Сайылык дьахталлара буолан биир үтүө күн дьэдьэннии бардыбыт.
Куйаас да куйаас күн буолла, күн сырылаччы тыгар. Уу чаккырас буһан, улахан алааска тиийдибит. Алаас үрдүгэр сылгыһыттар баазалара турар. Уопсай икки кыбартыыралаах мас дьиэ. Бииригэр сөрүүккүү киирдибит уонна буоларын курдук, дэлби ирэ-хоро сэлэстибит.
Биир дьахтар куһаҕан түбэлтэни кэпсээтэ. Биһиги чөрбөһөн, кулгаахпытын чоротон олоробут. Арай ааммытыгар таһырдьаттан саппыкылаах киһи атаҕын тыаһа «сүр» гына улаханнык тыаһаата. Тохтоон аан аттыгар турда. Биһиги чуумпуран олорон истэбит. Ким да киирбэтэ. Онтон эмискэ өйдүү түстүбүт. Ол саас, бу олорор уопсайбытыгар, иккис кыбартыыратыгар биир сылгыһыты кырбаан өлөрбүттэрин санаан кэллибит. Саҥата суох көрсүһэн бараммыт, ааны аа-дьуо аһан көрдүбүт. Ким да суох.
«Бабат»- дии санаат, таһырдьа ыстанныбыт. Иккис ааны эмиэ аһан өҥөйдүбүт. Ким да көстүбэт. Саҥата суох хомунаат, сайылыкпыт диэки төттөрү хаамтыбыт. Баран истэхпитинэ, аллараа алаас быарыгар дьону көмпүт киһи уҥуохтара көстөллөр. Онтон кыра холорук тахсан, биһиги диэки көтүттэ. Биһиги муҥ кыраайынан сүүрээччи буоллубут. Ол курдук, хайдах тиийбэппитин өйдөөбөккө сайылыкпытыгар тутатына биирдэ баар буолбуппут.
Күн Арылы Күннэй, «Кутталлаах кэпсээннэр» бөлөхтөн