Ааспыт күһүн кырдьаҕас убайбар тыаҕа тахса сылдьан, дьикти түбэлтэни истибитим. Убайым эдэр эрдэҕинэ киэҥ сиринэн тэлэһийбит, булду сойуолаһан туран бултуур киһи үһү. Кини маннык диэн кэпсээнин саҕалыыр.
«Доҕорбун кытта күһүн бултуу сылдьан, былаана суохтук сиргэ хонон турардаахпыт. Ол маннык этэ. Ааттаах улахан лөкөй кыылы халымырдык бааһырдан кэбиспиппит. Ону сойуолаһан, үүтээммититтэн ыраатан хаалан, тыа быыһыгар кутаа суоһугар утуйарга быһаарыммыппыт. Саатар, ыттарбыт улахан булка сылдьыбатах буоланнар, кыылы тохтоппокко барса турбуттара.
Күнү быһа сиикээрдэри, маардары туораан сылайбыппыт бэрдиттэн, сыттыбыт да утуйан хаалбыт этибит. Түүлүм быыһынан иһиттэхпинэ, атаһым баттатан, тугу эрэ үлүгүнэйэ сытар эбит. Уһугуннарбыппар, барбатах балык миинин курдук, мээнэнэн көрөн-истэн мэлээриҥнээбитэ. Атаспын уоскутан, уокка хардаҕас быраҕан баран, уум көтөн хаалан, утуйбакка сыппытым. Ол сытан иһиттэхпинэ, киһи атаҕын тыаһа чэпчэки баҕайытык үктэнэн кэлэн, атаһым аттыгар тохтообута. Ону кытта киһим уруккутунааҕар өссө бэргээн, баттатан уһуктубута. Мин этим-сииним бүүс-бүтүннүү тыбыс-тымныы уунан саба ыстарбыт курдук, дьар гына түспүтэ. Эргиллэн көрбүтүм, атаһым үрдүгэр түнэ сонноох киһи кэлэн иһиллээн эрэр эбит этэ. Киһи кута-сүрэ салыбырыыр диэни онно аан маҥнай билбитим. Табаарыһым барахсан айаҕын атан, субу тэһэ барара чугаһаабыт хабах курдук ыгыллан сытара. Билэр-билбэт алгыспын, ааттаһыыбын барытын биир кэм тохтоло суох кутан кэбиспитим. Билигин тугу эппиппин-тыыммыппын өйдөөбөппүн.
Сап-салҕалас да буолларбын, уоппун күөдьүтэн биэрбиппэр, ол киһим ханна да барбытын билиминэ хаалбытым. Онтон эрдийэн, аал уоппуттан өссө эбии көрдөһөн-ааттаһан, киһибин илгиэлээн, сирэйин үлтү таһыйан, син бэттэх аҕалбытым. Иккиэн өлө куттаммыт дьон көҕүс-көҕүспүтүгэр өйөнсөн олорон, күн тахсыар диэри уот отто хоммуппут.
Киһим син өйүн-төйүн булан баран, түүлүн кэпсээбитэ. Онно кыра оҕо курдук мөҕүллэ турар үһү. Ким да кэлэн мөҕөрө биллибэт эрээри, мөҕүллэ турарын чопчу өйдүүр эбит. Онтон киһи саҥата: “Миэхэ анаммыт кыылы тоҕо былдьаһаҕын?!” — дии-дии илгиэлээбитэ диэн, ботугураан кэпсээбитэ. Илгиэлээччини ойуулаа диэн көрдөспүппэр, түнэ соннооҕун, сирэйин саба түһэ сылдьар уһун баттахтааҕын эппитэ. Ону истэн олорон “илгиэлээччини илэ көрбүтүм” диэн билиммитим.
Сып-сап хомунаат, үүтээммит диэки түһэ турбуппут. Күн оройун саҕана, сиикээни эргийэ баран истэхпитинэ, били, тайаҕы сырсан барбыт ыттарбыт сиппиттэрэ. Аҕылаһан-мэҕилэһэн уу-хаар буолбут ыттарбытыттан кэлэйэн, ону-маны көрбүт, түһээбит дьон буоламмыт, тугу саҥарыахпытый. Уку-суку, саҥата-иҥэтэ суох, айаннаан киэһэлик үүтээммитин булбуппут.
Ол түүн эһэкээммититтэн көрдөһөн-ааттаһан, тыл-өс бараныар диэри, тугу билэрбитинэн иккиэн эппиппит-тыыммыппыт. Тэриирбитин эһэттээн, төһө да аһылыкпыт баарын үрдүнэн, эрдэ дэриэбинэбит диэки айаннаабыппыт.
Ол кэнниттэн мин тыаҕа үс сылы быһа тахсыбатаҕым. Оттон доҕорум сүрэх ыарыһах буолан хаалаахтаабыта. Онон тыаҕа сырыттаххытына, эһэкээҥҥититтэн көрдөһө-ааттаһа сылдьыҥ. Биһиги эдэрчи сылдьан, баламат санаабытыгар оҕустаран, куоталаһа-куоталаһа, мээнэ халы-мааргы тыллаһан, салгыны хамсатан кэбиһэммит, иччилэр илэ бэйэлэринэн биллибиттэрэ буолуо» диэн кырдьаҕас убайым кэпсээнин түмүктээбитэ.
Уйбаан