Бу кэпсээни Сунтаар улууһуттан сылдьар билэр кыыһым кэпсээбитэ. Түбэлтэ Сунтаар улууһун биир дэриэбинэтигэр буолбута. Салгыы кини аатыттан суруйуом.
“Көстүбэт эйгэ, дьиҥ чахчы, баар эбит” диэн өйдөбүлгэ кэлэн, бу кэпсээн эрэбин. Ким итэҕэйэр итэҕэйиэ, ким итэҕэйбэт – ол бэйэтин көҥүлэ. Оскуолаҕа сылдьан киһи кыайан быһаарбат түбэлтэтигэр түбэспиттээхпин.
2003 сыл сайыныгар этэ. Оччолорго мин иккис кылааһы бүтэрбитим. Биир үтүө күн аҕам ханна эрэ бараары бэлисипиэтин ылан миинэн эрэрэ. Мин ону көрөөт, сүүрэн тахсан ханна баран эрэрин туоһуластым. Ону аҕам: «Үлэбэр бардым, оскуоланы хатаан кэлиэҕим», – диэбитэ. Ол саҕана оскуолаҕа остуорастыыра. Бэлисипиэккэ олорсор баҕаттан, аҕабын кытары барсаары атаахтаабытым. Аҕам бэрт холку киһи, көрдөспүппүн быһа гымматаҕа. Бэлисипиэккэ хатааһылыыр буоллум диэн, олус үөрбүппүн өйдүүбүн.
Син өр айаннаан кэлбиппит, уу чуумпу, ким да суох. Оскуолабыт былыргы бибилэтиэкэ дьиэтин кытары сыстан турара. Аҕам: «Мин олбуор ааннарын сабаттаан кэлиэм. Эн манна кэтэс, хата, кылааскар киирэн сибэккилэргэр уута кута тур дуу, түргэнник кэлиэҕим”, – диэбитэ. Ону мин: “Бииргэ тахсыах. Соҕотох хаалыахпын куттанабын», – диэтим тугу эрэ сэрэйбиттии. Хайдах эрэ этим тымныйталаан ылбыта. «Куттаныма, түннүгүнэн миигин көрөн тураар», – диэн баран, тахсан барбыта.
Сибэккилэрбэр түргэн соҕустук уу кутан баран, аҕабын түннүгүнэн көрөн турбутум. Арай оскуола аана аһыллар тыаһа иһилиннэ. Мин, кылааспыттан «аҕаа» диэбитинэн, аан диэки сүүрэн тиийдим. Ааҥҥа тиийбитим, доҕоор, отой да ааным бэйэтэ арыллан баран сабылынна! “Хайдах баҕайыный?” диэн, харахпын хаста даҕаны хаһынным, атаҕым барбат-кэлбэт буолан хаалла. Туох эрэ миэхэ уун-утары хаамара иһиллибитэ. Ол күтүр мин аттыбынан ааһар салгына биллибитэ, тыаһаан-ууһан эргэ бибилэтиэкэ диэки хааман барара иһиллибитэ. Ол оннук барар-кэлэр сирбин быһаарбат буолан турдахпына, аҕам киирэн кэлбитэ. Сирэйбин көрөн, аҕам соһуйбута аҕай. Били, хатааһылыы барсаары атаахтыы сылдьар кыыһа ханан да суох буоллаҕа. Уйадыйан ыла-ыла, аҕабар туох буолбутун ыһа-тоҕо кэпсээбэтим. Аҕабын кытары бибилэтиэкэҕэ тиийэ сылдьыбыппыт, күлүүһүнэн хатааһыннаах турара”.
Айсен Николаев-Лэҥкэ