Быйыл оскуоланы бүтэрбиппит 55 сыла туолар. 24 буолан бүтэрбиппит: 12 кыыс,12 уол.
Сыымахтан, Бэдьимэттэн, Суолаттан, Төхтүртэн, Бөдьөлөктөн кэлбиппит. Бастаан 30-ча этибит. Онтон сорохтор баран-кэлэн, көҕүрээтэхпит дии! Ким үөрэххэ киирбитэ, ким үлэҕэ тахсыбыта.
«О» кылаастан олох бииргэ үөрэнэн онуһу бүтэрбит оҕолор Сыымахтан бэһиэ эрэ этибит: мин, Настя Попова, Поликарп Попов, Афоня Захаров, Афоня Жирков.
Бүгүн мин Жирков Афоня — Харачаас туһунан суруйуохпун баҕардым. Кини уһун синньигэс уҥуохтаах, сэмэй майгылаах, хара-бараан уол этэ. Таптал аата — Харачаас. Ол аатыттан өһүргэммэт, көннөрү мичээрдээн кэбиһэр буолара. Кыра эрдэҕиттэн успуорду доҕор оҥостон улааппыта. Хайыһар, волейбол, баскетбол,теннис уо. д. а . көрүҥнэринэн дьарыктанара. Үөрэҕэр үчүгэй этэ, ордук туочунай наукаларга. Майгытынан сытыары-сымнаҕас, элэккэй, эйэҕэс буолан дьоҥҥо сөбүлэтэрэ. Кими эмэ кытта этиһэ-охсуһа, боруоктаһа, хохучуоллаһа сылдьарын көрбөтөҕүм. Кыргыттарга да, уолаттарга да биир тэҥник үчүгэйдик сыһыаннаһара. Кылааска оскуолаҕа ыытыллар бары үлэҕэ инники күөҥҥэ сылдьара. Ордук тимуровскай үлэлэргэ баһылыыр-көһүлүүр оруолу ылара.
Төрөппүттэрэ наһаа үчүгэй, аламаҕай дьон этэ: ийэтэ Дьэбдьиэй, аҕата Миитэрэкээн. Уолларын Оппуонньаны кыратыттан үлэҕэ-хамнаска сыһыараннар, уол туох да үлэттэн иҥнэн-толлон турбат этэ, тугу барытын сатыыра. Туһаҕынан куобахтыыра, улары, бочугураһы ытара. Саас аҕатын кытта дурдаҕа хоноро. Сороҕор уруокка утуйан хаалан сэмэлэнэрэ.
Харачаас наһаа нарын-уйан дууһалааҕа: кимиэхэ барытыгар көмөлөһөрө. Хорообукка үөрэнэр сылларбытыгар хас субуота аайы сатыы дьиэбитигэр Сыымахха кэлэрбит. Сорохтор өрөбүл күн төннөллөрө. Оппуонньа биһикки дьиэбитигэр өссө биир хоноору бэнидиэнньиккэ сарсыарда 5 чааска туран аргыстаһан барарбыт. Мин кини кэлэригэр сороҕор тура илик буоларым. Түргэн үлүгэрдик таҥнан тахсарым. Биллэн турар, аһаабакка да, сирэй да сууммакка. Хорообуппут Сыымахтан 18 килэмиэтир. Бастакы уруокка хойутаабат гына түргэн хаамыынан тиийэ охсуохтаахпыт. Мин аччык буоламмын, сылайан хааларым, оччоҕо Харачааһым барахсан хоонньуттан сып-сылаас баахыланы ороон таһааран, миэхэҕэ уунара. Оо, ол баахыла амтана билигин да баарга дылы! Баахыла сиэн, сэниэтийэн, хаамыыбыт түргэтиирэ. Билигин санаатахпына, Оппуонньа наһаа да чараас, нарын дууһалаах эбитин өссө күүскэ өйдүүбүн. Ийэтэ Дьэбдьиэй барахсан уолугар сарсыарда эрдэ туран баахыла оҥоро охсон, өйүөлээн ыытара эчи күндүтүн!
Оҕо сааһым доҕоро Харачаас ити курдук мин өйбөр дириҥник иҥэн хаалбыт.
Хомойуох иһин, кини саамай олоҕун, үлэтин үгэнигэр олохтон барбыта. Ол эрээри, үөрэрим диэн — кини ситэ олорботох олоҕун оҕолоро сиэннэрэ салҕыыллар.
Елена Прокопьева
Хаартысканы ааптар тиксэрдэ