаҕына, сэрэтэллэр эбит. Кинилэргэ хайа да суоппар тохтуо суохтаах диэн өйдөбүл баар.

Суоппар кэпсээнэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
10
+1
2
+1
0