1956 сыллаахха этэ. Оскуола сааскы сынньалаҥар 10-с кылаас оҕолоро Соболооххо кэнсиэр көрдөрөн баран төннөр массыыналарынан райкомол пленумугар барсар буоллум. Оччотооҕу холкуос үлэтэ бүппэккэ буолуо, массыынабытын киэһэ хараҥарара чугаһаабытын кэннэ биэрдилэр…
Оройуон киинэ үс көс, суоппарбыт эдэр уол. Аара сир ортотугар, суолбутугар Өлөөнө диэн хас сырыы аайы киирэн иттэн, чэйдээн ааһар эмээхсиммит олорор. Былырыын оҕонньоро өлбүтэ. “Быйыл оҕонньорбун кэриэстээн олоробун” диэн ааттаан соҕотоҕун кыстаан олорор. Оттор маһын, сүөһүлэригэр сиэтэр отун оҕолоро кэлэн бэлэмнээн бараллар. Биһиги куусапка айаннаан иттэн ааһаары эмээхсиммит дьиэтигэр кэлбиппит, дьиэтэ маһынан баттатыллан турар. Ынахтарын хотоҥҥо киллэрбит быһыылаах, бэйэтэ суох. Арааһа, оройуон киинигэр оҕолоругар бардаҕа диэн сэрэйдибит уонна ааһа көтүттүбүт. Дьиэттэн 4-5 км бараат көрбүппүт: сыһыы ортотугар икки тэбис-тэҥ эмээхситтэр сэргэстэһэн баран эрэллэр, иккиэн саалынан тууна бааммыттар, былаат курдаахтар. Биирдэстэрэ кыра сүгэһэрдээх. Биһиги Өлөөнө ыалдьытын кытта оройуон киинигэр оҕолоругар баран истэҕэ дэстибит. Начаас үлүгэр ситэ баттаан ылан тохтоотубут: “Оҕолоор, миигин кабинаҕа олордуҥ”, – диэтэ Өлөөнө эмээхсин. “Биирдэскитин эрэ ылабын, манна ыалдьар оҕо олорсон иһэр”, – диэтэ суоппар. Онон биһиги түһэн Өлөөнө эмээхсини кабина иһигэр үтэн киллэрдибит, аргыһын сорохтор алларааттан үтэн, сорохтор үөһэттэн тардан куусапка таһаардылар, күлсүү-салсыы сүрдээх, халлаан боруксуйан эрэр.
Мин куусапка тахсан, кэтэх өттүгэр олорсоору баран иһэн, ханнык эмээхсини олортулар диэн сирэйин көрдүм. Уһун ньолоҕор сирэйдээх олус кырдьаҕаһа суох, хара саалынан тууна бааммыт эмээхсин кыргыттар ортолоругар олорор, мин одуулаабыппын биллэ быһыылаах, мин диэки кынчарыйан эрэр курдук “дьэбиннээх” хараҕынан көрбүтүгэр хайдах эрэ куйахам дьар гынан ылла, мин үргүлдьү хааман куусапка көхсүбүнэн сыстан таба тэллэххэ олорунан кэбистим.
Сотору үлүгэр оройуон аттыгар баар холкуос кулуубун аттыгар массыынабыт тохтоото, Өлөөнө эмээхсин кабинаттан түстэ, оҕолоругар кыра мөһөөччүккэ тоҥмут үүт тутуурдаах. Ким эрэ эттэ: “Аргыһыҥ ханна түһэр?” Эмээхсиммит соһуйда: “Аргыстаах этим дуо? Суоҕа, суох этэ”, – диэн буолла. Биһиги суоппардыын 13 киһи бары көрбүт, өссө куусапка тардан таһаарбыт эмээхсиммитин таһы сүтэрэн кэбистибит. Түспүтүн ким да көрбөтөх, суоппар оҕолору интэринээккэ илтэ, мин түһэр ыалбар бардым.
Билигин ол бииргэ айаннаабыт оҕолорбуттан үгүстэрэ кэлин ыал буолбуттара, ол эрэн сорохторун умнан кэбистим. Арай, Өлөөнө эмээхсин аҕыс уонуттан лаппа сабырыйан билигин да олорор. Сааһыран баран олорон санаатахпына, биһигини кытта айаннаспыт эмээхсин курдук киһи улуус иһигэр дьиҥнээхтик олоро сылдьыбатах, отой суох “киһи” олорсубут эбит. Ити түбэлтэ буолбута 40-ча сыл ааста, ол эрэн, ол “олорсон айаннаспыт эмээхсини” санаатахпына айылҕаҕа туох эрэ баар быһыылаах диэн түмүккэ кэлэбин.
“Эдэр саас” хаһыаттан, 1994 сыл.