ХАРАҤА ХОС: Чөчүөккэ

Ааптар:  Я. Сметанин
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Күөдэл курдук таҥастаах ороҥҥо түөртээ-биэстээх кыыс оҕо хабылык хабан оонньуу олорор, балаҕан иһигэр ким да суох, арай оҕо саҥата эрэ иһийэн турар балаҕан дуомун сэргэхситэр, ким баарын биллэрэр.

Дьоно окко сылдьар буоланнар, кини хойуукка диэри дьиэ иччитэ буолан оонньуур, айманар, сылайдаҕына утуйан да ылар.

Арай ол олордоҕуна көмүлүөк оһох кэнниттэн биир куп-кугас баттахтаах, былааччыйалаах кыһыл түөтэҥкэлээх оҕо тахсан кэллэ уонна кыыска: »Эн миигиттэн куттаныма, хата оонньуохха», — диэн буолла. Кыыс тоҕо эрэ куттамата, эгэ эрэ, оонньоон бардылар.

Бастаан хабылык оонньоотулар, онтон салтылар быһыылаах, таҥас кырыйан оонньоотулар. Аҕатын — ийэтин баар суох мааныга кэтэр таҥастарыттан саҕалаан, туох үчүгэй баарын барытын кырыйдылар, куукула оҥостон айманнылар, туос иһиттэри хантан эрэ булан ынах, сылгы, киһи оҥорон түбүгүрдүлэр.

Онтон күн ыраатан, били кыыс: »Чэ, мин бардым. Дьонуҥ кэлэллэрэ чугаһаата, сарсын эмиэ кэлиэм. Бука диэн дьоҥҥор мин кэлэн оонньоһон барбыппын кэпсээйэин. Оччоҕуна сарсын таас куукула аҕалыам», — диэтэ уонна оһох кэннигэр киирэн баран тыаһа-ууһа суох сүтэн хаалла. Кыыс дьиктиргээн  сүүрэн тиийэн көрбүтэ туох да суох.

Оронугар төннөн истэҕинэ, дьонноро үлэлээн бүтэн сылайан-элэйэн кэллилэр. Киирэн баран соһуйуу бөҕөнү соһуйдулар, чэй сылыттан баран кыыстарын ыххайан да көрдүлэр, таһыйан да көрдүлэр, туох да туһа суох буолла, утуйдахтара дии.

Сарсыарда үлэлии бараары туран: »Хотуой, бүгүн эмиэ иһиккин-хомуоскун, таҥаскын- сапкын сэмнэх оҥороор! Киэһэ кэлэн моһуораҕын көннөрүөхпүт», — диэн баран отторугар бардахтара дии.

Эмиэ бэҕэһээҥҥи бириэмэтигэр били оҕо оһоҕун кэнниттэн тахсан кэллэ. Эппитин курдук үчүгэй баҕайы таас куукуланы туттаран кэбистэ уонна эмиэ оонньоон бардылар.

Бу да сырыыга таҥас да ордубата, эгэ кэлэн таас иһит ордуо дуо, барыта оонньуурга кубулуйда.

Киэһээ эмиэ дьоно кэлэн мөхтүлэр, таһыйдылар, ээҕин этитэн, син киһи эрэ буоллар барытын  түөрэтин кэпсээн биэрдэ. Дьэ соһуйуу-өмүрүү буолла, куттаннылар даҕаны.

Аҕата чэй иһэн баран кыһан маһынан быһах оҥордо уонна кыыһын ыҥыран ылан оргууй, сэрэнэн кэпсэтэн, сүбэлээн барда:

— Сарсын били оҕо кэллэҕинэ, оонньообута буола сылдьан өйдөппөккө, сэрэппэккэ эрэ бу быһаҕынан анньаар, оччоҕуна ол оҕо хаһан да кэлиэ да, көстүө да суоҕа. Маннык бэйэбит тиийбэт-түгэммэт эрээри ыал аатыттан ааһабыт, умналыы эрэ барарбытыгар тиийэбит.

Онон бука диэн куттанаайаҕын, оҕом үчүгэй оҕо, ийэлээх аҕатын тылын истиэ, өйдүө диэн этэбин», — диэт сыллаан ылла итиэннэ ортолоругар уктан утуйдулар.

Сарсыарда эмиэ үлэлии бардылар.

Кыыс соҕотоҕун хаалан оонньуу сырыттаҕына эмиэ били оҕо тахсан кэллэ. Идэлэринэн оонньоон бардылар. Арай кыыһа хайдах эрэ куттаммыт, сэрэхэйдиибит курдук туттар-хаптар, уоран одуулаһар, тэйиччи соҕус сылдьан оонньоһор.

Син өргө диэри сырыттылар, онтон кыыһа: Бээ эрэ, ити үчүгэй баҕайы оонньуур быһахтаах эбиккин дии, көрдөрбөккүн ээ? — диэн баран үчүгэй баҕайытык көрөн турда.

Кыыс барыны бары умнан кэбиспит курдук били быһаҕын  этэрбэһин оһуттан таһааран көрдөрө биэрдэ. Били оҕо маны ылан эргим-ургум тутан көрө түһэн баран кыыһы искэ саайда түөһүн тылыттан, киинигэр диэри тараһатын тыыра тардан кэбистэ уонна быһаҕын элитэн баран, оһоҕун кэннигэр киирэн хаалла.

Ытааһын-сарылааһын бөҕө, төһө өр аймаммыта буолла, дьоно хата арыый эрдэ кэлэннэр кыыстара хаан-билик буолан ороҥҥо нэһиилэ ыҥыргыы сытарын булан айманнылар. Хата, тириитэ эрэ алдьаммыт буолан отунан угуттаан, өрбөҕүнэн эрийэн баран утуйдахтара дии.

Онтон ыла били чөчүөккэ биллибэтэҕэ, сурахтыын сүппүтэ үһү.

«Эдэр саас» хаһыаттан, 24.01.1996.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
0