ХАРАҤА ХОС: Дууһа муҥа-соро тиийэр…

Ааптар: 
20.11.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Күһүөрү сайын сайылыктан 12-лээх 13-тээх уол  сирдээн тимирбитэ, халлааннаан көппүтэ биллибэккэ, ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ.

Сүппүт тиһэх күнүгэр уолу биир уһун соҕус уҥуохтаах, эриэн кууркалаах уол  ыҥыран ылбытын уонна иккиэн  куораттыыр суолунан бара турбуттарын эрэ, эмиэ бэйэтин кытта саастыы, фермаҕа учуотчуттуу сылдьар уол көрбүт. Улуус, нэһилиэк дьоно бары тыаны тараахтаан, күөлгэ-үрэххэ муҥханан көрдөөбүттэрэ да, туһа тахсыбатаҕа, уол көстүбэтэҕэ.

Ол көрдүүр кэмнэргэ  биир учуутал түүлүгэр сүппүт Коля киирэн кэлбит уонна «Миигин учуотчук Миша  өлөрбүтэ» — диэбит. Ол уол оскуола бастыҥ үөрэнээччитэ, активист бэрдэ этэ. Учуутал оскуолаҕа кэлэн түүлүн туһунан  бииргэ үлэлиир дьонугар кэпсээбитигэр: «Эс, ама, оннук буоллаҕай, аньыы даҕаны. Коляны тиһэҕэр учуотчук уол көрбүт буолан кинини түһээтэҕиҥ буолуо», — дэспиттэр.  Ол онон ааспыт. Сүппүт уол көстүбэтэх.

Сайын буолар, Коля аҕата атынан көрдүүр да, оҕо көстүбэт. Ол курдук биир сайын ааһар. Иккис сайын ааһар…

Миша тохсус кылааска улуус киинигэр үөрэнэ киирэр, интэринээккэ олорор. Интэринээт оҕолоро киэһэ мустаннар араас түбэлтэлэри кэпсэтэллэр. Онно сүппүт Коля туһунан Мишаттан эмиэ ыйыталаһаллар. Миша ити түбэлтэни бэйэтэ да дьиибэргиир. Онус кылааска тахсан баран Миша көрдөөх-нардаах, кэпсээннээх-ипсээннээх бэйэтэ наһаа уларыйар, саҥарбат-иҥэрбэт, түүнүн куруук баттатан эрэйдэнэр буолар.

Сыллар ааһаллар. Оҕо сүппүтэ бэһис сылыгар дьэ өлүгэ көстөр. Коляны алҕас өлөрбүтүн уонна  сымыйанан кэпсээбитин Миша бэйэтэ милииссийэҕэ билинэр.

Ол маннык буолбут. Уолаттар сайылыкка сыал ыта оонньообуттар. Миша ытан эрдэҕинэ, Коля алҕас киирэн биэрбит. Хомурҕаныгар ытыллыбыт, өйүн сүтэрбит уолу Миша кутталыттан «өллө, киһини өлөрдүм» дии санаан быраҕыллыбыт ампаар дьиэҕэ соһон аҕалан бөҕүнэн туолбут омуһахха түһэрбит. Таһааран көрбүттэрэ, биэс сыл итиннэ сыппыт өлүк диэтэххэ, омуһах муустаах буолан сытыйбатах. Медэкспертиза хомурҕаныгар ытыллыбыт оҕоҕо сонно медицинскэй көмө оҥоһуллубута буолар, тыыннаах хаалыа эбит диэн түмүктээбит.

Коля киһилии харайыллыбакка, ийэ буорун булбакка, дууһата сир халлаан икки ардыгар мунан төһө эрэйдэммитэ буолуой?! Туох куһаҕан дьайыы барыта сэттээх-сэмэлээх буолар. Өлбүт оҕо дууһатын муҥа-соро алҕаска өлөрбүт уонна кистээбит уолга эмиэ тиийдэҕэ. Миша түүлүгэр Коля хаан-билик буолан куруук: «Билин! Билин! Билин»,- диэн кинини тобулу көрбүтүнэн субу тиийэн кэлэрэ. Миша сайын аайы сайылыкка көһөн кэллэхтэринэ, санаатыгар оҥорбут буруйун боруостаан тыыннаах киһиэхэ курдук куруук киэһэ кистээн бүлүүһэҕэ ас таһааран ампаарга уурар үгэстээх эбит…

Коля киһилии көмүллүбүтэ. Оттон Миша санныттан ыар сүгэһэри түһэрбиттии чэпчээбитэ.

«Эдэр саас» хаһыат, «Хараҥа хос», 1993 сыл

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
1