Былырыын Саҥа дьылга аһара арыгылаан дьоммуттан мөҕүллэн, тыаҕа сылгым базатыгар бостууктарбын көрө барар буолбутум. Сарсыарда маҕаһыынтан баран өйүө бөҕөтүн ылан, санаам көтөҕүллэн, эбиэт саҕана ыҥыырдаах атынан айаммар туруннум.
Киэһэ 8 чаас саҕана алааспар киирэн иһэн кыратык салла санаатым. Дьиэ-уот суох, ыт үрбэт, «баҕайылар ханна баран хаалбыттарай?» – дии-дии дьиэҕэ киирдим. Оһох оттуллубатаҕа хас да күн буолбут. Иһирдьэ тоҥ – хаһаа. Фонарикпынан кылатан оһох иннин көрдүм, биир да хардаҕас мас суох.
Кыйытта-кыйыттабын ампаарга тахсан мотуору собуоттааттым. Дьэ, дьиэм иһэ-таһа барыта сырдыы түстэ! Уоту көрөн куттаммытым син ааста. Таһаҕаспын киллэрэн баран, остуолга сурук сытарын көрдүм. «Биһиги арҕаа үрэх үүтээнигэр баарбыт, сылгыларбытын Хатыҥнаах алааһыгар илдьибиппит» – диэн.
Мин өр толкуйдуу барбатым, онно ыстаннардым. 5-6 км курдугу атым, омук ата буолан, хаамар диэни билбэт, түргэн үлүгэрдик, биир чаас курдугунан тириэртэ. Сыппытын ылан ыт ыраахтан үрдэ, киһи тахсан, аанын аһан өҥөйөн көрөн баран, төттөрү киирдэ. Аппын баайан баран үүтээҥҥэ киирдим. Киһим соҕотох эбит, иккиһэ буранынан капкааннарын көрө барбыт, сарсын кэлиэхтээх үһү. Тото-хана кыыл этин сиэн, табахтаан, аппын тахсан далга ыытан эҥин баран, киирэн сыттым. Оннук сытан устунан утуйан хаалбыппын.
Арай уум быыһынан иһиттэхпинэ, ким эрэ кыланар, ытыыр курдук, ол быыһыгар эмиэ даҕаны ыт үрэрэ иһиллэргэ дылы. Онтон эмискэ уһуктан кэллим. Киһим хаһыытыыр, ыт үүтээн тула үрэ-үрэ сүүрэ сылдьар эбит! Дьоннорум иккиэн арыгылаан баран охсуспуттар дии санаат, ойон турдум. Фонарик ылан, тулабын тыктаран көрдүм. Арай киһим үүтээн ортотугар хараҕын тиэрэ көрөн баран, сирэйэ барыта сыраан, икки илиитигэр быһахтаах олорор эбит.
«Бу киһи иирбит быһыылаах»— диэтим даҕаны, тэбэн түһэрдим. Быһахтарын былдьаан ылан, наара орон анныгар бырахтым. Ыт тохтообокко үрэрэрэ иһиллэр, быыһыгар ырдьыгыныыр эҥин. Онтон хаарга атах тыаһа иһилиннэ. Сарсын кэлиэхтээх, бурааннаах киһи кэллэҕэ буолуо дии санаатым. Мин ааны өҥөйөн көрдүм, киһи баара көстүбэккэ дылы. Ыт үрэрэ, дьэ, тохтоото. Дьэ, онтон өйбөр киирдэ: хаары көрбүтүм, бураан суола даҕаны суох. Хайдах эрэ этим тарта.
Аны ытым ынчыктаан барда, олох атахпыттан арахсыбат. Аны хараҕым хайдах эрэ эргэ өтөх диэки тардар. Тыктаран көрбүтүм, арай туох эрэ турар. Фонарикпын арааран кэбистим да. Уу-чуумпу. Ытыс таһынар хараҥата. Санаам буолбата. Иккистээн тыктардым – туох да суох. Хараҕым иирэр быһыылаах диэн, киирэн сыттым. Өр буолбата, ытым эмиэ үрэн киирэн барда. Туохха эрэ саба түһэр курдук, ол быыһыгар ынчыктаан ылар. Мин наадыйбатаҕа буола сытаммын, утуйан хаалбыппын.
Сарсыарда бураан тыаһыттан уһугуннум. Үүтээммит сойон хаалбыт. Анараа киһим эмиэ уһуктубут эбит, оһох отто олороро. Киниттэн ыйыталастым: «Хайа, бэһэҕээ туох буоллуҥ? Түүн айманаҥҥын утуппатыҥ дии» – диэтим. «Ээ, суох, аһары итирбиппин» – диэн эппиэттээтэ.
Бурааннаах киһи киирэн баран миэхэ: «Ноо, атыҥ куһаҕан баҕайытык сытар, тахсан көр» – диэтэ аны. Мин сүрэҕэлдьии-сүрэҕэлдьиибин: «Утуйа сытара буолуо», – диэтим. Анараа киһим туруорсубуттуу «таҕыс-таҕыс» диэн эттэ. Арай тахсан көрбүтүм, атым түөрт атаҕын төрдүөннэрин үөһэ тэбэн баран, өлөн сытар эбит. Былыр үйэҕэ тоҥон бөһүйбүт эбит. Дьиктитэ, атым хараҕын ким дуу, туох дуу тэспит этэ. Маҕан төбөтө барыта кыа хаан буолбут. Дьоммун хаһыытаан ыҥырдым. Дьонум тахсан айманнылар аҕай. Ыт түүнү быһа үрбүтэ диэн кэпсээтим, ыппытын ыҥыра сатаатыбыт да суох. Көрдөөһүн буолла. Ыппыт аны өтөх кэннигэр ат курдук өлөн сытар эбит. Эмиэ хараҕа тэстибит…
Үүтээҥҥэ киирэн баран киһибин ыххайдым: «Эн бэһэҕээ быһахтаах олорор этиҥ! Эн өлөрбүтүҥ буолуо! Билин!» – диэтим. Киһим куттанна аҕай, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии кэпсээтэ. Түүн чэпчэтинэ таһырдьа тахсыбыт. Арай муода баҕайы туман утары көтөн кэлбит даҕаны, түҥнэри анньан түһэрбит. Үүтээҥҥэ олох киллэрбэт үһү. Чаас кэриҥэ туохтуун охсуһарын билбэккэ буккуллубут. Ыта салгыҥҥа көтө сылдьар үһү. Аны тыына хаайтаран киирэн барбыт, хараҕа аһыйбыт, үс миэтэрэ курдук үрдүккэ салгыҥҥа өрө көтөн тахсыбыт уонна үүтээн ааныгар баран охсулла биэрбит. Кыл мүччү үүтээҥҥэ киирээтин кытта, ааҥҥа туох эрэ кэлэн тыастаахтык охсулла түспүт.
Туман үүтээн тула көтө сылдьар үһү. Дьэ, киирдэххинэ кэһэтиэм диэн, быһахтарын ылан маныы олорбут. Аны онно мин уһуктан кэлэммин, кинини тэппиппин. Онно биирдэ өйүгэр киирбит үһү. Утуйан туран баран, «горячкалаабыппын» дии санаабыт. Туох буолбутун көрөн баран, дьэ биррдэ, өйдөөбүт. Ол күн туманы маныы сатаабыппыт да туох даҕаны кэлбэтэҕэ. Ол туманныын охсуспут киһи бу күһүн, биэс тарбаҕын курдук билэр тыатыгар, сүтэн хаалбыта. Ый курдук көрдөөбүппүт тухары, өлүгүн даҕаны булбатахпыт.
Уйбаан.