Саас кэлиитигэр туохтааҕар даҕаны эр дьон үөрэр. Түлүк ууну көтүтэр, аһыыр аһы умуннарар булт умсулҕаныгар умса-төннө түһэллэр, сааскы кус абылаҥар ыллараллар. Маҥнайгы булт туһунан урут истибит кэпсээммин ааҕааччыларга сибис гынан сипсийэн, сэһэргии түһүүм дуу…
Сир ийэ уһуктан турар кэмигэр, сааскы ылааҥы күннэргэ, биибин кытта тыаҕа бардыбыт. Булчуттар сыалбыт-сорукпут биир – тииҥнээһин. Сахалар бары даҕаны айылҕа оҕолоро буоллахпыт. Онон, тыа оҕото кыра сааһыттан айылҕаҕа сылдьа үөрүйэх. Иккиэбит эрэ. Сааһым – уон биирим. Дьэ, талахтан эрэ арыый өндөс оторой-моторой булчуттарбыт. Иккиэн биирдии саалаахпыт: сүүрбэлээх уонна отут иккилээх. Дэриэбинэбититтэн балачча ырааттыбыт. Баай барыылаах байанай барахсан күндүүлээтэ, бэркэ бултуйдубут. Сүгэһэрбитигэр уонтан тахса тииҥнээхпит. Ол да гыннар, дьиэбитигэр төннөр туһунан букатын санаабаппыт.
Быһатын эттэххэ, булт абылаҥар ыллардыбыт. Ол курдук хааман-сиимэн иһэн, ыркый ойуур быыһыгар киирэн хааллыбыт. Биим кырата өтөн: “һуу-һаа… Ыы… Абытаа-ай!” — диэмэхтиир. Мин убай киһи сиэринэн: “Бу тыа сотору бүтүө. Ыркый дэнэр. Хааман ис”, — диэн уоскутабын. Арай ол баран истэхпитинэ, кэннибитигэр туох эрэ сүр улаханнык орулаан тоҕо барда. Аата, саҥата улаханын, хатанын… Биһиги көлөһүн алла түстүбүт.
Сүрэхпит айахпытыттан субу ойон тахсыахтыы өрө мөхсүөлээтэ. Тыатааҕы! Тыын быһаҕаһынан маска харбастыбыт. Ол быыһыгар “эһэбит сүөдэҥнээн, бу иннибитигэр барыйан кэллэҕинэ, дьэ, тугу гынабыт, хайдах дьаһанабыт?” диэн толкуйдуурга дылыбын. Кыылбыт бэйэтэ көстүбэт эрээри орулууруттан иһиттэххэ, адьас субу аттыбытыгар сылдьар курдук.
Саатар, ыркый ойуур буолан, туох да аанньа көстүбэт. Күн саҕахха киирэн, халлаан улам хараҥаран барда. Эт дьон элэйдибит, сыа дьон сылайдыбыт – хамсаабакка олорортон эппит көһүйдэ. Сотору буолаат, аны биим сыҥсыйан барда. Түүн ортото буолла да, били кыылбыт орулаабытын курдук орулуур, тохтоон да ылбат. Нуктаан ыла-ыла, түүл-бит курдук
маспытыгар хатаастан олордубут. Хата, саас буолан, халлааммыт өр кэтэһиннэрэ барбакка сырдаата. Арай ол олорон уум быыһынан көрдөхпүнэ, биһигиттэн уонча хаамыылаах сиргэ биир кып-кыра кыыл орулуу аҕай турар. Баара-суоҕа ыт эрэ саҕа.
Мин олус соһуйдум, тарбахпынан харахпын хастан, өссө төгүл көрдүм. Кини. Чахчы кини орулуур. Үйэбэр хаһан да харахтаан көрбөтөх кыылбын көрөн, бэри диэн бэркиһээтим,
сөрү диэн сөхтүм. Сыыҥын туора-маары соттон баран, утуйан буккуруу сытар биибин уһугуннараары, мастан сиирэ үктэнэн, алара диэки соҕотохто күккүрүү турдум. Сиик түһэн, мас ньалҕаарыччы илийэн хаалбыт. Ол охтон иһэн “ээ, кыра кыыл, тыытыа суоҕа” диэн, санаталаан ыллым. Сиргэ «ньылк» гына сууллан түһээппин кытта, били ыт саҕа кыылым
ходьос гына түстэ уонна тыа диэки куотан хаалла. Дьэ, эрэттэр биһиги онтон эр ылан, саабытын иилинээт, аны кыылбытын эккирэтэн турдубут. Кыылбыт, төһө да кыра буоллар, быһыйа сүрдээх. Биһиги да киниттэн хаалсыбатыбыт. Уончалаах дьон кус быһый, ат бөҕө буоллахпыт. Чаас курдук эккирэтэн, сиирэ-халты ытыалаан, нэһиилэ өлөрдүбүт. Өлөрөн баран, хаһан да харахтаан көрбөтөх кыылбытын, дьэ, сирийэн көрдүбүт. Онтукабыт баара, туртас курдук гынан баран арыый хараҥа
түүлээх уонна аһыылаах. Биһиги, саарбах булчуттар, аан дойдуга суох “мутаан” кыылы өлөрдүбүт диэн, бэркэ “һууһаа” буоллубут. Дьикти кыылбытын сүгэн, тиэтэйэ-саарайа дьиэбит диэки түһүнэ турдубут. Дьоммут да сүтүктээн айманнахтара. Бултаах дьон сиэринэн күө-дьаа буолан, саҥабыт хойунна, күлүүбүт-салыыбыт үксээтэ. Били, бэҕэһээ куттанан өлө сыыспыппыт сонно умнулла оҕуста. Биим сирэйэ-хараҕа сырдаан, өссө тииҥнэһэ кэлиэх буолла.
Өр гымматыбыт, дэриэбинэбит көһүннэ. Аара суолга Уйбаан диэн киһини көрүстүбүт. Киниэхэ омун-төлөн бөҕө буолан, били дьикти кыылбыт туһунан кэпсээтибит, ис-испититтэн астынан, өрө көтөҕүллэн көрдөрдүбүт.
Уйбааммыт көхсүн этиппэхтээтэ уонна чочумча саҥата суох тура түһэн баран “Байанайдаах булчуттар, бу Бүүчээн диэн кыыл”, —диэтэ. Биһиги баара-суоҕа кып-кыра бүүчээнтэн өлүөхпүтүгэр диэри куттанан, ити курдук маска хонон турардаахпыт. Ити түгэн кэнниттэн төһө элбэхтик бултаабытым, булчут араас мүччүргэннээх сырыытыгар түбэһэ сылдьыбытым буолуой… Арай “бүүчээн куттаабытын” букатын умнубаппын.
«Эдэр саас» архыыбыттан, 2016 сыл