«Саха сирэ», «Эдэр саас» хаһыаттарга урут тахсыбыт матырыйааллары салгыы бэчээттиибит. Бу сырыыга 90-с сылларга тахсыбыт «Көстүбэт киһи» туһунан Сунтаар Кутанатыттан Г. Иванов суруйуутун таһаарабыт.
Көстүбэт киһи
Көстүбэт киһи туһунан араас сирдэргэ тус-туһунан сэһэни суруйбуттара. Мин бэйэм 1928 сыллаахха истибит кэпсээммин суруйаары гынабын. Мин аҕам билсэр дьоно Өлүөхүмэҕэ айаннаан иһэн икки киһи хоммута. Кинилэр Ньурба оройуонун Бэстээх нэһилиэгин дьонноро этилэр. Киэһэ утуйаары сытан кэпсэтии буолбутугар аҕам: «Ити эһиэхэ көстүбэт дэриэтинньик баар курдук кэпсэтэллэр, ону билэҕит дуо? — диэбитэ. Онуоха: «Ээ ити кырдьык баар буолан биир баай ыалга дьиэлэнэ сылдьыбыт, «аллараа оҕонньор уола Ньыыкан Арамаанап диэммин, хара испииһэк оҥоробун» диэн чулааннаах дьиэҕэ саһан олорон сурук суруйар, кумааҕы арыйар тыаһа иһиллэрэ үһү. Кини ойоҕо бииргэ сылдьыһан аһын астыыра үһү. Ньыыкан ыраас үрүҥ таҥас бэлэнньиктээх бигэ таҕа илиитэ бэгэччэгэр эрэ диэри көстөрө үһү. Күнүс «бардым» диэн тахсарыгар өһүө баһынан куру кууһурҕатар курдук тыаллаах барар, кэлэригэр эмиэ оннук тыаһаан кэлэр эбит. Атын туох да куһаҕаны оҥорботун иһин ол дьиэлэнэр ыалыгар сылдьаллар эбит. Сорох күүстээхпит дии сананар дьон дорооболоһон баран тардан киһитин көрүөхпүт дии санаан кэлэллэрин эрдэттэн таайан «Тардан көрөр санаалаах кэллиҥ дуо?», диэн быһа салыннаран ким да тардан көрбөтөх. Ол бу сүтүктээх ыаллар сүтүктэрин ыйыттахтарына ханна баарын, сытарын ыйан биэрэр үһү. Ол ыалга сыл курдук үчүгэйдик олорбут. Кинини дьиэлээбит ыал чугастарыгар бырааттара, ыал киһи баара үһү. Ол киһи убайын мөҥүттэрэ, «абааһыны дьиэлээн аһатан айгырата олорор. Мин буоллар үүрүөм этэ, ииги-сааҕы аһатыам этэ», диирэ үһү. Саас көтөр кэлиитэ дьиэтин таһын уутугар иккитэ хаас кэлэн түспүтүн ытан ылан үөрэн-көтөн күөстэммит. Хааһын хоторон аһаары иһиккэ укпута этэ саах, миинэ иик буолан хаалта үһү. Онон ким да кыбыстан куһаҕаннык саҥарбат буолбуттар. Ыалыттан араҕан барыытыгар: «Соҕуруу нэһилиэктэргэ испииһэкпин суруйа барабын», диэн барбыта дииллэр. Ити кэмҥэ биһиги оройуоммутугар урукку Ииттэкээн нэһилиэгэр эмиэ дэриэтинньик олохсуйбут үһү диэн сурах баар буола сылдьыбыта. Итинник сураҕы утаран советскай былаас саҕана «сымыйа буолуо, «Хара кыталыкка» суруллубут хос куоластаах Хобороос кубулунан дьахтар уонна эр киһи саҥатын толорон сылдьыбытын этэллэр ини», — диэн суруйа сылдьыбыттара.
«Саха сирэ» хаһыат, 1990-с сыллар
Хаартыскаhttp://igorod.sakha.ru