Хара Тумул кырачааннара кутурҕаннарын биллэрдилэр

Ааптар: 
28.03.2018
Бөлөххө киир:

Бүгүн дойду үрдүнэн Кутурҕан күнэ. Куораттарга, тыа сирдэригэр бу  күҥҥэ араас аахсыйалар, тэрээһиннэр буола тураллар.

edersaas.ru

Өймөкөөн нэһилиэгин Хара Тумул учаастагын «Кэнчээри» оҕо саадыгар Кутурҕан күнүнэн сибээстээн «Сэрэхтээх буолуу» күнэ ыытылынна.

Кемерово куоракка оҕолор өлүүлээх баһаар Арассыыйа дьонун барытын аймаата. «Кэнчээри» оҕо саадын  бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэрэ Кутурҕан аахсыйатыгар кыттыһан уруһуйдаатылар уонна ыарахан күҥҥэ өлбүттээхтэр чугас дьоннорун кытта бииргэ буолалларын биллэрдилэр, — диэн кэпсиир уһуйаан иитээччитэ Марианна Тырылгина.

Хара Тумул нэһилиэгэ Өймөкөөн нэһилиэгиттэн 3 км сиргэ турар. Манна 150-ча киһи олорор. «Кэнчээри» оҕо саадыгар 15 оҕо сылдьар.

Төһө да ыраах олордоллор, Хара Тумул кырачааннара кутурҕаннаах күннэргэ Кемерово куоракка баһаартан суорума суолламмыт оҕолор төрөппүттэрин, аймахтарын кытта бииргэ буолалларын биллэрдилэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскаҕа Марианна Тырылгина түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0