Хараҥа хос. Иинтэн көмө кэлбитэ.

15.04.2018
Бөлөххө киир:
Бу түбэлтэ 2005 сыллаахха буолбута. Биир үтүө күн бииргэ үөрэммит кыыспын Маайаны, билигин 50-ча саастаах дьахтары, уун утары көрсө түстүм. Көрсүбүччэ олохпутун-дьаһахпытын сэлэстибит. Онуоха кини кэргэнэ аһыы утахха ылларан, «уулаабыта» хаһыс да күнэ буолбутун тулуйумуна кэпсээн биэрдэ. Иһээччи кэргэниттэн кэлэйэн, кини миигиттэн маннык диэн көрдөстө: «Иһээччи киһи тута сылдьыбыт бытыылкатын бокуонньук уҥуоҕар уураллар үһү. Үлэбэр нуучча дьахтара итинник сүбэлээтэ. Ону эн кылаабыһаҕа илдьэн, ханнык эмэ бокуонньук уҥуоҕар уурбаккын ээ… Көмөлөс эрэ«. Мин бэйэбин хорсун киһинэн ааҕынар бэйэм, бу сырыыга тоҕо эрэ дьулайа санаатым. Ол сахаларга нууччалар үгэстэрэ дьайар үһү дуо? Сымыйа кэпсээн ини дии санаатым. Ол эрээри, эргитэ санаан көрдөхпүнэ, арыгы диэн аһы нууччалар аҕалбыттара. Онон дьайыан даҕаны сөп курдук. Ону-маны эргитэ санаан баран, бииргэ үөрэммит кыыспар көмөлөһөр баҕаттан, сөбүлэстим. Дьиҥинэн, күтүөт киһи Гена оннук куһаҕан киһи буолбатах этэ. Өйдөөҕөр ааттаах суоппар, механик, үлэни үөһүттэн тутар киһи. Арай ити иһэн кэбиһэр идэлээх, онто кэнники кэмҥэ өссө чаастатыйда быһыылаах.

Этиллибит күҥҥэ Маайаттан тиийэн биир бытыылка арыгыны ыллым. Бытыылкаҕа Маайа «Гена айыыта-харата сотулуннун!» — диэн суруйбан кэбиспит. Испэр төһө да күлэ санаатарбын, кылабыыһаҕа тиийэрбиттэн саллабын. Куораттан чугас баар Бүлүүлүүр суол кылаабыһатыгар тиийдим. «Ычча да, киһи анала диэн — быстах да буоллаҕа… Бары маннык дьылҕаланар эрээри, арыгы иһэн эбии буорайабыт», – диэн араас санаалар төбөбөр охсуллан аастылар. Дьон уҥуохтарын кэрийэ, мээнэ хаама сырыттым. Сорохтор эрдэ да суорума суолланаллар эбит. Арыгыттан буолаахтыа ээ, бука. Ханнык уҥуохха хаалларарбын тала сатыы сырыттым. Эдэр дьон уҥуохтара көмөлөспөттөрө биллэр, бэйэлэрэ араастаан ыалдьан, үгүстэрэ арыгыттан сылтаан өлбүттэрэ буолуо. Арай ханнык эрэ чөл олохтоох, саастаах киһи уҥуоҕа көмөлөһөөрөй? Тэйиччи соҕус биир саҥардыы көмүллүбүт уҥуохха чугаһаатым. Геннадий Иванович (араспаанньатын суруйбаппын) диэн киһи уҥуоҕа эбит. Хаартыскатын көрдөххө бэрт холку, саастаах соҕус нуучча киһитэ көрөн олорор. Санаабар: «Бытыылкаҕын манна хааллар!» — дииргэ дылы. Мин «Генаҕа Геннадий диэн киһи көмөлөһөөрөй» дии санаат, арыгылаах бытыылкабын ол киһи уҥуоҕун билиитэтигэр ууран кэбистим. Онно сөп буолбатым. Аны бэйэбин боруобалыырга сананным. Табахтыыр куһаҕан дьаллыкпыттан араҕаары эрэйдэммитим сүүрбэччэ сыл буолла. Онон аны биир хаа табахпын таһааран, бытыылканы кытта сэргэстэһэ ууран кэбистим. Дьэ, сорукпун толорбут киһи быһыытынан дьиэбэр бардым.

Ол кэнниттэн Маайа кэргэнэ Гена арыгы иһэн бүппүт үһү диэн сурах иһиллибитэ. Мин онно итэҕэйбитим. Тоҕо диэтэххэ табах диэни тардыбатаҕым хаһыс да сыла буолла. Тардыахпын букатын баҕарбаппын даҕаны уонна бу сиргэ тыыннаах, чөл салгынынан тыына сылдьарбын туохтааҕар да астынабын. Ама, бокуонньук көмөлөспүтэ буолуо дуо?..

Владилен

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0