ХАРАҤА ХОС: Хара күлүк

Ааптар:  Эдэр саас
01.07.2024
Бөлөххө киир:

  – Биһиги, от кэбиһээччилэр звенолара, ыраах үрэх баһыгар сытар алааска от кэбиһэн бүтэрэрбит чугаһаан сылдьабыт.

Кэбиһиилээх от бөҕө турда, ону көрөргө үчү­гэйэ сүрдээх. Алааспыт ортотугар күөллээх. Онно кустар кэлэ-кэлэ түһэллэр. Киэ­һээҥҥи күөһү буларбытыгар соҕотох саалаахпыт. Онтукабыт даҕаны иитиитэ аҕы­йах. Ол иһин кэмчилээн, былдьа­сыһан сылдьабыт. Биирдэ мин соҕотоҕун кустуу барар дьолго тигистим. Сып-сап хомунан бараары турдахпына, уолаттарым: «Сэрэнээр эрэ, хараҥаҕа былдьатаайаҕын, олус ыраатыма», – диэн кэннибиттэн күлсэ хааллылар.

Ол курдук чугастааҕы күөл­лэри кэрийэн икки чыркымайы өлөрдүм. Онтон көппүт кустар наар илин диэки бараллар. Мин ол сылдьан күнү, халлааны кэтээн көрөбүн. Киэһэрэн эрэр курдук. Ону ол диэбэккэ, улахан кустарга түбэһээйэбин диэн, салгыы түһүнэн кэбистим. «Кулун атах» киһилиэм дуо, ыраах баҕайы алааска кэлэн өҥөс гына түстүм. Арай көрбүтүм, алаас ортотугар күөллээх эбит. Кытыыта бүтүннүү үрдүк оттоох, үөмээйилээх дойду буолан биэрдэ. Ортотугар кус бөҕө олорор, саҥа-иҥэ толору, араастаан кулугураһаллар, мээтиргииллэр. Мин оччо бэйэлээҕи көрөн, кыһанан-мүһэнэн үөмэн кэриэтэ күөлү эргийэ бардым.

Арай биир аһаҕас сиринэн көрбүтүм, доҕоор, барахсаттарым бу олороллор эбит ээ… Эҥин араас кыра, улахан кустар төттөрү-таары устан аалыҥнаһаллар. Мин уһуну-киэҥи өйдүү барбакка, ортолоро буолаарай диэн, ытан саайдым. Дьэ, эбээт, доҕоор, саам тыаһа, эчикийэ, улаханын, эҥсэн түһэн ыраахха диэри дуораһыйда. Арай им сырдыгар көрдөхпүнэ, икки улахан, икки кыра кус тэбиэлэнэ аҕай сыталлар эбит. Мин ону көрөн, сүрдээҕин үөрдүм. «Дьэ, хайдах ылабын?» диэн толкуйга түстүм. Атахпын уста биэрэн, кэһэн көрдүм эрээри, дириҥ баҕайы эбит. Киһи эрэ буолларбын ыксаатым, көрдөхпүнэ, аны халлааным хараҥарбыт.

Оо, дьэ, дьиҥнээх ыксаа­һын диэн манна буолла, мэктиэтигэр, оҕо курдук ытыы сыстым. Суолум төрдүн нэһиилэ булан, оттон-мастан иҥнэ-иҥнэ, илиим иминэн диэххэ дуу, бокуойа суох дьиэм диэки дьөгдьөрүйдүм. Били, мааҕын начаас кэлбитим курдук буолуо дуо, эчи, тыата халыҥын, хараҥатын, киһи кутун-сүрүн баттыыр. Мүччү-хаччы тэбинэн, оттуур алааспар чугаһаан эрдэхпинэ, алаас илин баһыгар киһи уҥуохтаах тумул барыс гына түстэ.

Ону эргийэ көтөн истэхпинэ, утары халдьаайы быарынан туох эрэ таҥнары сүүрэн түһэн иһэрэ харахпар көһүннэ. Ол хап-хара эмиэ да уһуур, эмиэ да төп-төгүрүк буолан ылар. Тумул аннынан үс мас бүтэй эргийэ барара, утары иһэр буолан, хаайтаран хаалан, бүтэй аннынан иһирдьэ түстүм уонна ходуһанан уҥуор отуубун көрбүтүнэн, муҥ кыраайбынан сүүрэн ыһыллаҥнаатым. Кутталбыттан иэним биир кэм кэдэҥнэс, этим сааһа аһыллан, кулгаахпар тыал тыаһа биир кэм сип-сирилэс. «Дьэ, бүттүм» дии санаат, ыксааммын, кэннибин хайыһан көрбүтүм, доҕоор, муҥур тиит саҕа күлүк бу ситиэхчэ буолбут. Онтон эмискэ ханна да барбыппын билбэккэ хааллым. Ол киэһэ дьиэбэр кэлэн дьоммун утуппатахпын, «бу кэллэ да, бу кэллэ!» дии-дии, ааны ыйар үһүбүн. Кэлин санаатахпына, атыыр эккирэттэҕэ буолуо диибин да, чугаһынан сылгы үөрэ суох этэ эбээт.

В. Васильев, Чурапчы улуу­һа,

«Сахалыы кэпсээннэр» ТГ-ханаал бөлөҕүттэн

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
7
+1
1
+1
1