ХАРАҤА ХОС: Өлбүт убайым быһаабыта

26.09.2019
Бөлөххө киир:

Бу түбэлтэ 2000 сыллар саҕаланыыларыгар буолбута. Мин оччолорго үһүс кууруһу бүтэрэн, сайыҥҥы быраактыкам кэнниттэн дойдубар сынньана тахсыбытым.

Дьонум оттуу барбыттара, онон дьиэҕэ соҕотох хаалбытым. Ийэм сорудаҕынан оҕуруокка уу куппутум уонна дьиэ иһин-таһын хомуйдум. Сарсыарда дьоммун атаараары, эрдэ уһуктубут буоламмын, сылаам киирбитэ сүрдээх. Тэлэбиисэр иннигэр эргэ дьыбааҥҥа киинэ көрбүтэ буола олорон утуйан хаалбыппын бэйэм да билбэккэ хааллым.
Ол сытан, арай, дьикти түүлү түүһүүбүн, санаабар, илэ курдук. Икки сыл бэйэбиттэн аҕа тастыҥ убайдааҕым. Кинилиин оҕо эрдэхпититтэн олус чугас этибит, ханна да буоллун куруук бииргэ буоларбыт. Бэл, оскуолаҕа үөрэнэ киириэхпитигэр диэри игирэлэрбит дии саныырбыт. Убайым устудьуоннуу сылдьан, хара дьайдаах дьон илиитигэр түбэһэн, эдэр сааһыгар суорума суолламмыта. Онно мин айманнахпын, абардахпын, кыыһырдахпын. Сууттаһан да дьыаланы кыайбатахпыт, өлөрүөхсүттэр билиҥҥэ диэри көҥүлгэ сылдьаллар. Чэ, түүлбэр төннүүм.

Түүһээтэхпинэ, убайбын кытта оҕо сааспытыгар эргиллибиппит. Иккиэн эбэлээхпит дьиэлэрин таһыгар оонньуу сылдьабыт. Арай эмискэ халлааҥҥа хара былыттар сабардаан кэлэллэр, этиҥнээх дохсун ардах түспүтүнэн барар. Убайым миигин кууркатынан бүөлээн, ардахтан хаххалыы сатыыр. Ол сылдьан ааппынан: “Уйбаанчык! Уйбаанчык!” – диэн ыҥыр да ыҥыр буолар. Мин “аттыгар баарбын дии, тоҕо ыҥырар” дии саныыбын. Аны эмискэ санныбар ынырык күүскэ саайда уонна илиибиттэн тардыбытыгар соһуйан олоро биэрдим, уһугуннум. Түүлбүн саныы олордохпуна, дьиэҕэ киирэр аан диэкиттэн убайым миигин ыҥырар саҥата иһилиннэ. “Эс, хайдах буолум, өссө да уһукта иликпин дуу?” – диэт, саҥа хоту туран хаамтым. Дьыбааммыттан туран, икки-үс хардыыны оҥорооппун кытта, дьиэбит өһүөтэ икки аҥы хайдан, тыас-уус бөҕөтө буолан, дьыбааным үрдүгэр күрүлээн түстэ. Мин соһуйан көрөн эрэ хааллым. Куттанан, уҥуоҕум халыр босхо барда уонна таһырдьаны былдьастым.

Таһырдьа тахсан, туохха түбэспиппин, түүлбүн саныы олордохпуна, дьонум тиийэн кэллилэр. Мин сирэйим-хараҕым турбутун көрөн, туох буолбуппун ыйыталастылар, аны кэпсээбиппэр улаханнык итэҕэйбэтилэр.

Ол да буоллар, миигин ол айылаах маска баттатарбыттан убайым ыҥыран быыһаммытым диэн саныыбын. Чугас дьоммут үөһэттэн көрөн, биһигини араҥаччылыы, көрө-истэ сылдьалларыгар итэҕэйбитим.

Уйбаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0