ХАРАҤА ХОС: Дьаҕыл Тойон дьүүлэ

Ааптар:  Б.МАКСИМОВ
18.12.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Кэргэттэрин туулаан-туһахтаан иитэн олорор Хоноһону суор буулаабыта. Айатыгар, туһаҕар өлбүт булдун сиир идэлэммитэ хас да сыл буолла. Кэлин-кэлиҥҥинэн булдун сэбин ааҕа кэрийэ сылдьан сиэн, буруолары сабаары гыммытын иһин ыксаан, өбүгэ саҕаттан үс саха өрө көрбөтөх көтөрүн төһө да куттаннар, бултаһарга тиийбитэ.

Бэрт өр эриһэн, биирдэ туһахха иҥнэн олорорун тутан баран, кыһыйбыта-абарбыта бэрдиттэн икки хараҕын тэһитэ кэйэн кэбиспитэ. Суор тула холорук­таан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа өрө көтөн тахсан көстүбэт буолбута эрээри, өһүөннээх хаһыыта өргө диэри иһиллэ турбута. Булчуттан эмсэҕэлээбит суор аҕатыгар Дьаҕыл Тойоҥҥо иҥсэритигэр уоран сиэбит булдун сэмнэҕин сүктэрэн ыыппатах киһи суору уоруйаҕын дакаастыыра суох буолан улахан буруйга тиксэр үһү диэн кэпсииллэрин истэр этэ, ол гынан баран, өс ситиһэр дьулҕааныгар буолан таһы-быһа умнан кэбиспитин өйдөөн кэмсиммитин иһин тугу да гынар кыаҕа суох этэ.

Хоноһо түүн утуйар-утуйбат икки ардынан сыттаҕына, дьиэтин халҕана, холорук тэлэйэ бырахпытын курдук, аһылла түспүтэ уонна чанчыктарынан көрбүт быччаҕар харахтаах, анньыы курдук, уһун тумус муруннаах икки күтүр улахан хап-хара баҕайылар көтүөккэлэһэн түспүттэрэ. “Дьаҕыл Тойон дьүүлүгэр бараҕын!” диэн сулбу ойутан туруоран, тиэтэтэн бар туомун таҥыннаран, умсарыта кэйиэлээн таһырдьа таһаарбыттара уонна икки хонноҕун анныттан, кытаҕас курдук ылан, өндөл маҕан хал­лааҥҥа өрө көтөн күүгүнэспиттэрэ. Хоноһо “суордарга сэймэктэтиэм кэриэтин үлтү түһэн өлбүтүн ордук” диэн мөхсүбүтүгэр биир баҕайы ойбон алларарга сөптөөх тумсунан оройго охсон “чап” гыннарбытыгар өйүн сүтэрэн, илии­тэ-атаҕа босхо салыбыраһа түспүттэрэ. Хоноһо өйдөнөн кэлбитэ, суордар Орто дойдуга туттар күөдэллэммит уйаларын курдук быһыылаах, суон мастары силистэри, мутуктары өрө-таҥнары уурталаан оҥоһуллубут эркиннээх, үрдэ суох киэҥ-куоҥ тутуу иһигэр, кырдьаҕаһа бэрдиттэн төһө да өлбөөдүйдэр, өссө да уоттаах, сытыы харахтаах, төрдө суонуттан сылыктаатахха бэрт уһун буолуохтаах эрээри молоччу элэйэн, кылгаабыт тумус муруннаах, сүүһүн үрдүттэн хайа салаан таһаарбыт курдук хаар маҕан дьаҕыллаах төбөтүн минньи­гэс моонньо уйбакка төҥкөччү түспүтүн үрдүнэн дар уҥуох көхсө бөгдөллөн көстөр аарыма кырдьаҕас иннигэр турар эбит. Ыксатыгар биир бэрийбит күтүр икки хараҕын саба баанан баран энэлийэ олорорун көрөн “уоруйах суор аҕатыгар үҥсэ кэлэн олордоҕо!” дии санаабыта. Эркиҥҥэ хас чорбойбут силис, мутук ахсын дьүүлү истэ кэлбит суордар алларааттан үөһээҥҥэ диэри лөһүгүрэһэн олорон, ботур-ботур кэпсэтэн хооҕурҕаһаллара.

Дьаҕыл Тойон үҥсүүлээх суорга тыл биэрэн дьүүлүн саҕалаабыта. Өлөн эрэр курдук энэлийэ олорбут суор тура эккирээбитэ уонна кынатынан сапсынан, таҥалайын чаллырҕатан ыла-ыла “туора харах куһаҕан санаатыгар, сору­йан эрдэттэн тэринэн бу айылаах оҥордо, Орто дойдуга мин туох да куһаҕаны оҥорботоҕум” диэн өрүсүһэн кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии этэн-тыынан барбыта. Бүтэһигэр туора хараҕы бэйэтэ илии­тинэн-атаҕынан тутан хараҕын тэһэригэр уонна тымырыттан-сыдьааныттан тоҕус үйэ тухары иэстэһэригэр уураах­тыырыгар Үрдүк Дьүүлтэн көрдөспүтэ. Үрдүк Дьүүл – Дьаҕыл Тойон, туора харах хараҕын тэспит суора уоруйаҕын кэрэ­һэлиир туоҕа да суох буолан, үҥсээччи көрдөһүүтүн ылынан уураах таһаарбыта. Харабыл суордар Хоноһону түүрэ тутан эмсэҕэлээбит суорга аҕалан биэрбиттэрин, төбөтүн хам тутан олорон тумсун хараҕар батары охсо-охсо хараҕын иччитин супту уулаан ылбыта. Хоноһо баламат ыарыыттан уҥа-уҥа тиллибитэ. Харабыл суордар бадыа-бүдүө дойдуларын бүүрүгэр аҕалан аллараа диэки умса анньан кэбиспиттэригэр кутталыттан хаһыытаабытынан оронугар икки хараҕа суох буолан уһуктубута.

А.Е.Кулаковскай суору Хара Суорун Тойон кыра уола, Э.К.Пекарскай Улуутуйар Улуу Тойон сиэнэ диэн бэ­­йэлэрин научнай үлэлэригэр суруйаллар эбит. Мин манна хайдах истибиппинэн суруйдум.

Б.МАКСИМОВ, Сунтаар.
1995 сыллаах “Эдэр саас” хаһыаттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0