СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун уонна Нам нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Василий Пудович Харлампьевы — Хара Лааҥкыны кытары Дьокуускайга көрсүһүүлэр былырыын тохсунньу 21 уонна алтынньы 2 күннэригэр бэрт сэргэхтик ааспыттара. Истиҥ-иһирэх түмсүүнү «Айар аартык» поэзияны сэҥээрээччилэр, «Дорҕоон дойду» айар түһүлгэ уонна атастара-доҕотторо тэрийбиттэрэ. Мин кини алтынньытааҕы көрсүһүүтүгэр сылдьыбыт, кичэм санааларын ааҕааччыларын кытары үллэстэрин истибит дьоллоохпун.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
— Василий Пудович, суруйар идэҕэ хайдах сыстыбыккыный, үтүө сүбэһиттэрдээх этиҥ дуо?
— Оҕолору үтүктэн, «Бэлэм буол!» хаһыакка суруйан ыытарым. Тобуруокап Бүөтүрү үтүктэн хоһоон дуомун суруйан муҥнанарым. Онтубун мунньан сордоммутум баара, интэринээт дьиэтэ умайбытыгар суох буолаахтаабыта. «Бэлэм буол!» хаһыакка сүдү киһибит, суруйааччы Амма Аччыгыйа үлэлиирэ. Хоһооннорбун ыыттахпына, «Күндү Вася…» диэн минньигэс тыллартан саҕаланар суруктар кэлээччилэр. Ол суруктарга хоһооммор туох табыллыбатаҕын, тугу ордук нарылаан-намчылаан биэриэхтээхпин уо.д.а. оҕо чараас сүрэҕин аймаабат курдук, төттөрүтүн, ис сүрэххиттэн ылынарыҥ курдук ыйан-кэрдэн сүбэлээн ыыталлара. Оччоҕо киһи эр ылан өссө суруйуон баҕарара.
Ол да буоллар, арай биирдэ: «Табаарыс Харлампьев, эн «уорар» буоллаххына, атын киһиттэн «уор». Күннүк Уурастыырабы тыытыма», – диэн «суостаах» сурук кэлэн турар. Онтон ыла хоһооҥҥо бэйэм эрэ санааларым, бэйэм эрэ тылларым буолуохтаахтар эбит диэн толкуй үөскээбитэ. Ити суруйар киһиэхэ улахан наадалаах дьыала дии саныыбын. Айар киһи бэйэтэ туһунан буочардаах буолуохтаах.
Мин айар үлэнэн дьарыгырарбар норуот таптыыр хоһоонньуттара Бүөтүр Тобуруокап уонна Сэмэн Руфов көмөлөрө, сүбэлэрэ, такайыылара олус улахан. Ону тэҥэ кэргэним, Олоохуна курупчаакыта Полина Петровна көрүүтэ-истиитэ, таптала сүҥкэн буоллаҕа дии.
– Саха норуодунай бэйиэтэ Бүөтүр Тобуруокап улахан оруоллааҕын куруук киэн тутта ахтаҕын.
– Бастакы суруйууларым оллур-боллур, иһинэн-таһынан соҕус этилэр. Биир дойдулааҕым Бүөтүр Тобуруокап барахсан суруйууларын ааҕар, истэр этим. Бэйэтэ тутта-хапта сылдьарын да көрдөххө, киһиттэн эрэ ураты өйдөөх, номоҕон, киэҥ дууһалаах киһи этэ.
Оҕо сырыттахпына, Бүөтүр Николаевич бооччойбут хоһоонум икки строкатын хайҕаан турар. Ол хайҕааһына мин сүрэхпэр-быарбар туох эрэ атын чуорааны тыаһаппыта. Хайдах эрэ миигин өрө анньан, суруйарга ымсыырдар санааны үөскэппитэ. Хайҕаммыт хоһооммун өссө чочуйа сатаабытым.
Тобуруокаптары, учуутал дьиэ кэргэни, убаастыырым уонна толлорум бэрдиттэн: «Учууталлар диэн атыннык аһыыр дьон буолуохтаахтар, этэргэ дылы, тахсан да киирбэттэрэ буолуо» диэбит курдук саныыр этим.
Аны туран, суруйааччы Дмитрий Наумов Намҥа кинилэргэ күтүөт буолан кэлиэҕиттэн чугастык билсибиппит. Оройуон хаһыатыгар суруйар, хоһооннорбун кыралаан бэчээттэтэ сылдьар кэмим этэ. Биирдэ Дмитрий Федосеевич: «Баһылай, Оҕонньор эйигин туох эрэ тыыппалаах соҕус диир ээ. Эн хоһоонноргун көрдөрбүтүҥ дуо?» – диэтэ. Онтон эр ылан, көрдөрө биэрбиппэр, Оҕонньорум нэдиэлэ эрэ курдугунан төннөрбүтэ. Ону ыламмын дьиэбэр киллэрэн баран, дьонум утуйалларын кэтэһэн, түүн туран көрдөҕүм дии. Онно аахпытым: «Чэ, Вася, эн хоһоон суруйан айаххын ииттиэҥ суох, онон инникитин бэйэҥ билиэҕиҥ», – диэн суруйбут. Туох да сүбэ-ама суох. Бүттэҕим ол… Онтон ыла хоһоон ис тутула хайдах буолуохтааҕын, хайдах суруллуохтааҕын дьэ өйдөөбүтүм.
Төһө да сирилиннэрбин, хоһоон суруйбуппун билбэккэ да хаалабын. Онтон биирдэ Д. Наумов: «Оҕонньор эйигин суруйар дуо диэн ыйытта» – диэбитэ. Ол иһин, мин паапкаҕа угулла сылдьар хоһооннорбун илдьэн биэрбитим. Эппиэт да, этириэс да кэлбэтэҕэ эрээри, оройуон хаһыатыгар тахсан кэлбитэ. Дьэ, онно мин иккис кынат үүммүтүн курдук санана сылдьыбытым. Ол иһин, харса суох үлэлээн, элбэхтик ааҕар буолбутум. Сорохтор айар үлэнэн дьарыгырыы сор дииллэр. Онон айар үлэнэн дьарыгырбатаҕым эбитэ буоллар, хоһоону кытары ылсыбатаҕым эбитэ буоллар, бу манна эйигин кытта кэпсэтэ олоруом суох этэ.
Кинигэлэрим туһунан эттэххэ, миэхэ улахан өйөбүлү оҥорбут дьонунан Бүөтүр Тобуруокап, Сэмэн Руфов буолаллар. Сэмэн Тиитэбис бэркэ көннөрөр этэ.
Бүөтүр Николаевиһы кытары кэлин элбэхтик бултаабыппыт, ол тухары кини кэпсээнин истэр буоларым. Ханнык баҕарар тиэмэҕэ кэпсиир-ипсиир, билиитэ-көрүүтэ муҥура суоҕа. Биирдэ дьээбэрэн: «Эйигин сэбиэскэй энциклопедияны барытын аахпыт киһи дииллэр», – диэн ыйыппытым. «Баһылаай, үрдүнэн-аннынан көрбүтүм буолуо. Барытын өйдөөбөккүн, ол эрэн, наадалааххын син өйдөөн хаалар буоллаҕыҥ дии, тоойуом. Ол эмиэ туһалаах, эн эмиэ аах», – диэн этэн кэбиспитин умнубаппын.
— Кини ханнык сүбэлэрин күн бүгүҥҥэ диэри умнубаккын уонна олоххор туһанан кэллиҥ?
— Кини биири этэрин уруккуттан да сөпсөһөр, итэҕэйэр этим. «Эһиги тылы мускуйбаккыт, имиппэккит. Саха тылын курдук баай, талыы, имигэс тыл мээнэ суох. Тылы кытта эллэһииттэн, мускуйууттан туох эрэ иэйии, муударас кэлэр. Элбэхтик үлэлээ, үлэ хаһан баҕарар түмүктээх буолар», – диирэ.
Бастакы кинигэбэр аан тылы кини суруйбута.
— Тапталы туойбатах, хоһуйбатах бэйиэт суоҕун кэриэтэ. Эн эмиэ алта кинигэҥ тухары таптал иэйиилэрин тумнубаккын бэлиэтээбэт буолуохха сатаммат.
— Сааһырдах аайы таптал кырдьыбат. Кырдьаҕас таптал диэн эмиэ баар буолар эбит. Ол таптал өссө минньигэс. Кырдьыы диэн кыайыы быһыылаах…
— Суруйааччылар эйгэлэригэр хаһааҥҥыттан киирбиккиний?
— Түөрт уон сааспар эдэр суруйааччылар мунньахтарыгар кэлбиттээхпин. Онно хоһоонньуттары истэр, сыаналыыр салайааччынан Леонид Попов анаммыт этэ. Кыараҕас, итии баҕайы хоско мустубуппут. Сахсырҕа көтөр тыаһа иһиллэр чуумпута турбута. «Өлбүт ийэбэр сурук» хоһооммун тиритэ-тиритэ ааҕан сордоно турдахпына, эмискэ Леонид Попов: «Сааһыҥ хаһый?» диэбитигэр: «Түөрт уонум» диэтим. Онуоха киһим: «Хайа, баччааҥҥа диэри ханна сылдьыбыккыный?» – диэтэ. Мин: «Дьиэбэр», – диэн хардарааччы буолбутум. Саала иһэ күлэн тоҕо барбыта.
Леонид Попов хоһооммун истэн баран, хаһыакка бэчээттэнэрбэр мэктиэ сурук биэрбитэ.
— Урукку суруйааччылар курдук суруйар дьон аны суохтар…» диэн этэллэрин туох дии саныыгын?
— Тобуруокап, Руфов муударай оҕонньоттор. Биһиги, кинилэргэ холоотоххо, үтүктээйилэр эрэ курдук буоллахпыт. Ол эрэн, ханнык баҕарар айар киһи ким эрэ курдук буола сатыыра наадата суох быһыылаах. Көлүөнэ бэйэтэ бэйэтигэр буолара – олох сокуона. Олох хаамыытын кытта өйдөбүл эмиэ уларыйар, биһигиттэн ыйыппат. Боппуруоһу, ыйытыгы үйэ бэйэтэ үҥкүрүтэр.
Мин үөрэҕэ суохпуттан наһаа үөрэбин. Наһаа үөрэхтэммитим эбитэ буоллар, ханнык былааска талаһа сатаабытым, төһө киһини кытары иирсэрим, тапсарым да биллибэт этэ. Оттон бэйэҥ кыаххынан сылдьар буоллаххына, ханнык баҕарар күрүө иһигэр батан сылдьаҕын. Киһи бэйэтин билиниэхтээх уонна убаастаныахтаах. Оччоҕо эрэ атын киһини убаастыыгын. Хас биирдии киһи – ыал оҕото. Ол ыал оҕото төрөөбүтүгэр төһөлөөх үөрүү тосхойбута, күн тахсыбыта, төһөлөөх таптал уота умайбыта буолуой?
Сааһырдыбыт диэмэҥ. Сааһыран баран суруйбут суруйааччы элбэх. Сэбиэскэй былаас саҕана курдук, киһи барыта тэҥ буолбат.
— Киһи майгытын бэйэтиттэн ыйытар олуона соҕус буолуо эрээри, сэрэйбиттээҕэр истибит ордук буолуо дуу?
— Киһи үйэтин уһатар ньыманы айылҕа айбыт. Олоххо үөрүүҥ-көтүүҥ элбэх буоллаҕына, үйэҥ уһуур быһыылаах. Эйэҕэс-сайаҕас, дьэллэм соҕус киһи үйэтэ уһуур быһыылаах. Мин эмиэ дьон саҥатын, өһүн-сааһын саныы сылдьыбаппын, умнабын. Оччоҕо төттөрүтүн өссө чочуллар, кииллийэр курдукпун. Алмаас сиртэн-буортан ылыллар эрээри, чочуллан хайдах курдук кэрэ киэргэл, күндү таас буоларый? Киһи эмиэ оннук буоллаҕа. Кырбанан да баран, «Бырастыы гын, мин бэйэм буруйдаахпын» диэччибин. Онон, үйэм тухары үчүгэй дьону кытта алтыһан уонна кэрэ, үчүгэй эмээхсиннээх буоламмын, баччаҕа тиийэн кэллэҕим. Дьиҥэр, сүрдээх хаппырыыс уонна сүрэҕэ суох киһибин. Ону ити эмээхсиним барытын орун-оннугар оҥорон кэбиһэр. Урут кэргэним: «Чэй оргуйда, оҕонньор, тур», – диэтэҕинэ эрэ турар киһи этим. Билигин төттөрү. Уопсайынан, эр киһи дьахтар сатыырын барытын сатыахтаах. Аһы-үөлү, хаһаайыстыбаны кини көрүөхтээх-истиэхтээх. Бэйэм ыалдьытымсахпын, онон астыырбын сөбүлүүбүн. Ити, бастатан туран, эр киһини бэрээдэктиир. Иккиһинэн, муударай оҥорор. Үсүһүнэн, астыыр киһи хайҕал ылар. Хайҕал ханнык баҕарар киһиэхэ наада.
Күҥҥэ көрбүт икки кыыстаахпын, икки сиэннээхпин, икки дьиэлээхпин, икки биэлээхпин.
Билигин суруйааччы «аатыран», бу алтыс кинигэм «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Инникитин да суруйарга торумнуубун даҕаны, ону төһө кыалларын билбэтим, баҕа баҕас баһаам.
Надежда ЕГОРОВА,
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Сэмсэ тыл:
Виктор ХОН, бэйиэт:
«Василий Пудович биир дойдулаахтара: Бүөтүр Тобуруокап, Сэмэн Руфов утумнааччылара диирбиттэн туттуммаппын.
Кини поэзиятын дьиҥнээх поэзиянан сыаналыыбын.
Киһи быһыытынан олус аламаҕай, сүбэтэ-амата ылыннарыылаах. Хоһооннорун бэйэтэ ааҕарын истиэ этигит. Мин бэйэм аахтахпына, дууһата суох курдук. Оттон Баһылай Пудович аахтаҕына, адьас атыннык, киһи истэ олоруон курдук тахсан соһутааччы. Киниэхэ сөҕөрүм, махтанарым олус элбэх».
Муттуххай Бороҥ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ:
«Талааны үөрэҕинэн кэмнээбэккин. Норуодунай бэйиэккэ уһаарыллыбыт Баһылай Пудовиһы истэ олорон, аттыбытыгар Тобуруокап уонна Руфов кинини төһө сайдыбытын көрөн олороллорун курдук санаан ылаҕын.
Баһылайы оҕо эрдэхпиттэн билэбин. «Өссө таптыам» диэн кинигэтин бэчээккэ биэрээри сырыттаҕына көрсө түспүтүм. Онно хоһооннорбун бэчээккэ биэрбиппин-биэрбэтэхпин ыйыталаспыта. Хобдох соҕус эппиэппин истэн баран: «Куттанар буоллаххына, хоһоону суруйа да сатаама уонна миэхэ эрийимэ», – диэбитэ. Кэлин санаатахпына, сөпкө да эппит эбит. «Суруйан баран ханна да бэчээттэппэт буоллахха, айа-тута сатыыр туохха наадалааҕый?» дии санаан суруйууларбын бэчээккэ үҥкүлүтэр буолбутум. Этэргэ дылы, Хара Лааҥкыттан хайҕанан, суруй да суруй буолан барбытым. Бастакы кинигэбэр киирии тылбын убайым Баһылай суруйбута.
Сэмэн Титович: «Валерий, биир эрэ хоһоонунан дуу, кэпсээнинэн дуу аан дойдуга аатырбыт суруйааччылар бааллар», – диэбиттээх. Кини эппитигэр дылы, «Бу улуукан киэһэҕэ» уонна «Эр дьону мөҕүмэҥ» диэн Хара Лааҥкы хоһооннорун Никииппэр Сэмэнэп ырыа гынан көтүтэн кэбиһэн, убайбыт хоһооннорун ааҕааччылар билэллэр».
Олоҕун олуктара:
1993 с. – «Дууһам саһарҕатын көрүстүм».
1998 с. – «Таптыам, өссө таптыам».
2001 с. – «Күнү бүгүн биллим, күнү бүгүн ситтим».
2012 с. – «Сүрэҕим симик суһума».
2015 с. – «Сүгүрүйүөм үйэм тухары…».
2016 с. – «Ийээ, иһит…»
кинигэлэрэ тахсыбыттара.