“Хараҥа хос” диэн рубрикаҕа араас дьиктилэри бэчээттииргитин интэриэһиргээн ааҕабын. Мин урут абааһы, айыы диэни итэҕэйбэт этим. Истэр-билэр да буоллахпына, дьон күлүү гыныахтара диэн кэпсээн оҥостубат этим. Күһүн арыт утуйар таҥаһа суох соҕотоҕун бултуу сылдьан хойутаан сиргэ хонооччубун. Онно куруук да буолбатар, сорох сиргэ киһи саҥата “тур, бараргар сөп буолла” диэбититтэн соһуйан уһуктааччыбын, ону түһээтэҕим буолуо дии саныыр этим. Мин бэйэм түбэспит икки түбэлтэм туһунан суруйуохпун баҕарабын.
Сүүрбэччэ сыллааҕыта оройуон кииниттэн ыраах нэһилиэккэ сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии тахсыбытым. Хас да ый үлэлээн баран оройуон сэбиэтин сиэссийэтигэр киирээри барардыы оҥостон сарсыарда эрдэ хонтуорабар кэллим. Отделение управляющайыттан икки тугут тириитин атыылыырга дьаһал ылбыппын өйдөөн “аҥаардас” кыладыапсык дьахтар олорор дьиэтин ыйдаран, дьиэтигэр бардым. Дьиэҕэ киирэн хас да хардыы оҥороот, дорооболоруҥ диэтим, ким да хардарбата. Хайдах баҕайыный дии санаан эрдэхпинэ, хос иһиттэн быыһы арыйан, 16-17-лээх кыыс хайдах эрэ сырдык мичээр толбонноох миигиттэн икки миэтэрэ холобурдааҕынан билиитэ оһох диэки ааста, иһит ыскааба көстөр хорҕоҕо киирэн сүтэн хаалла. Мин бу кыыһы ханна эрэ көрбүт курдукпун да, ханна көрбүтүм өйбөр киирбэтэ. Ол турдахпына, таһыттан кыладыапсык Шура киирэн кэллэ: “Эйигин соҕотоҕун олорор диэбиттэрэ дии, олордор кыыстаах эбиккин дуу?” – диэн ыйыттым. Шура наһаа соһуйда быһыылаах: “Ханна-а, соҕотохпун дии”, – диэтэ. Мин кинини куттаамаары уонна бэйэм күлүүгэ барымаары күлэн эрэ кэбистим. Ити итинэн ааста.
Бу сыл саас кустуу сылдьан, Уйбаан диэн киномеханик табаарыспыттан ырааҕынан эргитэн сэмээр ыйыттым: “Ити Шура олорор дьиэтигэр кыһыл, токур сэбирдэх ойуулаах халааттаах, төгүрүк сирэйдээх 16-17-лээх кыыс олоро сылдьыбыта дуо?” – диэн. Онуоха киһим: “Мин убайым Баһылайкаан кыыһа баара, ол өлбүтэ 5-6 сыл буолла. Ону тоҕо көрбүт курдук ойуулаан туоһуластыҥ?” – диэн төттөрү ыйытааччы буолла.
Оннук кыыһы Шура дьиэтигэр көрбүппүн эппэтим. Кырдьык, бу кыыһы тыыннааҕар оскуолаҕа үөрэнэрин саҕана, оройуон киинигэр көрбүт эбиппин. Билигин сүүрбэччэ сыл ааспытын кэннэ, хаһан эрэ көрбүт кыыһым тоҕо “көстүбүтүн” бэркэ диэн дьиктиргии саныыбын.
Николай МОМСКАЙ, учуутал.
Муома.
“Эдэр саас” хаһыаттан, 1994 сыл.