Биир күн Баанчыктаах хаһыа да буолан Алаас Эбэҕэ бардылар. Бу илин, арҕаа өттүгэр икки күөллээх, эргиччи үрдүк сыырдаах, хоту өттүгэр бугул-бугул курдук быллаардардаах уһун халдьаайылаах киэҥ алаас. Дэриэбинэ хоту өттүгэр олорор ыаллар уонна Ыарҕа сайылыгын ынахтара бары манна мэччийэллэр. Ону таһынан икки-үс атыыр үөрэ баар буолар.
Илин күөлтэн Уу Эбэ диэн үрэх улахан хочото эҥэлдьийэн көстөр сиригэр үрдүк, туруору көмүктээх. Онно сүүһүнэн хараҥаччы уйаланар. Баанчыктаах ол хараҥаччылары көрө баран иһэллэр. Балачча халыҥ тыаны быһа түһэн хараҥаччылар уйаламмыт көмүктэригэр тиийэн кэллилэр. Көмүк үрдүгэр олорон ыраата барар дьон быһыытынан бытыылкаҕа ылбыт чэйдэриттэн истилэр. Аллараа күөл мэндээркэй иэнэ сиэркилэлии килэйэр, үрдүлэринэн сүүһүнэн хараҥаччы төттөрү-таары көтөн эймэнэллэр. Хараҥачылар быыстала суох иһиирэн эрэр курдук саҥараллар, көмүк туруору сирэйигэр хастыбыт уйаларыгар киирэллэр-тахсаллар.
Оҕолор ити олорон биир эмэ хараҥаччыны тыыннаахтыы тутан чугастан көрүөхтэрин-истиэхтэрин баҕардылар. Аллараа түһэн көмүк сирэйигэр сиидэ хайаҕаһын курдук хаһыллыбыт хараҥаччы хороонноругар ыттан аччарыстылар. Баанчык биир хорооҥҥо тиийэн өҥөҥнүөх курдук буолан истэҕинэ, иһиттэн хараҥаччы көтөн тахсан, сирэйин сиирэ-халты түһэн соһутан өлөрө сыста. Онон өссө үөһэ тахсан биир хороон айаҕын сиитэс бэргэһэтинэн бүөлүү аста. Онтон көмүк туруору сирэйигэр оннун булан оҥостон баран, илиитин укпута дириҥ баҕайы эбит. Ол иһин бэргэһэтин иһирдьэ диэки бүөлүү анньан баран хороон айаҕын кэҥэтэн көпсөркөй буору хаспытынан барда. Балачча хаспахтаан баран илиитин хонноҕун анныгар диэри батары биэрбитэ, тарбахтарын төбөтө хараҥаччы уйатын таарыйда. Хас да сымыыттаах эбит. Эмискэ хороон түгэҕэр хараҥаччы баара билиннэ. Илиитин иминэн харбыалаан түгэххэ симиллэн олорор эрэйдээҕи тутан ылла.
— Оҕолоор, мин биири туттуом! – диэн хаһыытыы-хаһыытыы куттанан ньыкыччы туттубут хараҥаччыны көрдөрөөрү илиитин өрүтэ ууммахтаата.
— Хара түөкүттэр! Бу тугу гына сылдьаҕыт?! – диэн сүрдээх уордаах, сатаархай саҥа иһиллибитигэр өрө хантас гыммыта, көмүк үрдүгэр үүт кэрэ аттаах сылгыһыт Мэхээчэ кэлэн атын хантаччы тардан өрө битикиччитэ турар эбит. – Хараҥаччылар уйаларын алдьата сылдьаҕыт дуо?! Дьэ, мин эһигини иэҥҥитин хастаталыам!!! — дии-дии өрүү кымньыылаах илиитин өрүтэ ууммахтаата.
Баанчык хараҥаччытын ыһыктан кэбиһээт, сыыр аннын диэки ыытынан кэбистэ. Быыл, буор биирдэ өрүкүйэ түстэ. Сыыр анныгар таҥнары сурулаан тиийээт, көмүгү кыйа, адьас уу кытыытынан барар сүөһү ыллыгынан номнуо тыаҕа сырсан эрэр табаарыстарын кэнниттэн түһүнэн кэбистэ. Санаатыгар көмүк үрдүгэр ат туйаҕын тыаһа битигирии түһэргэ дылы гынна. Ыһыах аайы сүүрэн бастыыр сыыйыллаҕас сиэллээх-кутуруктаах, үүт кэрэ дьүһүннээх Лоокуут обургу кинилэри ханна да хамсаппакка ситэ баттыыра чахчы. Дьэ, оччоҕо Мэхээчэ, кырдьык, иэннэрин хастаталыыр. Хата тыа чугас буолан абыраата. Бөдөҥ тиит мастардаах туруору сыыры түөрт атах буола-буола начаас өрө тарбачыһан тахсан, ойуур иһин диэки түһүннүлэр. Сэниэлэр эстиэр, тыҥаларын күүгэнэ барыар диэри сытар маһын аннынан, турар маһы үрдүнэн түһэ-түһэ сырсыы буолла. Балачча халыҥ сиһи начаас быһа түһэн, бөһүөлэк саҕатыгар тахсан эрэ баран арыый уоскуйдулар. Ол да буоллар суолларын бутуйан маҥхааһай кэннинэн сөтүөлүүр сир диэки сырыстылар.
¥рэххэ сырсан киирэн, тириппиттэрэ да бэрт буолан, таҥастарын сыыһын ньылбы тутаат, ууга ыстаннылар. £скөтүн Мэхээчэ эккирэтэн батыгыратан кэллэҕинэ тугу да гымматах дьон сөтүөлүү сылдьалларын курдук көстөр санаалаахтар. Балачча өр сөтүөлээтилэр даҕаны Мэхээчэ биллибэтэ. Онон ууттан тахсан күн уотугар сыламнаан сыттылар. Ол эрээри бары даҕаны кэлбит сирдэрин диэки дьиксиммиттии уора-көстө көрбөхтөөн ылаллар. Баанчык хараҕыттан туруору көмүк үрдүгэр, киинэҕэ көстөр индеец курдук, сылгыһыт Мэхээчэ үүт кэрэ атын хантаччы тардан, биир сиргэ битикиччитэ турара бу баардыы көстөн кэлэр. Эбиитин: «Хара түөкүттэр! Бу тугу гына сылдьаҕыт?!!» — диэбит уордаах хаһыыта кулгааҕар иһиллэргэ дылы.
Данил МАКЕЕВ.