ХАРАҤА ХОС: Баарын биллэрэн турардаах

Бөлөххө киир:

Чөчүөккэни биһиги диэки үксүн сөдүөккэ диэн ааттыыллар. Мин манан сибээстээн баарын биллэрбит чөчүөккэ туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

1956-57 сс. Өнөр “Ленин” аатынан холкуоска кыстыкка Бээрийэ Кутааматын үрэҕэр оттоммут оту сиэтэ, Баҕарахха 2 хотонунан ынах-сүөһү көрөн кыстыырбыт.

Ампаардыы муннуктаах, көмүлүөк оһохтоох дьиэҕэ оҕолуун улаханныын 17-тиэ этибит. Оһохпут илин өттүгэр хаппахчылааҕа. Ол уҥа өттүгэр биһиги сытарбыт. Оччолорго икки кыра оҕолоох эдэркээн ыалбыт. Дьиэбит чөчүөккэлээҕин маҥнайгыттан билбиппит, ол эрээри кимиэхэ да эппэт этибит.

Чөчүөккэбит дьиэлээхтэр бары сытан им-дьим буолбуппутун эрэ кэннэ кэлэрэ. Бастаан оһгох холумтанын үрдүгэр тахсан, чохчойон олорон күлү үрэн күдээритэрэ. Сэрэйдэххэ оонньуур быһыылааҕа. Уоту күөдьүтэр кэмигэр уоран көрдөххө кини сирэйэ саһарымтыйан көстөрө. Кыс сыгынньах буолара. Холумтаны биир гына тугу эрэ көрдүүрдүү чохчоохойдуура. Арыт аһыырдыы тугу эрэ ыстаан кучугуратара.

Арай биирдэ нухарыйан эрдэхпинэ кэргэним: — Көр эрэ, — диэт бэйэтин төбөтүн диэки ыйбыта. Онуоха ыйдаҥалаах сыдьаайынан сирдэтэн көрбүтүм, сиидэс быыспыт муннугун арыйан, суорҕаммытыттан тардыһа-тардыһа өгдөҥөлөөн улаҕа сытар киһини, миигин, били чөчүөккэбит одуулаһа сатыыр. Көрбүтүм сып-сыгынньах, онно бэйэтэ-бэйэтигэр сөп буолар ботуой курдук эттээх-сииннээх эбит.

Мин соһуйбучча: — Хайа, тугуй бу? – диибин. Онуоха ааныс аргыыйдык: — Кэбиис-кэбис. Саҥарыма, сарбаҥнаама. Тыытыма, — диэн сибигинийэр. Ити курдук чөчүөккэбит хас эмэ күнү быһа түүн аайы кэлэн миигин одуулаһар.

Мин кутум-сүрүм дэлби өрүкүйэн уонна кэлэрэ элбэҕэ бэрдиттэн сээбэҥнээн аанньа утуйбат буолан бардым. Миигин одуулаһарын олох сөбүлээбэппин, арай ааныһым: — Олох тыытыма. Сырытты ээ. Ити оҕо ымыыта буоларын кырдьаҕастар кэпсииллэрэ, — диэн сэрэтэр.

Ол да буоллар олох арахсыбатыттан мин даҕаны биирдэ дьиибэлэниэх санаам киирдэ. Онон уона аҕыс саастаах Вася Охлопковка: — Дьиэбит чөчүөккэлээх ээ, доҕоор. Ону үтэйэн көрүөххэ эрэ, — диибин. Уолум тута сөбүлэһэр. Уолбар чохороон сүгэ туттаран кэбистим уонна мин ыйбыт сирбинэн кириэстии бэлиэ хаалларан истибит. Чохпутун тиэрэ тартыбыт. Киэһэ буолуута эрдэттэн бэлэмнээбит уҥуохпун, арыылаах лэппиэскэбин уонна сиэли ылан уокка бэрсэ-бэрсэ төһө кыайарбытынан алҕаабыта буоллум. Алҕааһыным: — Көстүбэт көстүмэ, уубутун уйгуурдума, дьиибэлээмэ, куттаама. Аттаһан, көрдөһөн эрэбин, алгыс баһа сыалааҕынан араҕыс. Биһиги эн курдук кыралардаахпыт, ону аһын. Арчылыырдаах буоллаххына арчылыы сырыт. Үтүөнү эрэ санаан үҥэн-сүктэн эрэбин, — диэн буолла. Били уолбар холумтан муннугун аайы хайа хаппыт сиригэр кириэс сотторон истим. Бүгээх хаппахчытыгар тахсар ааҥҥа эмиэ кириэс оҕустардым. Салгыы чэй өрөн, маспытын мастаан, тас үлэбитин толорон тугу да билбэтэх-көрбөтөх буолан сырыттыбыт.

Ол кэнниттэн хас да киэһэ сэмээр кэтэһэн көрдүм да, бу эрэйдээҕим көстүбэтэ. Арааһата, суола-ииһэ бүөлэннэҕэ ол. Арай Ааныһым сүтүктээн ыйыппытыгар билиннэҕим дии. Дьиҥэр тиэтэйбэккэбин хайдах-туох буолуон, төһө өр сылдьыан, хайдах бодоруһуохпутун кэтэспитим эбитэ буоллар диэн кэлин кэмсинэ саныыбын.

П.А. Жирков кэпсээниттэн суруйда И.С.Прудецкай.
Бороҕон, Уус Алдан.
“Эдэр саас” хаһыаттан, 12.01.94 с.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0