«ХАРАЛЫАБА ТЫРААССЫ» (КЭПСЭЭН)

Ааптар: 
22.05.2018
Бөлөххө киир:

Буор хайыҥнаах, таас дьапталлаах, быыл суорҕаннаах, туман былааттаах айан суола барахсан… Күн тахсар сириттэн бар дьон үөрүүтүн-кыһалҕатын, дьолун-соргутун, эрчимин-ыарыытын холбоон ыраахха да диэри ууннары тардыллан сытаҕын. Эн хорук тымыргынан олох хаана тыргыллатыгар, симэһиннээх өлбөт мэҥэ уута барылаччы устар. Хаһан эрэ өбүгэ саҕана аллаах ат туйаҕыттан саҕаламмыт ыллыктар наай гыннар алаастарынан бытанан олорор ыаллары эрэ ситимниир буоллахтарына, аныгы килэйбит-халайбыт үрдүк кутуу таас аартыктар хотунан-соҕуруунан, илининэн-арҕаанан буурдааннар, инньэ омук сирдэригэр тиийэ тайааннар, аата-ахса суох үтүмэн үгүс омуктары биир сүрүн олох үөһүгэр түмэн эрдэххит… Манна көстөр ханнык омук хайа диэки ханньары таттарыылааҕа, тугунан тыынара, туохха дьулуһара… Онон бүгүҥҥү аартык — норуот тыынар салгына, бэйэтин көрүнэр сиэркилэтэ…

Бүгүн күнү быһа унньуктаах уһун айаҥҥа турунаммыт, Москуобаттан Магадаҥҥа тиийэригэр Саха сирин быһа көтөр салгымтыалаах күрэҥ суол быылын бүрүнэн иһэбит. Сотору-сотору ытыска уурбуттуу нэлэһийэр алаастарга тупсаҕай тутуулардаах аһыыр-сиир дьиэлэр айанньыттары ыҥыран, ааннара аҥаһан ааһаллар. Тиэргэннэригэр эҥинэ бэйэлээх омук массыыналарын ортолоругар бу дойду аартыктарын аарымалара «Камазтар» уонна сыыдам сырыылаах «уазиктар» лыгыһан, тойон хаан буолан тураллар. Биһиги эмиэ Арассыыйа арал- лааннаах аартыктарыгар тэҥнээҕэ суох босхо бастаах бороҥ массыынаҕа олорсон иһэбит. Ол иһэн оҕо сылдьан үөрэппит хоһоонум өйбөр көтөн түһэр:

Түргэн сыыдам газикка

Төрдүө буолан олорон,

Тиийэн кэллим детсадпар.

Түөтэм, эдьиий, дорообо!

Кырдьыга да, өбүгэлэрбит оҕус, ат көлөлөрүттэн ак- каастаммыт аныгы үйэ урааҥхайдара оччоттон баччаҕа диэри уонунан сылларга улаханнык уларыйбатах газик- ка, уазикка айаннаан суолбут быылын бурҕатан кэллэх- пит. Тас көрүҥµнэн бүрэ курдугун иһин бу тимир көлө хайа да бэйэлээх суолтан иҥнибэтинэн баччааҥҥа диэ- ри тэҥнээҕэ суох. Ол да иһин билигин да кыайтарбатах, нэһилиэктэргэ тиэрдэр ооҕуй оҕус батыллар бырыы- бадараан суолларыгар маанылаах баар-суох көлөбүт. Аны туран киэҥ аартыкка таҕыстаҕына даҕаны сыыдам сырыылаах омуктартан хаалсыбакка түөрэҥэлиирин оҕотун көрүөҥ этэ. Барахсаныҥ баара хайдах эрэ ис- иһиттэн сахалыы судургу майгылаах, биһиги тыйыс айылҕабытыгар сөп түбэһээхтиир кыайыгас-хотугас боотур диэтэҕиҥ…

Тыҥ хатыыта айаҥҥа турбут дьон дэлби сахсыллан сылайа, аччыктыы быһыытыйдыбыт.

— Тукаам, Сааба-аа, ханна эмэ тохтоон сынньатаҕын дуо? — күрэҥсийбит баттахтаах кырдьаҕас суол очур- дарыгар охсуллан өрө хороҥолуу олорон суоппартан көрдөстө.

— Ити сис кэннигэр саҥа аһыыр, сынньанар дьиэ туппуттар этэ. Онно тохтоон көрүөхпүт, — суоппар уруулун эрийэ олорон холкутук хардарда.

Айан киһитэ аас, суол киһитэ тутах, сырыы киһитэ сылаамсах. Онон айанньыттар сотору тохтобул буола- рын истэн күө-дьаа өгдөҥөлөстүлэр, быылларын тэбэн- нилэр-сахсыннылар, сиэптэригэр харчыларын бигээн, төһө-хачча ороскуот күүтэрин таайар аатыгар түстүлэр.

Өр-өтөр буолбата, халыҥ сиһи быһа түһээти кытта суол тоҕойугар нэлэйэ түспүт балай эмэ кэҥэс алааска көһөрөн аҕалыы эргэ чаппа тутуулара бачыгыраан көһүннүлэр. Массыына туормастаан хачыгыратан айанын бытаарта уонна, хаҥас диэки саннынан садьыаланан иҥнэх гынаат, аартыктан туораан, «Чайная» диэн суруктаах дьиэ иннигэр, «дьэ кэллим ээ» диэбиттии, хоруйа түстэ. Айанньыттар ньамаласпытынан үтүрүһэ-үтүрүһэ массыыналарыттан таһырдьа дьулустулар. Саастаах өттүлэрэ айалаан-дьойолоон, илиилэрин-атахтарын имитэн хоккуллаҥнастылар, улугурбут сүһүөхтэринэн кэлтэрэҥнэһэн аһыыр дьиэ диэки харбыаластылар. Ону баара эдэр оҕолор, чооруос курдук чыбыгыраспытынан, көтө-дайа тилигирэһэн тиийэн аан тутааҕын урут буллулар.

Балачча кэҥэс дьиэҕэ киирээти кытта эргэрбит балык, аһыйбыт ас уонна ону кытта буккуспут көлөһүн сыта саба биэрдэ. «Аастахха ас даа амтаннаах, утаттах- ха уу даа минньигэс» дииллэринии, аччыктаабыт айан- ньыттар, ону баардылаабакка, ас биэрэр чуолҕаҥҥа тоҕо анньан тиийдилэр, төһө харчыны төлөөн үссэниэххэ сөбүн туоһулуур кумааҕыны тардыаласпытынан бар- дылар. Мин эмиэ эдэрдэр кэннилэриттэн чуолҕаҥҥа саппай уопсан иһэн чаҕылыччы тыгар күннээх сырдык- ка үөрэммит харахпынан тулабын борутан көрбүтүм, кытыы сандалыга күтүр улахан пиибэ бытыылкатын күлтэппит ас-үөл балачча иҥмит толуу көрүҥнээх саха дьахтара биһигини чинчийэрдии көрөн олорор.

— Хайа бу, ат ааттаах, суол сурахтаах дииллэр, хайа дойду ыччаттара миэхэ охсулуннугут?

— Ээ, вааще-то дьоллоох Дьокуускай эбэ көрдөөх көстүүнэйдэригэр күүлэйдээн, көрү-нары көҕүлүттэн тутан иһэр ыччаттарбыт! — ас атыылыыр чуолҕаҥҥа урутаабыт эдэр киһи дьээбэлээхтик күлэр-салар.

— Оннук буолумуна! Билиҥҥи ыччат айана-сырыыта киэҥ, — дьахтар балачча обургу иһиккэ куттубут күүгэннээх пиибэтин «мэгик» гыннаран кэбистэ, уоһун-тииһин туора-маары сотунна уонна: — Дьаакыы- ып, хайа үөдэҥҥэ түһэн хааллыҥ?! Ыалдьыттар кэлли- лэр! Ыл аскын дьаһайа оҕус! — диэн кэҕэрдэ-кэҕэрдэ, кэһиэҕирбит куолаһынан хаһыытаата.

Кэлбит дьон сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Оттон хаһаайка, буолар буолуохтааҕын курдук, ыҥырбыт киһитин күүппэккэ, мөҕүттүбүтүнэн, илиитин килэрийбит халаатыгар сотто-сотто, кэтэх аанынан иһирдьэ киирдэ уонна чуолҕаҥҥа сирэйэ бу мылайда.

— Хайа, ким тугу ылар? Кэтилиэт, соккуой суох. Салааттар эмиэ бүппүттэрэ. Оччоҕуна туох баарый диигит дуо? Халбаһыы, билимиэн уонна ааттаах үчүгэй, биһиги биирэмэннэй бүлүүдэбит буорус миин баар. Чэ-чэ, сир- бэккэ-талбакка ылан иһиҥ! Аччыктаатахха ас эрэ амтаннаах буолар баҕадьыта, — хаһаайка сирэр-талар эдэр дьоҥҥо, «айан ыта ардырҕас, көс ыта көҥөс» дииллэринии, көхсүн көрдөрүөхчэ буолан иһэн, бадаҕа, күлтэйбит утаҕа күүскэ дьайан үөһэ тэһиннэ, өттүк баттанна. — Бу айан аартыгар миэниттэн ордук үчүгэй аһыыр сири булуоххут суоҕа. Дэлэҕэ даҕаны миигин омуктар хайҕаан «Харалыаба тыраассы» диэхтэрэ дуо?! Көр эрэ, омуктартан сахаларга тиийэ бары «эдьиий, эдьиий» дии-дии бэһирэллэр. Сөп ээ, ааттаспыт аам-дьаамы алдьатар, күүһүлэспит күүдээх даа күүһүн кыайбат. Мин айанньыттар туохха тууһугуралларын, тугу көрдүүллэрин, ханнык кыһалҕалаахтарын билии бөҕө буоллаҕым! — хаһаайкабыт уулааҕынан-хаардааҕынан барыбытын кэрийэ көрдө, киһи талымастаабат астарыгар саантаабыт сахсырҕалары сапсыйа-сапсыйа, ыйытыыта суох аҥаар кырыытыттан барыбытыгар сойбут бүлүүдэлэриттэн бардырҕаччы баспытынан барда.

Тэриэлкэлэрин халыгырата-халыгырата, халаатын сиэбигэр харчытын хачыгыраччы укта-укта, ити тухары айаҕа хам буолбакка баһын иһэ бап-баллыгырас саҥа:

— Балаҕаннаах баранаах да буоллар баһылык, отуулаах ороспуой да буоллар тойон. Бу да буоллар бэйэм бадарааммар буккуллан балаҕаммар кимиэхэ да хоҥкуйбат хотун хаан барахсаммын. Күтүр өстөөх баара кэргэним Дьаакып баанньык тутар аатыран арыгылыыртан соло булбат. Кини этиитинэн хоту барбыппыт буоллар, бука, билиҥҥи ырыынак кэмигэр ыт өлүүтүн өлүө этибит. Ону баара хата, «баҕарбыт маска ыттар» дииллэринии, эдэр эрдэхтэн иитиэхтээн кэлбит ыра санаабын олоххо киллэрэн, биһикпин ыйаабыт сирим аартыгар биисинэһи таба тайанан, байан-тайан айаатыы олордохпут. Баай санаата уу күүһүн курдук күүстээх, онон өссө да тутууну ыытыахпыт турдаҕа. Киһиргээбэккэ малтаччы эттэххэ, бэртээхэй биисинэһи ат гынан мииннибит, оҕус гынан көлүйдүбүт, доҕоор. Этэргэ дылы, Дьокуускай дьорҕоотторо, Чурапчы чулуулара, Таатта талыылара, Томпо туйгуннара, Өймөкөөн өрүөллэрэ, инньэ Дьааҥы, Муома, Халыма хоһууттарыгар тиийэ миигин быһа ааспаттар. 

Мин аттаахтан кымньыытын, сатыыттан тайаҕын былдьаабаппын, кинилэргэ сөптөөх суолу-ииһи хайан, ат көһүннэҕинэ, ыҥыыр көстүө, быһах көһүннэҕинэ, кыын көстүө диэн санаанан оҥорбут өҥөм иһин барыс аахсабын. Оннооҕор буолуох Магадан убайдара хайаан да тохтоон, кэммиэрсийэбэр кэмэ суох үбү куталлар. Убайдар барахсаттар боростуойдара, сириксэннэрэ-талымастара суоҕа сахаларга тэҥнээх буолуо дуо?! Найгы дьон. Буорус уонна буоккачаан эрэ баар буоллун, астына хонон-өрөөн ааһаллар. Өссө эбиитин «сэстэриичикэ, ысдаачы ньэ наада» дэһиэхтэрэ. Култуура хаата дьон. Чэ ол убайдар диэхтээн, сотору-сотору атын дойду омуктара сылдьан ааһаллар. Мин туран кинилэргэ «хаһаайка, харалыаба тыраассы» диэн өттүк баттаныам эрэ кэрэх, тута хаартыскаларыгар түһэрэн чабырҕаппытынан бараллар.

Көр эрэ, үнүр оннооҕор биир Ымыарыкаттан сылдьар Сэнээмэ Ханаабаны диэн ааттаах дьоппуон дуу, кэриэй дуу омуга өнтөрөбүү ылла ээ. Барахсаныҥ баара аһаҕас сарыннаах, үүттээх өттүктээх киһи, бу эйэҕэһин- сайаҕаһын, тугу да кэрэйбэтин көрүөҥ этэ. Туома миигин тарбаҕын эрэ төбөтүнэн таарыйан көрдөрө-көрдөрө, бу астаабыт аспын куустара-куустара, дьиэлэри баҕастары, истэри-тастары түһэр да түһэр. Киһи күлүөх, бөх тоҕор, тахсан киирэр сирдэри кытта түһэрэр уонна эбиитин даллаар бөҕө биэрэр. Өссө эбии элбэх хачыгырас балыытаны хайытан ылыах дьону Дьаакып күтүр өстөөх, кэм да итирэн мээмэкэйдэнэн, ыалдьыппытын дэлби эккирэтэн, илиитин ууна-ууна куустуһаары сордообутугар, кини да инчэҕэй эттээх буоллаҕа, куотар аатыгар барбыта. Аныгыскы сырыыга баҕас омуктартан даллаардарын хайыппахтыы түһэр инибит. Бээ-бээ, тукаам, пиибэ диигин дуо? Баар бөҕө…

— Эдьиийкээн, оттон вааще-то ситэри испиир биэрбэккин дуо? — эдэр киһи оонньуура-дьээбэлэнэрэ биллибэккэ, харбыччы харааран хаалбыт халбаһыыны бэркэ саарбахтаабыттыы көрөн сирэйин мырдыҥнатта. — Для дезинфекции….

— Испиир даа?! Ону да булуохха сөп. Биһиэхэ килийиэн этиитэ сокуон… Бээрэ, эн ити кырдьык этэҕин дуу, биитэр киһини күлэҕин дуу?! Аһаабыт иһиккэ кулгуйар баҕадьы үһү дуо? Күлэр буоллаххына, мантан киэр кэбэлий!!! Бэҕэһээҥҥи бэтэнээски баара өссө былыр баккылаах этим диэ! Эн баҕас туох үгүөрү үптээх-астаах киһиэхэ дылы бэлэскинэн күллэххиний! Баайы кытта мөккүһүмэ, быһыйы кытта сыссыма — син биир хотторуулаах хаалыаҥ! — диэн хаһаайкабыт айаҕа хараарда.

Маны барытын көрө-истэ турар айанньыттар күлсэн сыһыгыраспыттарыгар, бууса буорайда, хаана хамсаан эмиэ өттүк баттанна, анаҕаһын көрдөрдө:

— Көр да маны! Омук сиригэр тиийэ биллибит, аатырбыт «Тыраасса харалыабатын» кытта аахсаары гынаҕыт дуо?! Дьээ эрэ! Ким аахсар баарый?!

Ок-сиэ, бара сытаан-сытаан баран балаҕаныгар киирбиккэ дылы… «Баайдааҕар киһиргэс улахан» диэн итини этэн эрдэхтэрэ… Аан дойду үрдүнэн атыы-эргиэн сайдыыта атыылаһааччыларга эйэҕэс сыһыантан тутулуктаах кэмигэр сахалыы маргыйар майгыбыт, тоҥкуруун сыһыаммыт, кэп-дьэбэр көстүүбүт, этэрбэс тумсунан эрэ сирдэтэрбит манна кэлэн дьэ тиэрэ биэрдэҕин көрбөккүөт… Хаһан эрэ ааспыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр саха ыала барахсаттар ханнык эрэ алаастарга бытанан, ордон хааллыгыт буолла…

Оттон биһиги айан ыта ардырҕас, көс ыта көҥөс буолбут тусаһатыгар хаайтарбакка, айыы сирэ аһаҕас, күн сирэ көҥдөй диэн аһаабакка атахха биллэрдибит. Кэннибитигэр аныгы үйэ «Тыраассатын харалыабата» өттүк баттана, уотунан илгистэ хаалла. Ити кэннэ бу уорукка икки атахтаах үктэнэрэ, тиэргэнигэр сайбарыыҥҥа саантыыр айанньыттар аҕыйыыллара буолуо көрөбүн. Ордук босхо бастаах урааҥхайдар, истиһэ-истиһэ, сойбут чэйдээх, хобдох астаах, халлааҥҥа тиийэ хайҕанан халыгырыыр «харалыабаттан» халдьы тутталлара эрэбил. Итини этэн эрдэхтэрэ, бардам майгылаах барыһымсах буола сатааччылар маҥкырыыкка тиийэллэр диэн. Оо, Айыы Тойон таҥарам, айаным аартыга аны ханна-ханна тиэрдэн-түгэнэн, итиннээҕэр «ынырык харалыабалар- га» тиэрдэҕин…

Александр Постников-Сындыыс

Хаартыска: интэриниэттэн

* * *

Кэпсээн «Бичик» кинигэ кыһатыгар 2015 с. тахсыбыт «Кыһыҥҥы сугун» диэн кинигэттэн ылылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0