Хараҥа хос. Түүҥҥү ыалдьыт.

10.04.2018
Бөлөххө киир:

Бу түбэлтэ мин 3 кууруска үөрэнэ сырыттахпына уонча сыллааҕыта буолбута. Бииргэ үөрэнэр Саргы диэн кыыспынаан Сэргэлээх уопсайыгар олорбуппут. Саҥа дьыл кэнниттэн экзаменнарыбытын эрдэ туруоран кэбиһэннэр, бырааһынньыктаат даҕаны тута үөрэнэ кэлбиппит.

Таҥха кэмэ буолан аттыбытыгар олорор уолаттары Сергейдаах Коляны кытта бүлүүһэ сүүрдэргэ былааннанныбыт. Түүн оройо кинилэр хосторугар муһуннубут. Син өр кими ыҥырарыбытын толкуйдаатыбыт. «Мин бокуонньук убайбын ыҥырыахха, балыктыы сылдьан ууга түһэн өлбүтэ. Ньукулай диэн этэ», – диэн Сергей кэпсээтэ. Коля саҥалаах-иҥэлээх уол саҕалаата. Бүлүүһэни ылан чүмэчи ититэ-ититэ эттэ: «Ньукулай кэлэн дьылҕабытын дьылҕалаа, билгэгибитин билгэлээ» диэтэ. Итинник диэн араас интэриэһиргиирбитин биир-биир ыйыттыбыт. Ким кими хаһан кэргэн ыларын, хас оҕолонорун ыйытан, устунан атын тиэмэҕэ көһөн кэпсэтэн киирэн бардыбыт. Ол кэннэ сылайан, тарҕаспыппыт. Кэпсэтэ олороммут бүлүүһэ сүүрдүбүппүтүн олох даҕаны умнан кэбиһэн, ыҥырбыт бокуонньукпутун төттөрү атаарбакка хаалбыппытын өйдөөбөккө да хаалбыппыт.

Сарсыҥҥы күнүгэр уолаттар сарсыарда куттанан аҕай биһиги хоспутугар киирдилэр. Уолаттар кэпсээн бөҕө буоллулар. Арай түүн утуйа сыттахтарына хосторун аанын ким эрэ күүскэ тоҥсуйбут. Сергей уһуктан кэлбит уонна тиийэн «кимий?» диэн ыйыппыт. Аан аннараа өттүгэр эр дьон саҥата иһиллибит: «Ааҥҥын ас, Коляҕа кэллим» диэбит. Онуоха Сергей куттанан ааны арыйбатах, төттөрү оронугар сыппыт. «Түүҥҥү ыалдьыт» ааны тоҥсуйа сатаан баран тохтообут. Оттон Сергей түннүк диэки хайыспыта киһи күлүгэ турар эбит. Куттанарынан куттанан хаһыытаан нэһиилэ Коляны уһугуннарбыт. Иккиэн сарсыардааҥҥа диэри утуйбакка оннук олорбуттар. Онтон биһиэхэ киирбиттэр.

Ити кэннэ экзаменнарыбытын этэҥҥэ туттартаан, төттөрү салгыы сынньана бары дойдубутугар тарҕаспыппыт. Аҕыйах хонон баран Коля тоҥон өлбүтүн туһунан сурах кэлбитэ. Доҕорбут дьылҕата баҕар оннук буолуо, баҕар «түүҥҥү ыалдьыт» сиппитэ буолуо дуу?..

Айыына

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0