ХАРАҤА ХОС: Абааһылар мунньахтарын алҕас истэн кэбиһэн..

Ааптар:  Эдэр саас
26.08.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: куйаар аһаҕас ситимиттэн

Тоҕо эбитэ буолла, «абааһы» диэн буолла да, үгүспүт төбөтүгэр ол абааһы булгуччу иччитэх дьиэҕэ, им балай быы­һыгар, киһи уҥуоҕар, ба­лыы­һаҕа көстөрүн курдук өйдөбүл киирэр үгэстээх. Дьэ, ол гынан баран ол абааһылара дуу, “көстүбэт күүстэрэ” дуу дьыл кэмиттэн, суукка хараҥатыт­тан-сырдыгыттан, өтөҕүттэн, куоратыттан тутулуга суох көстөр, биллэр эбит. Биир бэйэм абааһы диэни ончу итэ­ҕэйбэт этим. Абааһыны, сибиэни билиммэт сэбиэскэй иитии, арааһа, онно төрүөт буоллаҕа буолуо. Оттон уонна тус бэйэм илэ харахпынан көрө, эт кулгаахпынан истэ иликпин итэҕэйбэт үгэстээхпин.

Дьэ туран, биирдэ ийэбинэн аймаҕым уол көрдөһүүтүн быһа гыммакка, сайын уоппуска ылан оттоһо таҕыстым. Уһаа­быта, уонча күн сылдьан баран, соҕуруу сынньана барар былааннааҕым. Онон уоппускабар ыытааттарын кытта кэһии, ас атыылаһаат, дойдубар айан­наатым. Тиийбиппэр үөрэ-көтө көрүстүлэр. Быраатым сарсын, ол эбэтэр от ыйын 14 күнүгэр, “абааһы мунньаҕа” буолан бүппүтүн кэннэ, киириэхпит диир. Мин хап-сабар: “Бу да киһи, эдэр киһи аата, оҕоҕо-дьахтарга дылы, хаһааҥҥыттан абааһыны итэҕэйэр буолбуккунуй?! Бу күн-дьыл былдьаһыктаах кэмигэр. От үүнүүтэ үчүгэй дииллэр ээ. Сарсыҥҥыттан киириэххэ”, – диэн чап гыннардым. Эдьиийим эмээхсин ити халы-мааргы саҥабын сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, көхсүн этиппитин да аахайбат киһи буоллум. Оччолорго да, билигин да өһөспүнэн биллэр киһи, истиэм баара дуо. Сарсыарда: “Чэ, эппин үөрэтэ таарыйа бэйэм да саҕалыы туруом. Куттас киһи мунньахтаабыттарын кэннэ тиийэр. Хата, буоккаҕын умнумаар”, – диэн баран, эргэ-урба “Восход” матаһыыкылга олорон, бөһүөлэктэн балай эмэ тэйиччи оттуур алаастарыгар айаннаатым…

Куорат сиртэн тиийбит киһиэхэ, дойдум ыраас салгына бирээмэ сүрэҕим ортотунан сайан киирдэ. Хаһан тиийиэхпэр диэри күн аҥаара бүттэ. Сирбин-уоппун аһаппыта буолаат, хотуурбун ылан, охсон куйуһутан бардым. Наар олорон эрэ үлэлиир киһи, улаханнык сир өппөтүм. Ол да буоллар, сыа киһи сылайа быһыытыйан, олус өр буолбакка, хонуктуохтаах отуу курдук оҥоһук аттыгар тиийэн, күөс буһарына сырыттым. Арай иһиттэхпинэ, ханна эрэ дьон күйгүөрэрэ иһиллэргэ дылы. “Ээ, бу диэки, били, Ньукулайдаах оттуур сирдэрэ баар. Ол дьон сылдьар буоллахтара. Чэ, бээ, хата, үссэнэ түһэн баран, ол диэки хаама сылдьыам. Таах тугу гына сытыамый?” – дии санаатым. Биир ордук сөҥ куоластаах киһи атыттары баһыйар гына, хайдах эрэ араатардаан эрэргэ дылы, саҥарар курдук. Ис хоһооно, биллэн турар, иһил­либэт. Дөрүн-дөрүн дьон күй­гүөрэрэ улаатан кэлэр. Ону истэ-истэ, утуйар сирбин оҥос­то сылдьан, өссө испэр күлэ саныыбын: “Абааһыларын мунньаҕыттан ордор дьон ээ. Хата, Испирдиэн Уйбаанабыстаах буоллахтара буолуо. Туох да туһата суох, арыгыны иһиини уодьуганныыр аатыран, саҥа быраабыла айан, арыгы эбиэт эрэ кэннэ атыыланар. Онон куораттан ылбатаҕым. Бу дэриэбинэлэрэ, кыһайбыт курдук, чөл олохтооххо киирсэн, маҕаһыыннарыгар, дьоҕойон, пиибэ да атыылаабаттар эбит. Били, уол ол да буоллар, хантан эрэ булуох буолбута. Дьиҥинэн, айылҕаҕа тахсыбычча, сылааны таһааран биир эмэ үрүүм­кэни испит киһи”.

 Итинник саныы-саныы, дьон саҥата иһиллэр хайысхатын батыһан, ойуурунан быһа барарга сананным. Сылдьыбыт ахан сирим. Онон эрэллээхпин. Хааман иһэбин, хааман иһэбин. Саҥам чугаһыаҕынааҕар ырааттар ыраатан иһэр курдугуттан, мин да буолларбын, устунан, сэрэхэдийэн бардым. Ол да буоллар күн да киирэ илик. Туохтан куттаннамый? – дии-дии, хаамыыбын эбэн биэрдим. Пахай, доҕор. Дьонум алаастара олус тэйиччитэ суох курдук этэ да, тоҕо эрэ тиийбэппин. Ол аайы улуу өһөспөр да хаамыыбын эбэн биэрэбин…

Күнүм ол быыһыгар киирдэ бадахтаах. Хаамарбын тохтоппоппун…   Киһи кэпсиэн да кыбыстар… мунан хаалбытым. Дьоммун ыксатан турабын. Тутуу баттаһан, оттуу охсуохтаах киһилэрэ, үлэ дьонун сааратан, миигин көрдүүллэригэр хаарыан күннэрин ити курдук ыытан турабын. Аны, көстүбүтүм кэннэ, эбиитин «тэп» диэбит курдук, ардаан кэбиһэн, балай эмэ тардыллыбыппыт.

 Арба, ол сыл Ньукулайдаах устудьуон уолларын кэтэһэр буолан, олох хойут окко тахсыбыттара. Онон мин, этэллэрин курдук, абааһылар мунньахтарын алҕас истэн кэбиһэн, бэйэм эрэйдэммитим таһынан, дьону да ыксатан ылбыт эбиппин. Ити кэнниттэн хас да сыл буолан баран, биирдэ оттуу тахсыбытым… Ону да абааһы мунньаҕын кэнниттэн.

Сэргэй, «Сахалыы кэпсээннэр» ТГ-ханаалтан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0