Хараҥа хос. Мээнэ саҥарбыта тиийбит.

Бөлөххө киир:

1948 сыл быhыылааҕа. Бу түбэлтэ мин 10-чалаах эрдэхпинэ буолбута. Оччолорго убайым аахха, Араҥастаахха олорорум. Туруорбах ампаар дьиэҕэ икки ыал дьукаахтаhан олорбуппут. Дьиэ саала курдук кэнэс хоhугар билиитэ оhох турара. Ол хоско холкуос суотчута Пуд Кондаков диэн сааhыра барбыт киhи балтын кытта иккиэйэҕин олорбуттара.

Ол сыл кинилэр улахан баҕайы кур оҕус идэhэлэммиттэрэ. Онтуларын хойут, тымныы баҕайыга, дьиэҕэ oлoрoн астаабыттарын өйдүүбүн. Онно биhиги, оҕолор, аска тиксэн үөрүүбүт улахана. Оччотооҕу оҕолор эти уокка үтэн, үөлэн, араастаан сиэн, абыранан турардаахпыт. Арай сааhыары соҕус биир күн, борук-сорук буолуута, арыый кырдьа барбыт эр киhи киирэн кэллэ. Биhиэхэ, аан дьиэҕэ киирэн чэйдээтэ. Ол кэннэ киhибит ороҥҥо кэтэх тардыстан, сытынан кэбистэ. Саҥаhым Пуд балта Зоялыын күөстэрин өрөн баран, хотонноругар таҕыстылар. Пуд бэйэтэ кэлэ илигэ. Биhиги, туора киhини көрбөтөх оҕолор, ыалдьыт хас хамсаныытын манаhар курдукпут. Дьоммут хотонноругар тахсыбыттарын кэннэ киhибит туран, саала хоско ааhан, күөс буһа турарын өҥөйөн көрдө. Ол икки ардыгар Пуд тиийэн кэллэ. Ыалдьыппыт ороҥҥо сытар этэ. Пуд «киhи баар ээ» диэн тугу да саҥара, кэпсэтэ барбакка, быhа хоhугар ааhа турда. Хотонтон дьоммут киирэн, аhааhын буолла. Ыалдьыппыт туран саалаҕа киирдэ. Сотору соҕус буолан баран таҕыста: «Дьэ, дьон да бөҕө буолаллар эбит… Ыйдаран-ыйдарын кэлбитим…» – дии-дии, биhиэхэ аhыы олордо. Ол кэмҥэ Пуд хоhуттан тахсан, оhох иннигэр сис туттан туран, ыалдьыт хантан сылдьарын, туох докумуоннааҕын туоhуласта. Онуоха: «Сунтаартан сылдьабын, бу Ньурбалаан иhэбин», – диэн баран куулун хаста. Онуоха Пуд: «Туох-туох киhи кубулуна сылдьарын биллибэт», – диэн баран, саала дьиэҕэ киирэн, аанын «лип» гына саптан кэбистэ. Онуоха ыалдьыт киhибит: «Ыал булан хонобун дуу, суох дуу, таhырдьа үлүйэн өлөбүн дуу», – диэн ытамньыйар куолаһынан саҥара-саҥара тахсан эрдэҕинэ, убайым аах улахан кыыстара сарылыы-сарылыы ытаата. Онуоха тахсан иhэн, кэннин хайыhан туран: «Ити оҕо хойут киhи буолуоҕа», – диэтэ. Арааhа, билигин санаатахха, саҥаhым «хаал» диэри гынан баран, ыалыттан куттаннаҕа буолуо. Ол күн убайым тыаҕа бултуу барбыта. Убайым аах тастарыгар Дьарааhыннаах диэн ыал олороллоро. Сарсыарда кинилэр хамначчыт кыыстара киирэн кэпсээтэ: «Мантан тахсыбыт киhи биhиэхэ хонно. Олох утуйбата. Түүнү быhа Пуду кыраан хонно», – диэтэ.

Ол сыл Пуд кэргэннэммитэ. Кэргэнин аата Кисиэнньэ диэн этэ. Пуд өр буолбатаҕа, хараҕынан ыалдьан, көрбөт буолан хаалбыта. Ол күһүн кэргэнэ ыарахан буолбута. Ол эрээри, Пуд ол оҕото төрүү илигинэ, кыhын өлбүтэ. Мин кинилэргэ ыалдьыттыы тиийбиппэр, бэлиэр олорор оҕо буолбут этэ. Арай биир киэhэ Кисиэнньэбит соһуччу ыарыйда. Тоҥ да тоҥ, бабыгыраа да бабыгыраа буолбутун өйдүүбүн. Онтон устунан мэнэрийэн киирэн барбыта. Биhиги, оҕолор, куттаныы бөҕө. Иhиттэххэ, бокуонньук аҕаларын үөрэ киирбит этэ. Саамай интэриэhинэйэ: «Оҕобун тоҕус ыйыгар көрөрүм дуу, суоҕа дуу», – диэн эппитин өйдөөн хаалбыппын. Дьиҥинэн, Кисиэнньэ улахан хомуньуус дьахтар этэ. Ол гынан баран итинник дьиктитик мэнэрийбититтэн бары соһуйбуппут. Ол саҕана эмээхситтэр, саастаах дьахталлар үгүстэрэ да мэнэрийэр буолаллара. Ону тоҕо эрэ улахаҥҥа уурбат этибит. Ити мэнэрийбитэ иччилээх курдук буолбута. Кисиэнньэ барахсан оҕото биирин да туолуон иннинэ, сэбиргэхтэтэн, өлөн хаалаахтаабыта. Оттон, били ыалдьыт «киhи буолуоҕа» диэбит кыыhа ыарыhах баҕайы оҕо этэ. Кэлин улаатан, кэргэннэнэн, 8 оҕоломмута. Оҕолоро бары, анаабыт курдук, ыал бастыҥа, дьон кэрэмэhэ буолбуттара. Билигин кырдьан олорон санаатахпына, бу түбэлтэ мээнэҕэ буолбатах эбит. Оҕолор уонна улахан да дьон, кырдьаҕас киhини үлүбээй саҥараллара сэрэхтээх. Араас кырдьаҕас баар буолар эбит. Чахчы даҕаны, кырдьаҕастарбытын ытыктаан, бочуоттаан, өйдөөн сылдьарбыт ордук. Киhи күннээҕинэн олороро сыыhа. Киhи барыта кырдьар-бохтор аналлааҕын умнумуохха.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0