Тыа саҕатыгар түннүгэ-үөлэһэ суох ампаар барыйан турар. Мин оҕо эрдэхпиттэн турар. Ол ампаар аттынан сатыы элбэхтик ааспытым. Тугу да көрбөтөҕүм эрээри, тоҕо эрэ этим тардар буолара.
Ампаар түннүгэ суох, кып-кыракый чуолҕаннардаах. Дьон кэпсииринэн, бу, арааһа, Манчаарыттан көмүскэнэргэ анаан туппут ампаардара. Бу ампаар эргиннээҕи сири биир баай киһи бас билэрэ үһү.
Биирдэ, сэбиэскэй кэмҥэ, бу ампаарга мас кэрдээччи нууччаны олохтообуттар. Сопхуос салалтата утуйар таҥаһынан, истээх ыстаанынан, бараан үтүлүгүнэн, аһынан-үөлүнэн хааччыйбыт. Тырахтарыыс уолаттар үс хонон баран саһаан тиэйэ кэлбиттэр. Арай көрбүттэрэ, киһилэрэ аанньа утуйбатах, арбы-сарбы көрүҥнээх үһү.
“Ну, как спал?” – диэн ыйытааччы буолбуттар. Киһилэрэ: “Возьмите меня с собой, я здесь не останусь”, — диэбит. “Почему?” – диэн буолбут. Онуоха нууччалара: “Здесь абаасы есть”, — дии-дии ол-бу диэки куттаммыттыы көрүтэлиир үһү. “Какой абаасы, здесь нет абаасы!”, — диир тыраахтардаах уол. Куруусчута эппит: “Ыйыт эрэ, тугу көрбүтүн”, — диэбит. Тырахтарыыс ыйыппыт: “Какой он, абаасы?”” Нуучча, сибигинэйэ былаастаан, бу курдук кэпсээбит: “Ночью ко мне приходит большой черный человек, тащит за ноги и говорит:” Кер бар, кер бар!”. А что это значит кер бар?”
Уолаттар куттаммыттар, уот оттон алҕаабыта буолбуттар уонна киһилэрин илдьэ дьиэлээбиттэр. Бу ампаар кэлин да тиийбит мас кэрдээччилэри сүгүннээбэтэх. Хайыахтарай, сопхуос салалтата дэлээнэни уларытарга күһэллибит.
Дойдууна
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтыгар анаан