ХАРАҤА ХОС: Өтөх иччитэ

Бөлөххө киир:

Мин тастыҥ убайым Аргунов Егор кэпсээбит түбэл­тэлэриттэн тугу өйдөөн хаалбыппын суру­йан эрэбин. Билигин Егор 70 сааһыгар сылдьар. Кини манныгы кэпсээбитэ. Эдэригэр күһүөрү са­йын дойдутугар, Тиит Арыыга, куораттан сынньана тахса сылдьан, Халыма үрэҕэр, Ыарҕалаахха, кустуу таарыйа төрөөбүт өтөҕүн көрөөрү, түөрт көс сири сарсыардаттан сатыы хааман тиийбит.

Киэһэ хараҥарыыта өтөҕөр тиийбит. Аара баран иһэн бытыылка арыгытын барытын иһэн кэбиспит. Тиийэн хонор киһи быһыытынан көннөрү аһаан баран, ам­паар­га утуйа киирбит. Наара ороҥҥо от тэлгээн сыппыт. Егор тыатааҕы баар буолуохтаах диэн дьааххана саныыр эбит. Ол иһин биир уостаах саатын, табахтаах испиискэтин аттыгар ууран сыппыт. Арай утуйа сыттаҕына, биир эмээхсин киирэн кэлбит уонна: “Оо, бу киһи суорҕана суох сытар эбит”, — диэт куобах суорҕанынан саппыт. Куобах суорҕан сылааһыгар таттаран нухарыйан эрдэҕинэ, эмискэ муус маҥан баттахтаах оҕонньор киирэн кэлбит. Оҕонньор улаханнык кыыһыр­быт курдук: “Тоҕо бу уолу суор­ҕанынан саптыҥ, кинини манна бу түүн хоннорбоппун!” – диэбит уонна атаҕыттан сууллары тардан түһэрбит. Егор төбөтүнэн истиэ­нэҕэ баран түспүт, нэһиилэ туран, ааны олуурун төлөрүтэн, таһырдьа ойон тахсыбыт уонна хабыс-хараҥаҕа сирэйин хоту сүүрэ турбут. Сүүрэн иһэн өйдөнөн тохтуу түспүт уонна, баҕар, эһэ баара буолуо диэн, өтөҕөр төннүбүт. Соһуйбутун аһаран баран, ампаа­рыгар киирэн, саатын, табаҕын, испиискэтин ылбыт уонна таһыр­дьа тахсан табахтаабыт. Баҕар, түһээн баттаппытым буолуо диэн, ампаарыгар киирэн хат утуйбут. Бу сырыыга саатын иитэн бэлэм сыппыт. Ол сытан, хараҕын симтэр эрэ ампаар өһүөтүн диэкиттэн киһи илиитэ быган кэлэр үһү. Онтон куттанан, хараҕын астаҕына сүтэн хаалар эбит. Ол курдук, түүнү быһа сордообут. Егор ык­­саан, хабыс-­хараҥаҕа, эһэттэн куттана-­куттана, икки көстөөх Үс Көлүйэ диэн сиргэ барбыт. Сарсыарда хал­лаан сырдыыта кэлэн, кэбиһии­лээх от үрдүгэр тахсан хоммут. Егор, төрөөбүт өтөхпүн аһаппаккабын, иччилэрэ үүрэн турардаахтар диэн кэп­сиирэ.

Василий Аргунов,

2006 сыллаах “Эдэр саас” хаһыаттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0