Хараҥа хос: «Эрэйдэнним даҕаны»

Бөлөххө киир:

Биир ыал оскуоланы  бүтэрэр саастаах кыыстара ыалдьан өлбүтүгэр «Кыыспыт быйыл оскуоланы бүтэриэхтээх этэ, онон баалга кэтэр мааны былааччыйатынан бараахтаатын» диэн сүрдээх үтүө-мааны былааччыйаны, атаҕар үрдүк хобулуктаах  түүппүлэни кэтэрдэн көмпүттэр.

edersaas.ru

Аҕыйах хонон баран кыыс ийэтин түүлүгэр киирэн эппит: «Ийээ, тоҕо итиччэ үрдүк хобулуктааҕы кэтэрдибиккит эбитэ буолла. Эрэйдэнним даҕаны. Анараа дойдуга  хобулугум үрдүгэ бэрт буолан кыайан хаампаппын, атаҕым олус сылайар. Ийээ, мин эйиэхэ биир көрдөһүүлээхпин. Бу сотору Н. (уулуссатын аатын эппит) уулуссаҕа Н. диэн ыаллар оҕолоро, Н. чыыһылаҕа манна кэлиэхтээх. Кинини күүтэ сылдьаллар. Бука баһаалыста, бу оҕонон  били куруук кэтэр намыһах хобулуктаах хара, килбэчигэс  лаахтаах түүппүлэбин ыытаарыҥ эрэ».

Ийэ киһи долгуйан, муодарҕаан, ол ыалга ээр-сэмээр билсэ тиийбит. Тиийбитэ, дьиэлээхтэр оҕолоро ыалдьан арбы-сарбы олороллор эбит. Ийэ түүлүн туһунан туга да быктарбатах.

Арай, били оруобуна кыыһа эппит чыыһылатыгар ыалдьыбыт оҕо өлөөхтөөбүт. Ийэ аһыылаахтарга барбыт. «Мин кыыһым соторутааҕыта өлбүтүн билэҕит. Оҕом эрэйдээх көмүллүбүтэ аҕыйах хонон баран, түүлбэр көстүбүтэ», — диэн түүлүн кэпсээбит уонна көрдөһүүтүн эппит.

«Туох диэн баалыахпытый, биир тэҥ аһыылаах дьон буоллахпыт, туох диэн көҥөнүөхпүтүй. Оҕоҥ көрдөспүтүн курдук, оҕобут атаҕын анныгар  уган ыытыаҕыҥ», — диэн түүппүлэни хоруопкаҕа уган, оҕону көмпүттэр.

Көмпүт күннэригэр ийэ түүлүгэр кыыһа эмиэ тиийэн кэлбит.  «Ийээ, барахсан дорообо! Түүппүлэбин туттум, наһаа үөрдүм. Дьэ абыранар буоллум, баһыыбаларыҥ. Чэ, аны эһигини хаһан да аймыам суоҕа. Быраһаайдарыҥ«, — диэбит. Онтон ыла хаһан да түүлгэ көстүбэтэх.

«Эдэр саас» хаһыаттан, 1998 сыл

Хаартыска: https://proza.ru/2018/10/22/1221

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0