Дьон-сэргэ өр кэмҥэ долгуйа күүппүт саха култууратын биир сүдү тутуута — Туос Моҕол ураһа ытык Таатта сиригэр-уотугар, кэрэ-мааны Баайаҕа Томторугар дьэндэйбитэ.
Ситиһии сиэттиһэн, бэлиэ күн СӨ Духуобунаһын академиятын академигар, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатыгар, саха дьоно-сэргэтэ ылынан, сэҥээрэн истэр бөлөһүөгэр, тимир ууһугар Борис Федорович Неустроевка — Мандар Ууска «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданина» диэн үрдүк аат иҥэриллибитэ бу ураһа тутуллуутугар күүс-көмө буолбут дьону-сэрпгэни өссө улаханнык үөрдүбүтэ. Ураһаны уруйдаан, уран уустарга махтанан сомоҕолоһуу оһуохайа куйаар ситиминэн дуорайбыта.
Ыра санаа туолла
СӨ култууратын туйгуна, дэгиттэр уус Николай Иванович Егоров-Баайаҕыын үөрүүлээх сонуннарын төлөпүөнүнэн маннык кэпсиир:
—Туос Моҕол ураһа дьон-сэргэ сомоҕолоһон, көмөлөөн, былыргылыы оҥоруу төрүт ньымата, бэрээдэгэ тутуһуллан, тигиллэн, таҥыллан, ис-тас үлэтэ ситэриллэн, сүһүөҕэр турда, дьэндэйэн таҕыста. Ытык киһибит Мандар Уус 75 сааһын көрсө олоххо киирдэ, — диэн этэр.
Ис дьиҥэр киирдэххэ, ураһа ханна турарыгар мөккүөр тахса сылдьыбыт. Бастаан Дьокуускайга Сайсары күөл үрдүгэр туруохтаах диэн этэ эрээри, уһаан-тэнийэн барбыт. Кэлин Тааттаҕа Ытык Күөлгэ, онтон Чөркөөххө музей сиригэр-уотугар туруорарга этиилэри киллэрбиттэр. Ол эрээри, уустар ытык киһилэрэ сааһырбыт кэмигэр дьулуспут дьулуурун, сорук оҥостубут баҕатын толорор туһуттан, Баайаҕаҕа диэн түмүктээх санааны ылыммыттар. Бу этиини дьон-сэргэ өйөөн, Баайаҕыын этэринии “көлүөһэ хоҥнон, эргийэн, тэтимин ылбыт”.
Оттон ураһа киин сиргэ буолбакка, тыа сиригэр тэйиччи нэһилиэккэ тутуллубутун Мандар Уус “кэрэ састаҕына уһун үйэлэнэр” диэн этэр.
Үйэлэри уҥуордаан
Моҕол ураһаны тигиигэ, оҥорууга 200 сылтан бэттэх ким да ылсыбатах диэн бигэргэтэллэр.
Оттон Саха сирин улуустарынан уһаты-туора айаннаабыт, былыргы тутуулары, оһуору-мандары өр кэмҥэ үөрэппит Мандар Уус бу аныгы үйэҕэ тутуллубут ураһаны уһуннук турарыгар баҕарар. Онуоха таһыттан балачча үрдүк уонна киэҥ, көҥдөй көстөрүн курдук кытаанах сабыынан бүрүйэр былааннаахтарын этэр. Ол бүрүөһүн, мин өйдөөбүппүнэн, ураһаттан балачча тэйиччи тутуллубут аҕыс атахха тирэниэхтээх.
Баайаҕаҕа Моҕол ураһа тутуутун көҕүлээбит, бэйэтин үбүнэн көмөлөспүт дойдулаахтара, РФ худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, “Уран” дизайн-устуудьуйа салайааччыта, элбэх Олоҥхо ыһыахтарыгар Аал Луук мастары, ураһалары тутуспут Вячеслав Васильевич Яроев бары кыһамньытын манна уурбутугар дойдулаахтара махтаналлар. Кини Санкт-Петербург, Америка музейдарыгар былыргы, 19-с үйэтээҕи ураһалары анаан тиийэн көрбүт. Америкаҕа музейга сылдьан туоһу көннөрөр, үйэтитэр албаска үөрэммит. Ол кини үлэтигэр улахан көмөлөөҕүн бэлиэтиир. Манна даҕатан эттэххэ, Вячеслав Олоҥхо ыһыахтарыгар ураһалары тутар уус Яроевтар бырааттара.
Харах көрөн сөҕөр, кулгаах истэн үөрэр
Туос Моҕол ураһа олус кэрэтинэн, киэбэ-таһаата улаханынан болҕомтону тардыан тардар.
Николай Ивановичтан чуолкайдаспыппынан, мааны ураһа үрдүгэ — 9 миэтэрэ, иитин кэтитэ 12 миэтэрэ, 12 сэргэ дулҕалаах. Манна барыта олохтоох мастары туттубуттар. Баайаҕыын: “Былыргылыы ньыманан, биир да тоһоҕото суох ситиинэн, сигэнэн, силиһинэн туттарылынна”, — диэн быһаарар.
Нап-нарын ойуулаах-мандардаах испэ туоска бэйэбит Сахабыт сирин-уотун туостара туһаныллыбыттар. Оттон кэрэ бэйэлээх таспа туоһугар иистэнньэҥнэр эмиэ олохтоох сирдэрин-уоттарын туоһун сэргэ, соҕурууттан аҕалыллыбыт туостары туттубуттар.
Бэлиэтэммитинэн, ураһаны тутууга 12 улуустан, 34 нэһилиэктэн, үс куораттан, уопсайа тыһыынчаттан тахса киһи кылаатын киллэрсибит.
Туоһу тигиигэ улуус-улуус аайыттан уран тарбахтаах 562 далбар хотун улахан эппиэтинэһи ылынан, күнү-түүнү аахсыбакка, илиилэрин араарбакка иистэммиттэр. Ураһаны хомуйууга, таҥыыга сүргэлэрэ улаханнык көтөҕүллэн түөрт улуустан сэттэ маастар кыттыбыт. Субуотунньуктарга сүүһүнэн киһи сылдьыбыт. 40-тан тахса тэрилтэ, уонунан уопсастыбаннай түмсүү, оскуолалартан сэттэ выпуск, чааһынай урбаанньыттар, дьиэ кэргэттэр, биирдиилээн дьон харчынан көмөлөспүттэр. Оттон норуот маастардара уран оҥоһуктарын бэлэх ууммуттар.
Анала, соруга
Баайаҕалар былааннара улахан.
Туос Моҕол ураһа этнокомплекс сиригэр-уотугар турар. Манна балаҕан уонна уустар музейдара былааннанан тутулла тураллар. Онуоха үлэлэрин-хамнастарын мэлдьи өйүүр нэһилиэктэрин баһылыгар Роман Романовка махтаналлар.
Ону сэргэ, Мандар Уус ураһаҕа дьон-сэргэ Үрдүк Айыыларга сүгүрүйэр, күүһү-уоҕу иҥэринэр сирдэринэн буолуоҕун этэр. Итиэннэ, үлэ хаамыытын сэҥээрэн көрө-истэ сылдьыбыт дьон таайбыттарын курдук, манна ыал буолан уруу тэринэр уоллаах кыыс алгыс ылыахтара диир.
Баайаҕалар улаханнык үөрэн, өрө көтөҕүллэн туран: “Саха култуурата сайдарыгар, кэнчээри ыччакка үйэлээҕи, кэскиллээҕи оҥорон хаалларарга болҕомтотун уурар Ил Дархаммытыгар Айсен Сергеевич Николаевка сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэбит хоҥкуйан тураммыт барҕа махтал тылларбытын тиэрдэбит”, — диэтилэр.
Моҕол ураһа норуот күүһүнэн тутулунна, дьону-сэргэни түмэр сомоҕолоһуу түһүлгэтинэн буолла. Сиик-симэһин буолан симэлийбэт, үйэлэргэ сүппэт, ааспат аналланна.
Сардаана Баснаева
Хаартыскалар Андрей Сорокин (СИА) түһэриилэрэ, батсаап, Баайаҕыын альбомуттан ылылыннылар.