Степан Бурнашев режиссердаах «Хара хаар» диэн саҥа киинэ тохсунньу 29 күнүттэн көстүөҕэ.
Дьокуускай куоракка «Лена», «Cinema-Center«, «Азия» киинэ тыйаатырдарыгар тохсунньу 29 күнүттэн көстүөхтээх «Хара хаар» киинэҕэ билиэттэри атыылааһын саҕаланна.
«Хара хаар» киинэни Дьокуускайга, Кэбээйигэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдан сиринэн Өлүөнэ өрүскэ устубуттара. Ахсынньыга Выборг куоракка «Окно в Европу» киинэ бэстибээлигэр «Хара хаар» киинэ куонкурус биир хайысхатын сүрүн бирииһин уонна «Продюсер үлэтин иһин» диэн анал бирииһин ылбыта.
Сүрүн оруолларга: Федот Львов, Екатерина Хоютанова, Владислав Портнягин, Кирилл Семенов.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1