Бу түгэни хаһан да, кимиэхэ да кэпсээбэтэҕим. Ол кэмҥэ бэйэм да итэҕэйбэт этим. «Сибиэннээх, абааһылаах» сахалыы кэпсээннэртэн олус куттанарым, биир өттүнэн учуонай буолан, итэҕэйбэтим чуолкай. Ол эрээри… чэ, айбыт таҥара бэйэтэ билэр.
Үлэбин-үөрэхпин суруйаары, кыратык сынньанаары уоппуска ыллым. Уоппускам быыһыгар чинчийэр үлэбин суруйар былааннааҕым. Ол курдук, атын сиргэ көттүм. Бэйэм көҥүллүк сылдьаары, чэпэчки сыанаҕа хос уһуллум. Олус чэпчэки буолан, «бэрт, харчыбын харыстаатым» диэн испэр үөрэ санаабытым. Ыраахтан хайалар көстөллөр, истиэп – кэрэ айылҕалаах хартыына курдук көстүүлээҕэ.
Хата, маннык кэрэ айылҕаҕа киһи иэйиитэ уһуктар эбит. Түүн да, күнүс да буоллун үлэлээтим. Саатар ардахтаах кэмҥэ түбэспиппин, таһырдьа соччо-бачча быкпатым. Биир нэдиэлэ иэйиибэр киирэн хаалан, түүл-бит курдук сырыттым. Ол тухары ардах тохтообокко түһэр.
Сынньаммакка, сүгүн утуйбакка, тиэкис бэчээттээн хараҕым ыарыйда, ачыкыбын остуолга уураат, дьыбааҥҥа налыйан олордум. Ардах түһэрин көрө сытан, санаабар баттатан, нухарыйан киирэн бардым…
Арай түүлүм быыһынан көрдөхпүнэ, уһун, сырдык халадаай былаачыйалаах кыыс киирэн кэлээт, олоппоско олорунан кэбистэ уонна тугу эрэ суруйан киирэн барда. Мин соһуйан, тура сатыыбын да этим-сииним хамсаабат, хаһыытыы сатыыбын да саҥам тахсыбат.
Кыыс хара хойуу баттахтаах, сырдык мөссүөннээх. Эмискэ, туохтан эрэ хомойон, ытаан барда. Сурук суруйа сатыыр, онтон кумааҕытын кумалаат тиэрэ түһээт, олоппоһун биэтэҥнэтэн киирэн барда. Барыта илэ курдук, ардах эмиэ түһэрин курдук түһэ турар. Мин куттаммыт санаам ааспат. Этим-сииним баата курдук, саҥа таһаара сатыыбын даҕаны, ыт курдук ыйылыыбын эрэ. Аны кыыс саҥа таһааран ытаата, онтон тыастаахтык хааман тахсан баран хаалла.
Эмискэ хаһыытаан аҕай туран кэллим. Били, кумаламмыт кумааҕы, хата, суох. Олоппос биэтэҥнии турар… Этим-хааным тымныйаат, таһырдьа ыстанным. «Аһара үлэлээн иирдим дуу» дии саныы таһырдьа син өр турдум. Ардах курулаччы түһэр, ибили сытыйдым. Ыксаан ыалбын тоҥсуйдум. Аан аһыллыбыта – нууччалар. Соһуйдулар аҕай, дьиэлэригэр киллэрдилэр. Чэй иһэ олорон, туох буолбутун кэпсээн биэрдим.
«Иирбит» диэхтэрэ диэн «түүлбэр» диэн саҕалаан кэпсээбитим. Ону нуучча оҕонньоро: «Бу дьиэ былыргы. Устуоруйаҕа сурулларынан, ити хоско, соҕотох кыыстаах сэниэ ыал олорбут. Кыыстара таптыыр уолун кытта этиһэн, иирсэн, дьиэтиттэн ханна эрэ күрээбит, ол кэннэ булбатахтар үһү. Арааһа өрүскэ ыстаннаҕа…», – диэн кэпсээтэ. Ити кэннэ соҕотох тахсар санаам суох этэ. Оҕонньору кытта хоспор тахсыбыппыт, малбын хомунаат, тута чэпчэки сыаналаах, биир миэстэлээх хостелга көспүтүм.
Киһи арааска да түбэһэр, ким эмэ, баҕар, мин курдук иччилээх түүлү көрбүтэ буолаарай?
Алена.